Оҕону таптаабат киһи уйбат сүгэһэрэ

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа бастакынан “Оҕону иитэр дьиэ кэргэн” (приемнай) статуһун ылан, оҕолору бэйэлэрин дьиэлэригэр ылан ииппит ыалларынан Клара Иннокентьевна уонна Николай Николаевич  Матвеевтар (Нам), Аграфена Иннокентьевна уонна Дмитрий Софронович Джуаловтар (Өлүөхүмэ) дьиэ кэргэттэрэ буолбуттара.

edersaas.ru

Кинилэр баай уопуттара киэҥник тарҕанан уонна тустаах исписэлиистэр сүбэ-ама биэрэннэр, быһаччы көмөлөһөннөр оҕону дьиэҕэ иитэ ылааччылар олус аҕыйаҕа суохтар (өрөспүүбүлүкэҕэ барыта – 245, ол иһигэр Намҥа 11 ыал).
Кинилэртэн биирдэстэринэн Решетниковтар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар.
Люция Семеновна Чурапчы Чыаппаратыттан төрүттээх. Олоҕун аргыһа Дмитрий Львовичтыын 1993 сыллаахха ыал буолан, 3 уол, 1 кыыс оҕолоохтор. Люция кыра эрдэҕиттэн элбэх оҕолоох ыал буолар туһунан иитиэхтээбит санаата баһыйан, тулаайах оҕолору иитэ ылыан баҕарара. Онон, өр сыллаах кэпсэтии, толкуй кэнниттэн кэргэнин уонна оҕолорун сөбүлэҥнэрин ылбыта. Онон, бастаан уоллаах кыыс оҕону иитэ ылбыттара. Дьэ, ол кэнниттэн иллээх-эйэлээх саха сайдам ыалыгар биэс бииргэ төрөөбүт оҕо, онтон 4 бииргэ төрөөбүт оҕо сиэттиспитинэн киирбиттэрэ. Инньэ гынан, холбоон 8 кыыс уонна 8 уол оҕолоно түспүттэрэ. Люция Семеновна кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ сыстар кэмнэрэ тутуһуллубут буолан, бэйэ-бэйэлэригэр түргэнник үөрэммиттэрин уонна биир ыал бииргэ төрөөбүт оҕолорун курдук сананан, иллээхтэрин-эйэлээхтэрин туһунан этэр.

Ассоциация бэрэссэдээтэлэ

-2014 сыллаахха тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору көрөр дьиэ кэргэттэр ассоциациялара өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэн, салайааччы Надежда Афанасьевна Корякина иилээн-саҕалаан, барыбытын түмэн, олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Төрөппүттэргэ уонна оскуола үлэһиттэригэр туһааннаах лиэксийэлэри, сэминээрдэри ыыппыта күн бүгүҥҥэ диэри туһалыыр. Тулаайах оҕо уйулҕата уратытын, кинилэри кытта үлэ уустугун ымпыгын-чымпыгын ырытан, уопсастыба да өйдөбүлэ уонна сыһыана   уларыйда, — диэн Люция Семеновна Надежда Афанасьевна кэнниттэн, 2019 сыллаахха кинини ассоциация бэрэссэдээтэлинэн талбыттарын туһунан кэпсиир.
Салайааччы Люция Семеновна ковид хааччахтааһыннарын кэмигэр да үлэ тохтоон хаалбатаҕын, социальнай ситимнэринэн хамсааһын тахса турбутун туһунан этэр. Онуоха ассоциация СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир.
Люция Семеновна:
-Оҕолору дьиэҕэ иитэ ылар ыал ахсаана харахха быраҕыллардыы уларыйбат, биир тэҥ соҕус. Иитэ ылбыт ыал оҕолоро сокуоннай саастарын ситэн, үлэлээн бүттэхтэринэ, атын сана ыал киирэн биэрэр. Арассыыйаҕа бүттүүнүгэр Оҕо дьиэлэрин аҕыйатан, дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылар ыал ахсаанын элбэтэргэ үлэ барар.
Хомойуох иһин, аһыы утахха ылларыы, наркомания баарын тухары Оҕо дьиэтэ да, тулаайах оҕолору иитэр ыал  да суох буолбатахтар. Дьиҥэр, кинилэр үлэлэрин хайысхата биир эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ улахан уратылаах.
Оҕо дьиэтигэр тулаайах оҕо эр киһи, дьахтар ыал буолан олорор холобурун көрбөт, хантан туох кэлэрин билбэккэ кэриэтэ улаатар. Аһа-таҥаһа баар да баар. Онтон улаатан Оҕо дьиэтиттэн тахсан баран, олох араас кыһалҕаларын уйбакка, нууччалыы эттэххэ, “сценарий жизни” курдук, төрөппүттэрин киэбин кэтэрэ мэлдьэх буолбатах.
Оттон оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит оҕо олоххо бэлэмнээх улаатар. Үөрэххэ да, үлэҕэ да ситиһиилээх буолар. Кинилэр сүрүннээн үлэгэн иитиллэллэр. Иитимньи өйтөн-санааттан босхолуурга үлэлэһэбит. Ол эбэтэр “судаарыстыба биһиэхэ биэриэхтээх” диэн өйдөбүлү суох оҥорон, халлаантан үп-харчы түһэрин күүппэккэ, бэйэ тугу эрэ тобулан, үлэлээн-хамсаан, төрөөбүт дойдубутугар тапталлаах, махталлаах буоларга иитэ сатыыбыт. Кини бэйэтигэр эрэллээх буола улаатарыгар болҕомто уурабыт.

