Эбии үөрэхтээһин хайысхатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэнэн Амматааҕы эдэр натуралистар станциялара буолар.
edersaas.ru
Олохсуйбут төрүт үгэстэрдээх, дириҥ историялаах тэрилтэ, бу күҥҥэ диэри оҕо үлэни кытта алтыһан улаатарыгар ураты болҕомтотун ууран кэллэ. Онуоха сөптөөх базаны, усулуобуйаны тэрийэр, кэм-кэрдии ирдэбилигэр эппиэттиир үөрэх ньыматын тобулан саҥаттан саҥа таһымҥа тахсар. Оҕону үлэҕэ хайдах иитэбит диэн толкуйдуур, төбөбүтүн сынньар кэммитигэр, Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын үлэтин уопута атыттарга холобур буолуон сөптөөх.
— Ханнык да уларыйыылар буолбуттарын иһин, оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн киһи хара буору кытта эт илиитинэн ылсан үлэлээтэҕинэ ас-таҥас тахсар кыахтаах диэн өйдөбүлү халбаҥнаппакка тутабыт. Үлэни уонна эбии үөрэхтээһини тэҥҥэ алтыһыннаран, аныгы оҕо интэриэһин, болҕомтотун тардарга саҥа ньымалары тобулабыт, — диир дириэктэр Дмитрий Филиппович Матвеев.
Эдэр натуралистар станциялара быйылгы үөрэх дьылыгар 396 оҕону түмэр, экологическай, естественнай хайысхалаах 16 куруһуогу үлэлэтэр. Оҕолор сылы эргиччи станция базатыгар баар үүнээйилэри, хамсыыр харамайдары көрөллөр-истэллэр, аны саас олордуллуохтаах арассаадаларын сиэмэтин, буордарын бэрийэллэр. Онтон сайыҥҥы өттүгэр Хойуу учаастагар баар базаларыгар оҕуруот аһын, сибэкки, үүнээйи арааһын үүннэрэллэр. Соҕуруу куораттартан туох да атына суох ландшафтнай дизайны кыайа-хото оҥороллор.
— Биһиги оҕолорбут манна аҥардас хара буорга киһи бэйэтин илиитинэн кэрэни айан таһаарыан сөп эбит диэн өйдөбүлгэ иитиллэн тахсаллар. Тулалыыр эйгэни харыстыы үөрэнэллэр. Экология туһунан өйдөбүлү оҕо кыра сааһыттан иҥэринэрэ олус туһалаах буолар эбит, — диэн төрөппүттэр этэллэр.
Маны таһынан араас чинчийэр уопуттары ыыталлар, үлэлэрин түмүгүнэн научнай ааҕыыларга, кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар. Оҕолор учуонайдар чинчийиилэригэр бэйэлэрин кылааттарын эмиэ киллэрэллэр. Холобура, Эдэр натуралистар станцияларын базатыгар радиация тыынар тыыннаахха хайдах дьайарын үөрэтэ сылдьаллар. Бу үлэни биология наукатын кандидата Лена Рудольфовна Поскачина сүрүннүүр.
Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ Эдэр натуралистар станциялара «Күөх харыйа» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияны кытта ситимнээн, туттуллубат буолбут араас матырыйааллартан саҥа дьыллааҕы оҥоһуктар куонкурустарын ыытар. Хаһыс да төгүлүн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут куонкурус буолан, учууталлар, уһуйаан иитээччиллэрэ, биирдиилээн кылаас салайааччылара оҕолорун олус көхтөөхтүк кытыннараллар.
— Быйыл Амма улууһун бары оскуолаларын хабан, 350 үлэ быыстапкаҕа турда. Биэс хайысханан ыытыллыбыт быыстапканы саҥа дьылааҕы өрөбүллэргэ оҕолор дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан кэлэн үөрэ-көтө көрдүлэр. Уонна бастыҥ диэбит үлэлэригэр бэйэлэрин куоластарын биэрдилэр. Куоластааһын түмүгүнэн сотору кыайыылаахтар ааттарын билиэхпит, — диэн кэпсиир методист-педагог Галина Александровна Никифорова.
edersaas.ru саайтка анаан Сардаана МАТВЕЕВА.