Сааһын тухары агрономнаабыт Егор Егорович Ноговицынтан үүнээйини көһөрүү, олордуу саамай үгэннээн турар кэмигэр сүбэ-ама ыллыбыт. Кини теплицаны тоҕо соҕуруу аанныыры, арассааданы хайдах олордору уонна Саха сирин оҕуруоччуттарыгар аналлаах халандаар туһунан кэпсээтэ.
Теплица хайысхата
Оҕурсу
-Оҕурсу теплицатын хайысхата хотуттан соҕуруу буолара ордук. Аана соҕуруу хайыһар. Оҕурсу теплицатын үөһэнэн форточкалыахха (бордууһуналыахха) наада. Форточканы аһарга-сабарга күлүүккэҕэ майгылыыр хас да тоһоҕолордоох ураҕастанаҕын, онтуҥ бу бордууһунаҕар иилиллэр. Онон теплицаҕын иһиттэн сэгэтэн салгылатаҕын. Хайдах сэгэтэргиттэн көрөн, тоһоҕотунан иҥиннэрэн кэбиһэҕин. Бу туттарга сүрдээх табыгастаах.
Бордууһуна теплица илин өттүгэр оҥоһуллар. Тоҕо диэтэххэ, арҕааттан-хотуттан хаһан баҕарар тыала сөрүүн буолар. Итиэннэ, уопсайынан, форточканы улаханнык аспат ордук. Теплица иһигэр түөрт уонча-биэс уонча кыраадыска тиийэ сылыйдаҕына биирдэ, бордууһунатын сэгэтэр ордук. Парниковай эффект диэн баар буолуохтаах.
Теплица аанын куруук сабыылаах туруораҕын. Өскөтүн, бордууһуна суох буоллаҕына, аанын аһыахха сөп. Оччотугар аан үрдүк буолара ирдэнэр. Онтон ааны астахха, салгын күүскэ киирэрин хаххалыыр фанера, эбэтэр атын туох эмит баар буолуохтаах. Аан үрдүгэр үөһэнэн бордууһуна эрэ саҕа аһаҕас хаалларыллыахтаах.
Аны туран, оҕурсу арассаадата хайаан да биир ый буолуохтаах. Ол кэннэ көһөрөҕүн. Арассааданы буорга олордорго, саамай кылаабынайа, бу иннинэ олордубут арассаадаҥ буорун үөһэ өртүттэн кыра да буоллар (биир-икки да см буоллун) өндөччү хаалларыллыахтаах. Ол эбэтэр, өндөччү хаалларыллыбыт арассаада буора бу саҥа көһөрүллүбүт буоругар, теплица салгыныгар саатар биир-икки нэдиэлэ үөрэниэхтээх (адаптацияланыахтаах). Оҕурсу угун төрдүгэр быыкаа маҕан бөлтөркөйдүҥүлэр таҕыстахтарына, олору дьэ, теплица буорунан көмөн иһэҕин. Олор буорга киирэннэр силис тардаллар.
Оҕурсу адьас төрдүгэр кураанах буолуохтаах. Ууну үүнээйилэриҥ икки ардыларынан кутар ордук. Мас сыыһынан, хатырыгынан төрдүн тула сабаҕын (мульчирование оҥороҕун). Ол сииги көтүппэт.
Помидор
Помидор теплицатын эмиэ хотуттан соҕуруу оҥорор үчүгэй. Манна икки ойоҕоһунан салапаанын 20-25 см. уһун гына хааллараҕын. Бу уһун салапааны ис өттүгэр эрийэн теплица быһаҕаһыгар диэри хомуйан таһааран, икки өттүттэн быалаах тоһоҕоҕо иилэ тардан кэбиһэҕин. Оччоҕуна алларанан салгын киирэн курдат ааһар. Киэһэтин салапаанын сабан баран, хаптаһынынан баттатаҕын.
Помидор арассаадата икки ый курдук буолуохтаах. Ол кэннэ олордуллуохтаах. Помидору үчүгэйдик көрдөххө-иһиттэххэ, аһын бэркэ биэрэр. Биир киистэттэн алта сүүс-аҕыс сүүс кыраамы, биир уктан сайын устата аҕыс аҥар киилэни ылыахха сөп.
Биир сүрүн утаҕы уонна киниттэн икки ойоҕос лабааны эрэ хааллараҕын. Уга буоруттан сүүрбэччэ-отучча см ыраас, сэбирдэҕэ, ойоҕос лабаата суох буолуохтаах. Ууну оҕурсуутааҕар сэдэхтик кутаҕын. Нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ. Төрдө эмиэ кураанах буолуохтаах. Сибэккилиир кэмигэр угун хамсата сырыттахха, үчүгэйдик куоппаһырар.
Биэрэс
Биэрэс уустук үүнээйи. Саамай кылгас күннээх, эрдэттэн хараҥарар халлааннаах дойду аһа. Ол иһин, бу үүнээйи теплицатын күлүктээх сиргэ туруоруохтаахпыт. Киэһэ тоҕус чаастан хараҥардыллара ордук. Теплица арҕаа уонна хоту өттүн тыал-куус киирбэт гына бүөлээн, салапаанынан тардан кэбиһэҕин. Соҕуруу уонна илин өттүнэн эрэ аһаҕын. Биэрэс хараҥаны, ууну уонна сылааһы таптыыр.
