Оҕону иитэ ылыыга төлөбүр икки төгүл үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара тулаайах эбэтэр төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэ эбэтэр эпиэкэҕэ ылыыга төлөнөр харчы туһунан сокуон бырайыагын ылыннылар.

Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 632 оҕону эпиэкэҕэ ылбыт 223 дьиэ кэргэн баар, билигин да оҕо дьиэлэригэр 420 кырачаан судаарыстыба иитиитигэр сылдьар. Онон бу сокуон оҕолор ийэ, аҕа тапталыгар улааталларыгар, оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэн ахсаанын элбэтиигэ төһүү буолуохтаах.

Билигин өрөспүүбүлүкэ иккис зонатыгар киирсэр улуустарга төлөбүр 7357, бастакы зонаҕа – 8240 солкуобай буоллаҕына, саҥа сокуонунан 14715 уонна 16480 солкуобайга тэҥнэһиэхтээх. Өскөтүн доруобуйатынан хааччахтаах оҕону көрө ылбыт дьиэ кэргэн билигин ый аайы 12802 солкуобайы ылар буоллаҕына, билигин 28164 солкуобайы ылыаҕа. Оттон 14 сааһын туолбут оҕолорго төлөбүр 30724 солкуобайга диэри улаатыаҕа. Эрдэ 11521 солкуойы ыла сылдьыбыттара. Манна анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 39 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн турар.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0