Оҕону сахалыы үөрэтэр учууталлар бастакы сийиэскэ түмүстүлэр
А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы сийиэстэрин үлэтэ бэҕэһээҥҥиттэн саҕаланна. Далааһыннаах тэрээһин икки күн устата барар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Сийиэс аһыллыытыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Ил Дархан Тыл бэлиитикэтигэр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Дьячковскай, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, СӨ үөрэх уонна наука миниистирэ Владимир Егоров, миниистири бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева, СӨ национальнай оскуолалары чинчийэр научнай институт дириэктэрэ Светлана Семенова, ХИФУ АФ ХИ норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев, учуонайдар, суруйааччылар, оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар о.д.а. кытыннылар.
Сийиэс саҕаланыыта саханы маассабай үөрэхтээһиҥҥэ улахан өҥөлөөх С.А.Новгородов төрөөбүтэ 125, сахалыы букубаар 100 сылыгар аналлаах уус-уран туруорууну көрдөрдүлэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай учууталлары маҥнайгы сийиэстэринэн эҕэрдэлээн туран, кэккэ түгэннэргэ тохтоото. Ол курдук, саха тыла уонна бырамыысыланнас тэҥҥэ дьүөрэлэһэ сылдьаллара наадатын эттэ. Аныгы технология сайдар түгэннэрин өйдөөммүт, онно сөп түбэһэр быһаарыылары ыллахпытына, ыччат сахалыы тылынан сайдар кыаҕын биэриэхпит диэн эттэ.
Сүрүн дакылааты СӨ үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева оҥордо. Кини манна саха тылын бүгүҥҥү туругун, инники соруктарын кэпсээтэ. Итиэннэ СӨ судаарыстыбаннай, национальнай култууратын сайыннарарга тус сыаллаах бырагырааманы сөргүтүөххэйиҥ, национальнай оскуолалары чинчийэр институту федеральнайтан төттөрү өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр аҕалыахха, хас биирдии улуус баһылыктарын таһымыгар тыл сэбиэтин тэрийиэххэ, тустаах сийиэһи биэс сылга биирдэ ыытыллар үгэһи олохтуоҕуҥ диэн сүрүн соруктары этитэлээтэ.
Онтон ХИФУ АФ ХИ норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев: “Саха тылын уонна култууратын сайыннарар боппуруоһу, Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата Арассыыйа салалтатыттан күүскэ туруорсуохтаах, биһиги омук быһыытынан бырааппытын Ил Түмэн сокуонунан эрэ буолбакка, быһаарыылаах дьаһалларынан, аадырыстаммыт ирдэбиллэринэн, дьайыылаах докумуоннарынан көмүскүөхтээх. Уопсайынан, тиһиктээх үлэ барыахтаах”, — диэн эттэ.
Норуоту сахалыы тыллыыр сүрүн дьон этиилэрин истэн баран, Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков: “Сийиэс тэриллибитэ улахан суолталаах. Ханнык баҕарар тыл омугун ахсааныттан тутулуга суох, бу омук күннээҕи кыһалҕатын төрөөбүт тылынан кыайан толуйар буоллаҕына, оччоҕо кини суолталаах уонна өлөн-сүтэн биэрбэт аналлаах. Тыл туттуллар эйгэтэ төһө киэҥиттэн улахан тутулуктаах. 1991 сыллаахха национальнай кэнсиэпсийэни олоххо киллэриини өрөспүүбүлүкэ күүскэ ылыммыта. Кэнсиэпсийэ сокуоҥҥа баар. Ким даҕаны ону тохтоппотоҕо. “Кэнсиэпсийэ баар эрдэҕинэ үчүгэй этэ, билигин кэнсиэпсийэ суох буолан…” диибит. Сокуоҥҥа, уураахтарга баар. Тыл хамыыһыйата, Үөрэх министиэристибэтэ бааллар. Миэстэтигэр күүскэ үлэлиэххэ, туруорсуохха наада”, — диэн эттэ. Итиэннэ үөрэҕирии эйгэтигэр кылааттарын иһин, СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин махтал суругун Валериан Васильевка (Ньурба), Григорий Поповка (Үөһээ Бүлүү), үрүҥ көмүс бэлиэлээх махтал суругу Надежда Рязанскаяҕа (Абый), социальнай сайдыыга үтүөтүн иһин кыһыл көмүс чаһылаах бочуоттаах кырааматаны Лидия Поповаҕа (Уус Маайа) туттарда.
СӨ Үөрэх уонна наука миниистирэ Владимир Егоров учууталлары эҕэрдэлээн туран, төһө даҕаны түөрт сааспыттан Саха сирин тас өттүгэр олордорбун, бэйэбин сахабын дэнэ сананарым диэн этэн туран, Күндэ “Төрөөбүт тыл” диэн хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ, учууталларга киэҥ, түмүктээх кэпсэтиини баҕарда.
Ытыс тыаһын доҕуһуолунан саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар Матрена Новгородоваҕа (Нам), Наталья Кириллинаҕа (Мииринэй) “СӨ үөрэҕин туйгуна” бэлиэлэри, Айна Слепцоваҕа (Дьокуускай) “Саха сирин эрэлэ” бэлиэни, Алтана Артемьеваҕа (Амма) бочуоттаах кырааматаны, ХИФУ преподавателигэр Ульяна Плотниковаҕа (Дьокуускай) “СӨ учууталларын учууталлара” бэлиэни туттарда.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru