Оҕуруотчукка быһаарыылаах кэм

03.08.2017
Бөлөххө киир:

“Атырдьах ыйа оҕуруотчуттарга саамай быһаарыылаах кэм. Ый бастакы күнүттэн биэрэһи, помидору быһыы-отуу саҕаланар. Ордук биэрэскэ уонна помидорга болҕомтоҕутун хатааҥ. Сибэккилэнэ илик салааларын быһан тохтотон кэбиһиҥ”, — диэн сүбэлиир сааһын тухары оҕуруокка үлэлээбит агроном, «Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ спордун маастара  Егор Егорович Ноговицын.


ОҔУРСУ

-Сайыммыт сылаас эрээри, оҕурсубут үчүгэйдик үүммэтэ диэччилэр быйыл элбэхтэр. Биричиинэтэ температура улахан араастаһыытыгар сытар. Күнүһүн сылыйан баран, түүнүн уонча эрэ кыраадыс буолар. Ити оҕурсуга сөрүүн. Оҕурсу түүн 14-15  кыраадыс сылаас буоллаҕына эрэ үчүгэйдик үүнэр. Онон өлгөм үүнээйини ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, күнүһүн тэпилииссэни үчүгэйдик салгылатыаххытын наада. Түүнүн кыратык тугунан эмэ сылытар ордук. Түүнүн сылааһы биэрэргитин холбоон баран, сарсыарда арааран кэбиһиҥ. Маннык ньыманан туһаныы, температура араастаһыытын кыччатар.

Оҕурсуга туттарга сүөһү сибиэһэй киитэ кыайан көстүбэт буоллаҕына, олус судургу сүбэ баар. Хонууттан даҕаны, оҕуруоттан даҕаны (холобур, помидор, оҕурсу, биэрэс, хортуоппуй, сүбүөкүлэ доруобай сэбирдэхтэрин. Хонууттан кучу, биэс салаалаах тымыр, дороххой, сыыс оттор, араас эрбэһиннэр, о.д.а.) оттору, сэбирдэхтэри хомуйан,  иһиккэ сылаас уу кутан оппутун көөнньөрөбүт. Уутун түгэҕэр кыра гынабыт, хаппахтыыбыт. Сөп-сөп оппутун чиҥэтэн, салгынын таһаарабыт. Оччоҕуна хас да күнүнэн күп-күөх өҥнөөх хааһы курдук маасса буолар. Бу маассаттан ылан 300-500 кыраамы биир биэдэрэ ууга булкуйан, оҕурсубутун аһатабыт. Манна даҕатан эттэххэ, оҕурсуну сотору-сотору уонна араас уоҕурдуунан аһатар туһалаах.

БИЭРЭС

-Биэрэскэ саҥа салаа тахсан сибэккилэнэрин, кыра сэбирдэхтэрин атырдьах ыйын бастакы күнүттэн эмиэ быһан тохтотобут. Сиппит сибэккини уонна кыра астааҕы хааллартыыбыт. Биэрэскитин үчүгэйдик көрбүт буоллаххытына, биир укка 25-30 устуука кыра ас баар буолуохтаах. Оччоҕуна, мантан күһүн, балаҕан ыйын 20-гэр диэри, итилэр ситиэхтээхтэр. Уопсайынан, помидору да, биэрэһи да нэдиэлэ аайы саҥа хос лабааларын көрөн ылан иһэҕит. Быспыт хос лабааҕыт аттыттан, эбэтэр төрдүттэн саҥа тахсары эмиэ тохтотоҕут. Ону ылбатаххытына, аһа ситэн биэриэ суоҕа.

Биэрэс аһа ситэр кэмигэр элбэх ууга, эбии аһылыкка наадыйар. Үстүү күн буола-буола биэрэскит икки ардыларыгар иккилии лиитэрэ уу кутуллар. Атырдьах ыйыттан уончалыы күн буола-буола, фосфорынан уонна микроэлеменнэринэн  (медь, железо, кальций, магний, марганец, уо.д.а.) хото аһатыллар. Бу аһа ситэригэр туһалыыр.

Өскөтүн бу кыаллыбат буоллаҕына мас күлүнэн аһатыллар. Холобур, күлү маарылаҕа суулаан баран, ону сахсыйан сиидэлээн үүнээйини тула ыһыллар. Онтон ол үрдүгэр уу кутуллар.

 ПОМИДОР

-Атырдьах ыйын бастакытыттан сибэккилэммит уонна оҕуруо курдук кыра астаммыт киистэлэрин эрэ хааллартыыгыт. Үүнээйигитин үчүгэйдик көрбүт-истибит буоллаххытына, умнаһыгар алта-сэттэ астаах киистэ баар буолуохтаах. Биир киистэ сибэккилэнэ туруон сөп. Аһын хомуйууга, помидору кыра да буоллаҕына, төһө сиппитин көрөҕүт. Помидор моҕотой эриэнин курдук буолбут буоллаҕына, күөх да, маҥан да, кыра да буоллун, хомуйаҕыт. Эриэннэммит буоллаҕына, ол аата сиппит, оччотугар итинтэн ордук улааппат. Онтон угар хааллардаххытына, кытарарыгар аһын былдьаһан, атыттар ситэллэрин бытаардар. Онон хомуйан күлүк, итии, кураанах сиргэ, хордуон дьааһыкка кытарда уураҕыт.

