Оһуохай түһүлгэтигэр ытык сэргэни туруордулар

Бөлөххө киир:

Бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи  Оһуохай уопсастыбатын чилиэттэрэ оһуохай ыытыллар саҥа миэстэтин ыраастаан субуотунньуктаатылар.

Быйылгы  ыһыахха Оһуохай түмсүүгэ уруккута күн тахсар сирэ бэриллибитэ. Эһиил куорат мээрийэтэ бюджекка көрөн, үп харчы көрүллэн, дьиэ-уот тутуллуо диэн эрэнэбит. Куорат мээрэ Е. Н. Григорьев түмсүүгэ  анал сири биэрбитэ хайҕаллаах. Анал ытык сири биэрбитэ убаастабыл бэлиэтэ диэн биһирээтибит.


Субуотунньук кэнниттэн Оһуохайбыт түһүлгэтигэр быйылгы үбүлүөйдээх сылбытынан ытык сэргэ туруордубут.

Алгыһы 95 саастаах Аар Дархан этээччибит Егор Михайлович Осипов оҥордо. Кини 60 сааһыттан оһуохайга сылдьар. Быйыл оһуохай уопсастыбата тэриллибитэ 35 сылын туолар. ЫТЫК сэргэни туруорууга Оһуохай түмсүү чилиэттэрэ бэйэлэрэ баҕа санааларынан үп харчы хомуйдулар. Онон сарсыҥҥы Үс Хатыҥ ыһыаҕар оһуохайдар бэлэммит.

Марта Николаева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0