Оҕону үөрэтэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөр «Гоголь-моголь» киин аһылынна
Ааспыт сыл ахсынньытыттан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж иһинэн “Гоголь-моголь” диэн ааттаах оҕолору үөрэтэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөр киин аһыллан үлэлээн эрэр. Бу туһунан колледж пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Бары өйдүүргүт буолуо, сэбиэскэй кэм саҕана оҕону уруок кэнниттэн эбии үөрэтэр дьарык (продленка) диэн баар буолара. Сүрүннээн, уруок таһынан эбии дьарык ыытыллара. Бу саҥа аһыллан үлэлээн эрэр «Гоголь-моголь» киин онуоха майгынныыр эрээри, оҕо үөрэҕин эрэ буолбакка, доруобуйатын эмиэ бөҕөргөтөллөр, куруһуокка дьарыктыыллар, оонньотоллор эбит.
Атын тэрилтэлэртэн уратыта диэн — итии аһынан хааччыйаллар. Биир бөлөххө элбээбитэ 10 оҕо хабыллар. Атын итиннэ ханыылыы кииннэргэ холоотоххо, бу аата аҕыйах диэн буолар. Онон репетитор-педагог биирдиилээн оҕону кытта дьарыктанар. Инньэ гынан, оскуола бырагырааматыттан хаалбаттар итиэннэ үрдүттэн уруһуй, робототехника, английскай тыл куруһуоктарыгар сылдьан, дьоҕурдарын сайыннараллар. Ханнык баҕарар педагог оҕо оонньоотоҕуна сайдар диэн бэлиэтиир. Маны учуоттаан, анал оонньуур хос көрбүттэр. Ону таһынан конструкторынан оонньууллар, кинигэ ааҕаллар.
Үгүс сыл уопуттаах педагогтар хас биирдии оҕо сайдыытын учуоттаан дьарыктыыллар. Кинилэргэ быраактыкаларын барар устудьуоннар көмөлөһөллөр.
Робототехника педагога Алексей Хачиров: “Робототехника – оҕону умсугутар уонна сайыннарар дьарык. Механическай конструированиены, электрониканы уонна компьютернай технологияны тэҥинэн үөрэтэр. Аан дойдуга киэҥник биллэр “LEGO” марка робототехника уруоктарын ыытарга анал набордара физика, статика, кинематика сокуоннарын оҕолорго судургутук быһаарарга көмөлөһөр. Итини таһынан оҕо толкуйдуу, ырыта үөрэнэр, саҥарар, өйүгэр хатыыр дьоҕура, болҕомтото сайдарыгар кыра моторикаларын күүскэ үлэлэтэр. Биһиги кииммитигэр робототехника бары тэриллэрэ бааллар”, — диэн санаатын үллэстэр.
Аныгы балысханнык сайдар үйэҕэ, төрөппүттэр, ардыгар, оҕолорбут доруобуйатын да көрөр кыахпыт суох буолар. Маны учуоттаан, тустаах киин ыарыыны сэрэтэр, оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөр сыалтан араас процедуралары оҥорор: массаж, УФО, ингаляция, электрофорез, магнитотерапия, ультразвуковой терапия, УВЧ-терапия, гальванизация, дарсонваль о.д.а.
Инньэ гынан, билиилэрин хаҥаталларыгар, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр, оонньуулларыгар, дьарыктаналларыгар “Гоголь-моголь” киин саамай табыгастаах.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/