Кыһарыйар кыһалҕа суох буолбатах…

-Статистика көрдөрөрүнэн¸ судаарыстыба Оҕо дьиэтигэр сылга биир оҕоҕо 3 мөлүйүөнү барыыр (Оҕо дьиэтин дириэктэрин, иитэр үлэҕэ солбуйааччытын, социальнай педагогун, психологун, иитээччилэрин, тиэхиньиичэскэй уо.д.а. үлэһиттэрин хамнастарын, оҕо таҥаһын-сабын, дьиэ тупсаҕай буоларыгар өҥөлөрүн ааҕан туран). Оттон оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэҥҥэ барыллаан 300 тыһыынча бэриллэр. Онон, судаарыстыба харчытын оҕолору иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ биэрэрэ барыстаах буолан тахсар.
2-3 ыал холбоһон, 1 Оҕо дьиэтин иитиллээччилэрин көрөр-истэр, дьиэ кэргэн сылааһын биэрэр. Санаан көрүҥ, биһиги хас да киһи үлэтин толоробут. Оҕону таптаабат киһи уйбат сүгэһэрэ сүктэриллэр.
Оҕоҕо туттуллуохтаах үп-харчы бэриллиитин прокуратура, эпиэкэ отдела, ону таһынан счетнай балаата бэрэбиэркэлиир.
Судаарыстыба өттүттэн өйөбүл син баар. Ол эрээри, итэҕэс эмиэ элбэх. Сокуон хараҕынан көрдөххө, оҕо иитэр төрөппүттэр социальнай өттүнэн көмүскэллэрэ суох. Ол курдук ыстаас, уоппуска, сырыы-айан төлөбүрэ көрүллүбэт. Аҕаҕа хамнас төлөммөт, ийэҕэ “наҕараадалааһын” диэн ааттанан төлөнөр. Холобур, мин 11 оҕобор 44 тыһыынча солкуобайы ылабын.
Алимеҥҥа, дьиэ ыларга үгүс бюрократическай ирдэбилгэ кыайан эппиэттэспэппит, ону таһынан хоту улуустарбыт кэлэр-барар айаннарыгар чэпчэтиилэргэ сатаан хапсыбаппыт. Элбэх оҕолоох ыал  ахсааныгар киирсибэппит, -– диэн салайааччы баар кыһалҕаларын үллэстэр.
Ол да буоллар, биир дойдулаахтара Люция Решетникованы киириилээх-тахсыылаах, быһаарыллыахтаах дьыаланы тириэрдэр дьүккүөрдээх салайааччы быһыытынан билэллэр. Биир холобурга тохтоотоххо, ыстааһы ааҕыы, аҕаларга хамнас туруорсуу, элбэх оҕолоох ыал ахсааныгар киирии боппуруостарын ассоциация хас эмэ сылы быһа туруорсан кэллэ. Ол билиҥҥитэ кыалла илик. Ол эрэн, өрөспүүбүлүкэ салайааччылара өйдүөх курдуктар. СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Оксана Тагировна Михайлова туруорсуутунан, индексация оноһуллуох курдук буолла. Манна сүрүн үлэни “Саха Азия оҕолоро” пуонда салайааччыта Ольга Михайловна Андросова ыытар, ыкса үлэлэһэр. Үгүс үлэни ыытан, ол иһигэр хас да сылы быһа пуорумнары, сүлүөттэри тэрийэн, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ сөптөөх иһитиннэриилэри оҥорон, уопсастыба сыһыана да уларыйда.

Ыһыах ыһылынна

— Оҕону иитэр дьиэ кэргэттэр быйыл бэс ыйын 29 күнүгэр бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн өрөспүүбүлэкэтээҕи бастакы Ыһыаҕы Хаҥалас улууһун Орто дойду комплексыгар ыыттылар. Ыһыах өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылыгар уонна САССР 100 сылыгар ананна. Ыһыах бары сиэрэ-туома тутуһуллан, сахалыы мааны танас таннан, алгыс ылан, тойук, оһуохай этиллэн, сахалыы төрүт аспытын аһаан, атах-илии оонньуутугар күрэс былдьаһан, күрэх кыттыылаахтара өттүк харалаах астынан-дуоһуйан тарҕастылар. Бу улахан тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытыспыт дьоммутугар, тэрилтэлэргэ махтанабыт.Ыраахтан-чугастан кэлэн барбыт, кыттыбыт дьиэ кэргэттэрбитигэр барыгытыгар махтал. Үлэҕит таһаарыылаах, дьиэ кэргэннит бигэ туруктаах уонна чэгиэн буоларгытыгар баҕарабыт.

Оҕону иитэ ылар ыалга сүбэ:

— Бастатан туран, өй-санаа өттүнэн бэлэм, оҕону таптыыр эрэ киһи ылсар үлэтэ. Оҕо иитэ ылар дьон оҕону атаҕар туруорар курдук, бэйэлэрин саастарын уонна доруобуйаларын туругун учуоттаныахтарын наада. Ол эбэтэр, оҕо иккистээн тулаайах хаалыыны билбэтин курдук. Кэтээн көрөрбүнэн, биһиги төрөппүттэрбит үксүлэрэ иитээччи, учуутал эбэтэр уйулҕа үөрэхтээхтэр.

ххх

Ити курдук, тулаайах эбэтэр көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго дьиэ кэргэн истиҥ сылааһын биэрэр, саха ыалын сиэригэр-туомугар уһуйар, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр Решетниковтар курдук ыаллар баалларын тухары ханнык да оҕо тулаайах хаалыы иэдээнин билбэтин.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0