Биэрэс арассаадата икки ый буолуохтаах. Аһара эрдэттэн арассаадалаан иһиккэ туруордахха, биэрэс да, помидор да силиһэ сап курдук эриллэр. Олордоргор быстан хаалаллар. Силиһэ быстыбыт үүнээйи улаханнык аһааҕырар, ыалдьар, өлөр. Онон үүнээйини барытын сөптөөх бириэмэтигэр таһааран олордор ордук.
Угар аллараа өттө 40 см диэри туох да суох оҥорон, сэбирдэхтэрин ылгыыгын. Аһын үөһэ өртүгэр биэрэр. Атырдьах ыйын бастакытыттан аһын кутан эрэр сибэккилэрин хааллараҕын. Оттон сабыс-саҥа тахсар сибэккилэрин быһыта тутаҕын. Оччоҕуна хаалбыт аһа-үөлэ атырдьах уонна балаҕан ыйын устата үчүгэйдик ситэр. Кылгас-кылгастык билиһиннэрдэххэ ити курдук.
Үүнээйини хайдах арассаадалыыры, көһөрөн олордору, бүөбэйдиири, о.д.а. ыйытыахтарын сөп. Сүбэ-ама биэрэбин.
Саха сирин оҕуруоччуттарыгар аналлаах халандаар
Оҕуруокка, киһиэхэ сыһыаннаах халандаары ылан көрөбүн. Манна халлаан ыйынан сирдэтэн оҕуруокка тугу гыныахтааххыттан саҕалаан, киһиэхэ тус бэйэтигэр тиийэ ыйынньыктааҕа улаханнык кэрэхсэттэ. Хаһан баттах кырыйтарыахха сөбө, ханнык эрэ кэрдиис кэм доруобуйаҕа хайдах дьайара, төрөөбүт бэлиэҕиттэн саҕалаан циклларынан туругуҥ уларыйан иһэрэ, о.д.а. сиһилии быһаарыллар. Егор Егорович кэпсиир:
— Бу агроном-почвовед идэлээх Петров Юрий Васильевич оҥорон таһаарбыт халандаара. Кини оҕо эрдэҕиттэн айылҕаны, күн-дьыл туругун болҕомтолоохтук кэтээн көрөн дьарыктаммыт киһи. Агроном буолан баран, айылҕаны кэтиирин өссө күүһүрпүт. Халлааны, сулустар хаһан кэлэн ханан баралларын, ый хаһан “өлөрүн”, хаһан туоларын, барытын кэтээн үөрэтэн, чинчийэн баран, бу Саха сирин оҕуруоччуттарыгар анаан халандаар оҥорор буолбута уонча сыл буолла. Биһиэхэ, Саха сиригэр, соҕурууҥҥулартан төрүт атын. Бу халандаарга киһи доруобуйатыгар ый дьайар күүһэ, үүнээйини, оҕуруоту көрүү-харайыы, олордуу барыта ыйыллар. Ол сиһилии быһаарыллар. Холобур, баттах кырыйтарар, бултуу-балыктыы барар табыгастаах күннэр бу ый халандаарынан араарыллаллар. Биһиги ону билбэт буоламмыт, араас сыыһалары-халтылары оҥоробут. Үүнээйилэри олордууга, көрүүгэ-харайыыга эмиэ оннук. Оннооҕор, сыыс оппутун кытта халандаарынан сирдэтэн, көрөн үргээтэхпитинэ, кэлин сыыс от тахсара бытаарар.
Аны туран, тустаан чуо киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннааҕы этэр буоллахха, төрөөбүт анал бэлиэҕинэн көрөн эмиэ туһанаҕын. Онно биэс циклга киһи энергията күүһүрэр, улаатар кэмэ. Онтон салгыы кэлэр алта циклга арыый кыччыыр, мөлтүүр. Биир цикл хайа да диэки хамсаабат (нейтральнай) кэм. Соннук салҕанан иһэр. Ити барыта киһи айылҕаҕа чугаһын быһыытынан итинник. Онон ити кэмнэри тутуһан, көрөн сылдьыахха наада.
Түгэнинэн туһанан эттэхпинэ, Сахабыт сирин оҕуруоччуттарыгар аналлаах халандаары ким сэргээбит, сэҥээрбит биһиэхэ үлэһиэхтэрин сөп.
Бионьыма туһата
-Эйигин уоҕурдуулаах оҕонньор диэбиттэрэ. Ол кистэлэҥҥин кэпсээ эрэ,- диэн ыйытабын.
Онуоха сэһэргэһээччим илдьэ кэлбит «ЭМ-технология», «Байкал ЭМ-1» диэн концентраттары о.д.а. араас туһалаах препараттары көрдөрөр.
