РЕДАКЦИЯТТАН: Аатырбыт учуутал Михаил Андреевич Алексеев бэйэтин үлэтигэр сэбиэскэй педагогика ньымаларын эрэ буолбакка, норуот үйэлэр тухары илдьэ кэлбит, оҕону иитэр үтүө үгэстэрин эмиэ туһанара. Ол туһунан өлүөн эрэ иннинэ,1995 сыллаахха суруйбут ыстатыйатын бэчээттиибит.
Былыргы саха норуотун олоҕор дириҥник киирбит, атын омуктар олус биһирээбит үгэстэрэ бааллар. Ол үгэстэри биһиэхэ ким да атын сиртэн аҕалан олохтооботоҕо, норуот былыр-былыргыттан бэйэтэ үөскэппит, бэйэтин кытта бииргэ илдьэ испит култуурата.
Ол үгэстэр умнуллубаттарын уонна салгыы сайдалларын туһугар мин кэнчээри ыччакка анаан, кинилэри санатыахпын баҕарабын. Ону ылыннаҕына, ыччат төрөөбүт норуотун ордук ытыктыаҕа, кини тyhyгap туох баар өйүн-санаатын барытын биэриэҕэ дии саныыбын.
Ыалдьытымсах үгэс
Былыргы саха ыала, бэйэтэ төҺө да тиийиммэттик олордор, сылдьар ыалдьытын, хоноһотун, кини кимиттэн тутулуга суох, туох-ханнык иннинэ аһатан-маанылаан таһаарар үгэстээҕэ. Оттон ыалдьыта хоно кэлбит буоллаҕына, кини үчүгэйдик сынньанан, махтанан барарыгар бары усулуобуйаны оҥороро.
Сахалар хайа да омуктардааҕар уһулуччу ыалдьытымсахтарын туһунан манна сылдьыбыт политсыылынайдар сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ, суруйаллара.
Саха ыала ыраахтан айаннаан иһэр киһини «Тоҥмута, аччыктаабыта буолуо» диэн, туох-ханнык иннинэ аһатара, итиилэтэрэ.
Уpууpҕaaһын
Уруурҕааһын саха норуотугар хайа да омуктардааҕар ордук иэйиилээхтик сайдыбыт үгэс. «Сахалар уруу туһугар ууга да түһэллэрин, уокка да киирэллэрин кэрэйбэттэр» диэн норуот номоҕо бэрт өрдөөҕүттэн үөскээбит буолуохтаах.
Сайыҥҥы от хомуурун үлэтэ саҕаланыан иннинэ, уруулар-аймахтар икки ардыларыгар күүлэйдээһин үгэһэ баара. Ол үгэс аймахтар хайдах олороллорун билээри, наада буоллаҕына, хардарыта көмөлөсүһэр сыалтан буолара. «Үлэ былдьаһыктаах кэмигэр дьоммутун кытта билсибэппит буолуо, билигин эрэ күүлэйдэһэр кыахтаахпыт» диэн санааттан төрүөттээҕэ. Күүлэйдии кэлэр аймах булгуччу туох эмэ күүтүллүбэтэх кэһиилээх буолара, оттон төннөрүгэр киниэхэ эмиэ үөрдэр кэһии тэриллэрэ.
Аһыныгас сүрэх
Саха киһитин аһынымтыата эмиэ норуокка киэҥник биллибит, биһирэммит үгэс. Былыр биһиги нэһилиэккэ «Лэгэнтэй оҕонньор» диэн аҥаар атаҕынан нэһиилэ сыҕарыйар инбэлиит олорбута. Оччолорго билиҥҥи курдук, инбэлииттэргэ туох даҕаны тэрээһиннээх көмө судаарыстыба өттүттэн оҥоһуллубат этэ. Хата, ол оннугар чугастааҕы ыаллара, дууһа иэйиитинэн, туох да айдаана суох, суобастарын иэһин курдук санаан, Лэгэнтэй оҕонньорго отун охсон, кэбиһэн, кыһын кыбыытыгар тиэйэн биэрэллэрэ.
Күһүн, муҥха саҕана, Лэгэнтэй кыайан сылдьар кыаҕа суоҕуттан, киниэхэ булгуччу соботтон «өлүү» аныыллара. Кыанар үлэһит дьон Өлүөнэҕэ киирэн үлэлээн таһаарбыт туораах бурдуктарыттан эмиэ матарбаттара. Ол курдук, тула дьонун аһынымтыаларынан Лэгэнтэй барахсан син сөпкө ahaaн-сиэн, ыал буолан, буруо таһаарынан олорбута.
Сахалар айылҕаҕа сүгүрүйэр үгэстэрэ
Былыргы сахалар курдук улуу айылҕаҕа ис-истэриттэн тартаран сүгүрүйэр омук аҕыйах буолуо. «Биһигини айылҕа барахсан аһатан-сиэтэн илдьэ иһэр, айылҕа оҕолорунабыт», — дииллэрэ. Саас балыктыыр, оттуур күөллэрин тулатын хотуурунан, кыраабылынан, аһыыр иһити сууйар курдук, ыраастаан баран, кыра кутаа оттоннор: «Эбэбит барахсан, быйыл даҕаны быйаҥҥыттан өлгөмнүк бэрсээр», — дии-дии уокка ас куталлара.
