Оҕону иитэ ылааччылар сүлүөккэ түмсүөхтэрэ

Бөлөххө киир:

Сэтинньи 18 күнүгэр оҕолору дьиэҕэ иитэ ылар төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи V сүлүөттэрэ ыытыллыаҕа.

edersaas.ru

“Бары бииргэ” диэн ааттаах сүлүөт СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ уонна СӨ Уопсастыбаннай балаататын  өйөбүлүнэн ыытыллар.
Бэһис сылын ыытыллар тэрээһин соруктарынан оҕону дьиэҕэ иитэ ылар төрөппүттэр уонна эпиэкэ, попечительство уорганнарын исписэлиистэрин билиилэрин үрдэтии, оҕолору үөрэх тэрилтэлэригэр уонна үлэҕэ ылыы боппуруостарыгар үөрүйэҕи атастаһыы уо.д.а.буолуохтара.
Интэриэһиргээбит дьон http://sakhaasia.ru/chto-my-delaem/konkursy/konkursy-2019/v-respublikanskiy-slyot-priyomnykh-semey/ киирэн билсиэн сөп.

СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕолор 86 бырыһыаннара дьиэ кэргэннэргэ иитиллэллэр. Кэнники үс сылга оҕону дьиэҕэ иитэ ылар  ыал ахсаана 7 бырыһыанынан элбээтэ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0