— Арассыыйаҕа аан бастаан 2005 сыллаахха Бурятияҕа биоудобрение оҥорор собуот (“Байкал” собуота, “АРГО” хампаанньатын нөҥүө тарҕатыллар) аһыллыбыта. Онно бэйэм хаччыбар баран үөрэнэн сертификат ылан кэлбитим. Онон бу препараттар Саха сиригэр биһиэхэ эрэ кэлэллэр. Мин ону кэпсээччи, тарҕатааччы, оҕуруоттарыгар сүбэ-ама биэрээччи буолабын. Билигин хас да кинигэ таҕыста. Медицина наукатын дуоктара, профессор П.А.Шаболин киһи доруобуйатыгар аһылык туһалаах эрэ буолуохтаах диэн үлэлэһэн оҥорбут. Киһини сэҥээрдэрэ итиннэ сытар.
Тус бэйэм бу “Байкал” технологиятын туһаммытым ыраатта. Моонньоҕонум биир угуттан биир биэдэрэни ылабын. 10х10 сирбиттэн сыл аайы уоннуу куул хортуоппуйу хомуйабын. Атын да үүнээйилэрим үчүгэйдэр. Үүнээйим буорун уларыппаппын. Сыл аайы ноһуомун эрэ эбэн биэрэбин. Бу “Байкалга” баар туһалаах микроорганизмнар буорга кутуллубут ноһуомтан үүнээйигэ туһалаах убаҕас аһылык оҥорон биэрэллэр. Ол түмүгэр үүнээйи туох да химията (нитрата суох) суох, ыраас, киһиэхэ туһалаах ас-үөл буолан тахсар.
Үлэбин-хамнаспын сырдатан уонна оҕуруоччуттарга сүбэ-ама биэрэн, урут “Наше время” хаһыакка анал рубрикаҕа тиһиктээхтик тахсар этим.
Оҕуруоччут туһунан кылгастык
Егор Егорович Ноговицын Чурапчы Сылаҥыттан төрүттээх. Аҕата Егор Иванович Аҕа дойду улуу сэриитигэр сэттэ сыл сылдьыбыт. Ийэтэ Акулина Семеновна сэрии кэмигэр бастакы тырахтарыыһынан үлэлээбит. Сыралаах үлэтэ сыаналанан, 1947 сыллаахха Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Дьөгүөр быыкаа эрдэҕиттэн, дьиэ кэргэнигэр улахан уол аатын сүгэн, үлэҕэ барытыгар миккиллибит. Оскуоланы бүтэрээт, дьонугар көмөлөһөр туһуттан сопхуоска сүөһүгэ үлэлээбит. Армияҕа Приморьеҕа сулууспалаабыт. Бииргэ төрөөбүттэрэ бары атахтарыгар турбуттарын кэннэ, 1975 с. рабфакка бэлэмнэнии кууруһу бүтэрэн, Иркутскайга үрдүк үөрэххэ киирэн, агроном идэтин ылбыт.
Үрдүк үөрэхтээх эдэр исписэлиис Чурапчыга кэлэн хонуу биригэдьииринэн, кормопроизводство начаалынньыгынан, салгыы оҕуруот биригээдэтэ тэриллэн онно биригэдьииринэн үлэлиир. Онтон дьиэ кэргэнинээн Хаҥалас Өктөмүгэр көһөр. Манна Егор Егорович оҕуруот биригэдьииринэн, кормопроизводство начаалынньыгынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Кини Өктөм оҕуруоччуттарыгар биригэдьиирдиир кэмигэр, хаппыыстаны гааттан 450-нуу центнери, сүбүөкүлэни гааттан 200-250 цн., хонуу помидорун (аһаҕас грунтан) гааттан 300-350 цн, о.д.а. ылан үлэлэринэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибиттэр. Ол түмүгэр, оҕуруоччуттарын кытта ВДНХ-ҕа барар чиэскэ тиксибиттэр.
Онтон Егор Егоровиһы «Хачыкаат” сопхуоска ыҥыран кылаабынай агрономунан үлэлэтэллэр. Манна сир үлэтин наукаҕа тирэҕирэн ыыппыттарын түмүгэр үрдүк үүнүүнү ылбыттар. Холобур, хортуоппуй олордор сир 50 гааттан 180 гааҕа диэри кэҥэтиллибит. Үүнүүтэ 80 центнертэн 200 цн диэри үрдээбит. Туорахтаах культура үүнүүтэ 8 цн. 17 цн. диэри тиийбит. Саҥа оҕуруот биригээдэтэ, элбэх сыллаах оту үүннэриинэн дьарыктанар звено, сүөһү аһылыгын бэлэмниир (сиилэс) звено тэриллибиттэр.
1996 сылтан 2004 с. диэри Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрикаҕа кылаабынай агрономнуур. Онно оҕуруотунан дьарыктаныыларын тохтотуохтарыттан ыла, үс сыл бааһынай хаһаайыстыба тэринэн оҕуруот олордор. Онтон ол сирин ылыахтарыттан, тус бэйэтин хаһаайыстыбатынан дьарыктанар.
СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн баар үөрэтэр-курсовой комбинакка дуогабарынан уонча сыл лектор-преподавателлиир.
«Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, «СӨ спорт, физкультура сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт, чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ спордун маастара, Россия уонна Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэлэриттэн бочуотунай грамоталардаах.