Булчуттар, дьиэлэриттэн тэйиччи үлэҕэ сылдьар дьон, отууга олорон, аһыахтарын иннинэ бастаан уокка ас кутан, айылҕаны аһаталлара, махталларын этэн сибигинэйэллэрэ.
Оттон «ыһыах» диэн тугуй? Ыһыах диэн дириҥ ис хоһоонноох саха норуотун олоҕор өрдөөҕүтэ киирбит үгэс буолар. Ыһыах диэн саха норуота сылга биирдэ мустан, үөрэн-көтөн олорон, улуу айылҕаҕа махталларын, баҕа санааларын этэр ытык бырааһынньыктара.
Ыһыаҕы саас, от-мас көҕөрөн эрдэҕинэ, үөһэттэн кимтэн да ыйааҕа суох, син-биир сөптөөх кэмҥэ, кэрэ айылҕа бэйэтэ уһуктарын курдук норуот бэйэтэ ыытар. Эдэрдиин, кырдьаҕастыын, оҕолуун-уруулуун, син биир айылҕа сааскы кэрэтин симэммитин курдук, маанытык таҥнан ыһыахтыыр сиргэ түмсэллэрэ. Онно кэлэн, аһатан-иитэн илдьэ иһэр айылҕаларыгар алгыс тылы этэллэрэ, кинини арыылаах кымыһынан аһаталлара, салама киэргэл ыйыыллара. «Быйаҥнаах сайын буолуохтун!» диэн дууһаларын баҕатын этэллэрэ.
Сахалар оҕону иитэр үгэстэриттэн
Саха төрөппүттэрэ оҕону: «Биһиги дьолбут, таҥара бэлэҕэ» диэн ааттыыллара. Төрөппүттэр оҕолорун кытта иирсэр-өстөһөр диэни билбэттэрэ, оҕону «чыычаах» диэн ааттыыллара уонна ис дууһаларыттан иэйиилээхтик таптыыллара. Оннук иитии оҕону дьүдэппэтэ, хата, ордук амарах, аһыныгас, көнө-көрсүө гына иитэрэ.
Былыргы саха оҕотун ону-маны өйдүүр буолаатын кытта, үлэҕэ иитэрэ. Ол туһуттан киниэхэ төрөөбүтүнэн ньирэйи: «Бу эн бас билэр аналыҥ, сүөһүгүн бэйэҥ көр-харай», — дииллэрэ. Oҕo кыаммат ньирэйи кытта бадьыыстаһа сылдьан аһыныгас уонна үлэһит буола улаатара.
Былыргы саха оҕото дьонугар элбэх көмөнү оҥороро. Таһырдьа тиэргэн ыраастааһына, суорунаҕа бурдук тардыыта, сайын амынньыар хомуйуута, ынахтары ыамнарыгар аҕалыы, кумаартан түптэлээһин — барыта оҕо анал үлэтэ буолара. Ол үлэлэртэн оҕо хаһан да салгыбата. Төрөппүттэрэ оҕону утары хаһан даҕаны толоос тылы туттубаттара, куруук «тоойуом», «чыычааҕыам» диэн иэйиилээх тылларынан соруйаллара, буойаллара. Саха кэргэнин олоҕор оҕону күргүйдээҺин букатын даҕаны туттуллубата.
Аньыырҕааһын
Былыргы сахалар олохторугар биир дириҥник киирбит үгэһинэн аньыырҕааһын буолара.
«Тоойуом, кырдьаҕас киһини бас-баттах саҥарыма, күөх оту тэпсимэ, сүөһүнү охсубат буол, чыычаахтар барахсаттары үргүтүмэ, кыра оҕону ытатыма — аньыы буолуо!» — диэн дириҥ ис хоһоонноох этиилэринэн оҕону буойаллара. Итинник иитииттэн саха оҕото көрсүө, аһынымтыа, бары куһаҕантан туттунумтуо буола улаатар. Ол иһин саха норуота бүтүннүүтэ, омук быһыытынан кэпсээҥҥэ киирбит сэмэй, көнө-көрсүө сиэрдээх-майгылаах норуот. Кэлин аньыырҕааһыны: «Былыргы олох хаалынньаҥа, итэҕэйимэҥ», — диир уонна итэҕэйээччилэри күлүү-элэк оҥостор кэм кэлбитэ. Онтон ыла дьон сиэрэ-майгыта дьүдэйбитэ, дьон туохтан да сааппат, кыбыстыбат, тугу да итэҕэйбэт буолбута.
Дьэ, ити курдук, саха норуотун олоҕор дириҥник иҥэн хаалбыт ыалдьытымсах, уруумсах, аһыныгас буолуу, аньыырҕааһын, айылҕаҕа сүгүрүйүү үгэстэри тастан биһиэхэ ким да аҕалан биэрбэтэҕэ, норуот үйэлэр усталарыгар бэйэтин кытта бүөбэйдээн илдьэ испит сиэрэ-майгыта, норуот быһыытынан бэйэтин култуурата.
Үөһээ ахтыллыбыт өбүгэлэрбит үгэстэрин билиҥҥи ыччат уонна кэлэр көлүөнэ харыстыахтаах, салгыы сайыннарыахтаах, оччоҕо эрэ биһиги норуоппут култуурата үйэлэр усталарыгар бүтүн киһи аймаҕы үөрдэ, биһирэтэ, киэргэтэ туруоҕа.
Михаил Алексеев,
ССРС норуодунай учуутала.
(“Коммунизм сардаҥата”, 18.07.1991с.)