Оҕону иитэр төрөппүттэр оскуолалара

11.03.2020
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 14 күнүттэн оҕону иитэ ылыан баҕалаах төрөппүттэргэ анаан оскуола иккис бөлөҕө үлэтин саҕалыыр. Дьарык субуота аайы буолар, барыта психологическай тренинг көрүҥүнэн барар алта дьарыкка сылдьыахтаахтар.



Баҕалаахтар (4112)21-06-20 нүөмэринэн суруйтарыахтарын сөп. 2012 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээбит 351 №-дээх сокуон ирдииринэн, оҕону иитэ ылыахтарын баҕарар дьон булгуччу анал бэлэмнэниини ааһыахтаахтар.

Оҕо чугас аймахтара маннык бэлэмнэниини ааһалларын сокуон ирдээбэт эрээри, исписэлиистэр этэллэринэн, бука бары үөрэнэллэрэ ордук. Статистика көрдөрөрүнэн, чугас аймахтар бэлэмэ суох буолан, оҕону элбэхтик төннөрөллөр эбит.

Оҕону иитэ ыларга уйулҕа өттүнэн бэлэм буолуохха наада. Бэйэ кыһалҕатын быһаараары эрэ оҕону ылар сатаммат. Оҕону иитии — улахан эппиэтинэс. Олоххун, күннээҕи үөрүйэхтэргин уларытарга, бириэмэҕин аныырга бэлэм буолуохтааххын. Ол да иһин оскуолаҕа кэлэн үөрэнэн баран, биир оҕо оннугар элбэх оҕону иитэ ылааччы да баар, букатын аккаастаммыт да баар.

Оскуолаҕа оҕону иитэ ылар төрөппүттэри ханнык ыарахаттар күүтэллэрин, ону хайдах быһаарыахха сөбүн, эппиэкэ ымпыгын-чымпыгын, бары боппуруостары быһааран, ыйан, сүбэлээн-амалаан биэрэллэр. Төрөппүттэр төһө бэлэмнээхтэрин тургутан көрөллөр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Уруһуй: skovorodino.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0