Бу ыйга помидору биэрэһи аһатарбыт курдук эбии аһатабыт. Уутун нэдиэлэҕэ биирдэ үчүгэйдик кутабыт.

ХОРТУОППУЙ — ИККИС КИЛИЭП

Сорох кэмҥэ наһаа ардахтаах буоллаҕына, хортуоппуйга атырдьах ыйын ортотуттан саҥа лабаа тахсар, сибэккилэнэр. Кыра сиргэ олордор дьон атырдьах ыйын 20-гэр угун (отун) үс гыммыттан  биирин, үөһэ өттүн быһан кэбиһиэххитин сөп. Саҥа лабаа таҕыста да, саҥа бытархай хортуоппуйдар үүнэн бараллар. Олор уу былдьаһаннар, атын аһа улаатарын бытаардаллар. Онтон  биһиги быйыл хортуоппуйу дэлэччи сиир туһуттан, эрдэ үүммүт  астарын ситэриэхпитин наада.

Маныаха быйыл үгүс улууска кураан буолла. От ыйын саҥатыгар уонна билигин ардах суоҕунан хортуоппуй улаатара бытаарда. Онон билигин хортуоппуйгут буорун 10-15 см дириҥҥэ тиийэ хаһан көрүҥ. Онно буора кураанах буоллаҕына, хортуоппуй буора түгэҕэр балачча дириҥҥэ диэри сиигирэрин курдук элбэх ууну кутуҥ. Халлааны кэтээн олорумаҥ. Кыра ардах үрдүн эрэ илитэр.

Эбии аһылыгы кирээккэлэр икки ардыларынан тарҕата кутуҥ. Ынах киитин (эргэни), компоһу (буору эбэтэр торфаны кытта сүөһү киитин, үүнээйи тобоҕун холбуу мэһийэн оҥоһуллубут уоҕурдуу) кирээдэлэр икки ардыларынан таммалатыллар уонна үрдүнэн уу кутуллар.

ХАППЫЫСТА

Хаппыыстаҕа “Завязь” диэн пакеттаах бороһуоктан биир улахан ньуосканы биир биэдэрэҕэ суурайан баран сэбирдэхтэрин кичэйэн ыстараҕын. Хаппыыста ууну таптыырынан, буора куруук сииктээх буоларын умнумаҥ. Ол гынан баран, чалбах курдук оҥорор сыыһа. Оннукка хаппыыстаҕыт төрдүн сытытыаххытын сөп.

Биири чопчу өйдөөҥ. Ууну кутуу, эбии аһатыы кэнниттэн, биир-икки хонон баран, хаппыыста тулатынааҕы буорун хайаан да көбүтүҥ. Бу сиигин тутарыгар уонна салгын киирэригэр наада.

Эбии аһатыыта судургу. Оҕурсуну аһатар курдук, ол эрээри уонча күҥҥэ биирдэ аһаттахха сөп буолар.

МООННЬОҔОН

Тиэргэҥҥитигэр олордубут моонньоҕоҥҥутун эрдэттэн бүөбэйдээтэххитинэ, үрдүк үүнүүнү биэриэҕэ. Холобур, «Хара кыталык» диэн алта-сэттэ сыл үүннэрбит моонньоҕоҥҥутун, саас эрдэ сүрүн лабаатыттан саҥа тахсар үнүгэһи (лабаа хонноҕо буолбатах, салгыыта) икки-үс киистэтин эрэ хааллараҕыт. Атыттарын быһаҕыт. Оччоҕуна салгыы уһуу-уһуу бара турбат. Оччотугар хаалбыт киистэлэр барыта астаналлар. Онтон тыа моонньоҕоно бэйэтэ төһө үүнэринэн турдун.

Эбии аһатабыт. Саас  сир ирэрин кытта, биир биэдэрэ ууга 500 кыраам ынах сибиэһэй киитин (ноһуомун) кутан булкуйаҕын, моонньоҕону аһатаҕын. Кураан сайын буоллаҕына, уончалыы күн буола-буола биирдии укка биирдии биэдэрэ ууну тулатыгар кутаҕын.

Саас эрдэ, хаар барда даҕаны, моонньоҕон  сэбирдэхтэрэ тахсыахтарын инниттэн, нэдиэлэ аайы биирдэ ыарыыны, үөнү-көйүүрү утары  охсуһар «ГуматЭм» диэн концентратынан ыстараҕыт. Ардах түспэт кэмигэр, сөрүүҥҥэ ыстарар ордук туһалаах. Эмтээһини ыарыы уонна үөн-көйүүр буулуурун кэтэспэккэ, эрдэттэн саҕалыыр ордук буолар.

Оҕуруоккутун көрүҥ. Үрдүк үүнүүнү ылыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0