Оҕуруоккар – доруобуйа кыладабыайа

11.10.2017
Бөлөххө киир:

Ханнык баҕарар киһи доруобай эрэ буоллаҕына, сүүрэр-көтөр, күлэр-үөрэр, үлэлиир-хамныыр, айар-тутар, быһата, биирдэ бэриллэр олоҕу толору олорор кыахтаах. Доруобуйа үгүс түбэлтэҕэ киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.

edersaas.ru


Былыр, үөрэх-билии сайда илигинэ, биһиги өбүгэлэрбит  төрүт астарынан, айылҕа тугу биэрбитинэн аһаан-таҥнан  олорбуттара. Ол иһин буолуо, ыарыы арааһа аҕыйаҕын бэлиэтииллэр.

Дьиҥэр, бэйэлээх бэйэбит кирээдэбитигэр үүнэр астарбыт олус улахан туһалаахтар. Холобур:

Хортуоппуй

Иккис килиэбинэн аатырар хортуоппуйга углевод, сыа элбэх. В битэмиин таһынан Д, РР, К, Е, Н, У, С бөлөхтөр киирэллэрин исписэлиистэр бигэргэтэллэр. Манна солбуллубат аминокислоталары, пектиннээх веществолары, макро уонна микроэлеменнэри эбэн кэбис. Быһата – доруобуйа кыладабыайа.

Хортуоппуй суога оһоҕоһу, куртаҕы үтүөрдэргэ бастыҥ эмп быһыытынан сыаналанар.

Суогун аһыаҥ чаас аҥаара иннинэ ыстакаан аҥардыытынан иһэр сөп. Ол кэнниттэн уон күн сынньанан баран, салгыы иһиллэр. Ити түмүгэр хортуоппуй суога куртаҕы эмтиир.

Америка учуонайдарын чинчийиилэринэн, сиикэй хортуоппуй хаҕар искэннээх килиэккэлэр үөскээһиннэрин тохтотор веществолар бааллара биллибит. Онон, хортуоппуй хаҕа эмиэ эмтээх.

Буспут хортуоппуй киһи организмыттан шлактары, тобохтору ыраастаан таһаарар биир бастыҥ ньыманан буолар. Сүһүөхтэрэ тууһурбут уонна полиартритынан ыалдьыбыт киһиэхэ үс күн устата «мундирынан» буспут 2-3 хортуоппуйу сииргэ сүбэлииллэр. Бу кэмҥэ атын аһылыгы аһыыр табыллыбат. Үс күн устата сарсыарда, күнүс, ­киэһэ паарга буспут хортуоппуйунан аһаатахха, сүһүөхтэри бэркэ ыраастыыр.

Диатезтаах оҕону хортуоппуй кырахымааллаах бааннаҕа олордоллор. Уу сылааһа 37 С буолуохтаах. 100 г кырахымаалы 10 л сылаас ууга кутуллар. Оҕону бааннаҕа 10-15 мүнүүтэ олордон баран, уутун соппокко, кырахымаал тириитигэр иҥэрин наадатыгар кылгас кэмҥэ олордуллар. Онтон оҕону бырастыынаҕа суулаан утутуллар. Сиикэй хортуоппуй суога организмы үчүгэйдик ыраастыыр. Бу суогу атын суоктары кытары булкуйан истэххэ, ас буһарыыта кэһиллиитигэр, ньиэрбэ ыарыыларыгар, инфарка уонна зобка үчүгэйдик көмөлөһөр.

Рационтан эт, балык бородуукталарын туоратан баран, моркуоп, огурсу, сүбүөкүлэ уонна хортуоппуй суогун күн ахсын иһэ сырыттахха, сотору кэминэн доруобуйаҥ тупсан барыаҕа.

Ону сэргэ, күҥҥэ 2-3 төгүл ыстакаан аҥаардыыта сиикэй хортуоппуй сүмэһинин (суогун) иһэ сырыттахха, куртахха, искэ-үөскэ олус туһалаах.

Моркуоп

Моркуоп былыр-былыргыттан саамай элбэх битэмииннээх аһынан биллэр.

Моркуопка атын оҕуруот астарынааҕар элбэх А битэмиин баар. Киниэхэ өссө С, В1, В2, В6, РР, Е, К битэмииннэр уонна киһи этигэр-хааныгар туһалаах калий тууһа, натрий, кальций, фосфор, магний, дьуот, тимир курдук минеральнай веществолар бааллар.

Өбүгэлэрбит моркуоп суогунан сүрэх, быар ыарыыларын, сөтөлү уонна саһарары эмтииллэрэ. Өссө стоматиттаах киһи айаҕын сайҕаныан сөп. Хойуулаабат буоллаҕына, моркуоп суога ордук көмөлөһөр.

1 остолобуой ньуосканы күҥҥэ үстэ иһэр сөп. Оттон бүөрүҥ уонна хабаҕыҥ тааһырдаҕына, моркуоп сиэмэтэ ордук көмөлөһөр эбит.

Үс остолобуой ньуоска моркуоп суогун 3 ыстакаан оргуйбут итии ууга кутан үчүгэйдик ититиллибит духуопкаҕа хонноруллар. Сарсыарда сиидэлээн баран биирдии ыстакаанынан күҥҥэ үстэ иһиллэр.

Күҥҥэ биир сибиэһэй моркуобу сиэтэххэ, киһи күннээҕи иммунитетын күүһүрдэр. Биир орто уһуннаах (быһа холуйан 18 см) моркуоп организмҥа 4 суукка устатыгар тиийэр А битэмиини биэрэр. Авитаминоз, инфаркт, стенокардия, уо.д.а. ыарыыларга быраастар төһө кыалларынан элбэх моркуобу сииргэ сүбэлииллэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0