Оҕону хайдах аахтарабыт?

Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ оҕо сахалыы аахпат буолла диибит. Чахчы, интэриниэт, суотабай сибээс сайдан, информация наһаа элбээн, оҕо ааҕара аҕы­йаата. Оннооҕор улахан дьон кинигэни ааҕара аҕыйаан иһэр.


 

 

Сахалыы ааҕыы 30%-нан аҕыйаабыт

Бу ырааҕынан эҥсэр, дириҥ силистээх кыһалҕа буолар кэриҥнээх. Тоҕо диэтэр, билиҥҥи оҕо аахпат буоллаҕына, 10-20 сылынан аахпат көлүөнэ улаатан тахсар. Ол түмүгэр, тыла-өһө, саҥарар саҥата мөлтөх, сатаан суруйбат, санаатын сайа эппэт, наар нууччалыы тартарыылаах киһи буолар. Оттон бу кини бэйэтин оҕотун сахалыы ааҕарга, суруйарга үөрэтиэ дуо? Саарбах. Онон 30-40 сылынан саха тыла буомурар, “кэл-бар” диэбит курдук таһымнаах кэпсэтии тылыгар эрэ кубулуйар, устунан симэлийэр турукка киирэр кутталлаах.

А.С. Пушкин аатынан Нацио­нальнай бибилэтиэкэ оҕолор сахалыы ааҕар таһымнарын тургутан, чинчийии ыыппыт. Чуолаан, бибилэтиэкэ үлэһитэ Александра Неустроева 2003 уонна 2018 сылларга чинчийиини ыытан баран, тэҥнээн көрбүт. Ол түмүгэр, киһи үөрэрэ суох.

Бастаан 700 оҕону хаппыт эбит буоллаҕына, иккис чинчи­йиитигэр 17 улуустан (67 нэһилиэктэн) уонна Дьокуускайтан 2528 оҕо хабыллыбыт. Анкета 4 түһүмэхтээх. Бэлиэтээн эттэххэ, бу сахалыы оскуолаларга үөрэнэр оҕолор.

“Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?” диэн ыйытыыга оҕолор улахан аҥаардара (1300 тахса оҕо) “интэриниэккэ олоробун” диэн хоруйдаабыт. “Кинигэни ааҕабын” – 960, “тэлэбиисэр көрөбүн” – 550 оҕо. Сахалыы кинигэни, сурунаалы саамай аҕыйахтык: хотугу улуустарга — Анаабыр (50%), Бүлүү умнаһыгар – Бүлүү улууһугар 55%,  илин эҥээргэ – Тааттаҕа 49%, Дьокуускайга — 53% оҕо ааҕар эбит. Атын улуустар мантан үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Саха литературата үөскээбит сиригэр, Тааттаҕа, тоҕо саамай аҕыйахтык сахалыы ааҕаллара дьиктиргэтэр.

2003 сыллаахха ыйытыллыбыт оҕолор 90 %-ра сахалыы ааҕар эбит буоллахтарына, 2018 сылга – 61 %. Ол эбэтэр, 15 сыл иһигэр 30 %-нан ааҕар оҕо ахсаана аҕыйаабыт. Бу – дьиксиннэрэр сыыппара.

Тоҕо аахпат эбиттэрий? “Бириэмэм суох”, “ааҕар кинигэ аҕыйах”, “сахалыы ааҕар уустук”, “сахалыы сатаан аахпаппын” диэн хоруйдаабыттар.

Сөбүлүүр кинигэлэрэ, айымньылара – “Сааскы кэм”, “Дьикти саас”, “Тоҕус төгүл тоҕо?”, остуоруйалар. Бу оскуолаҕа саха литературатын бырагырааматыттан буолуохтаах.

Электроннай кинигэни оҕолор 26%-ра ааҕар. Манна “Кулун Куллустууру”, “Таал-Таал эмээхсини”, “Мэник Сэлиичээни” ааттаабыттар.

Оҕолор сахалыы комикстары, фантастиканы, кыыллар тустарынан, оскуола олоҕуттан, абааһылаах, күлүүлээх  кэпсээннэри, ыччат кыһалҕатын, аныгы олох, дьиҥнээх олохтон түбэлтэлэри, биллиилээх дьон тустарынан, аниме, манга истиилинэн сахалыы кинигэлэри, о.д.а. ааҕыахтарын баҕараллар эбит. Ону тэҥэ кинигэ кэннигэр сахалыы өйдөммөт тыллары быһаарыы уонна чаҕылхай ойуулардаах буолара ордук диэн ыйбыттар.

Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы сыллара

2012-16 сылларга өрөспүү­бүлүкэҕэ Оҕо ааҕыытын сайыннарыы уонна өйөөһүн кэнсиэпсийэтэ ылылла сылдьыбыта. Маны Национальнай бибилэтиэкэ Оҕо, ыччат киинэ көҕүлээбитэ. Бу үлэ салҕанан, 2017 сылтан сөргүтүллүбүтэ. Ону тэҥэ, 2019-2026 сылларга Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы сылларынан биллэрэргэ быһаарбыттар. Бу чэрчитинэн, элбэх үлэ былааннаммыт.

Баар кыһалҕалар, бастыҥ уопуту тарҕатыы, саҥа суоллары тобулуу, о.д.а. туһунан “төгүрүк остуолга” кэпсэттилэр. Кэпсэтиини СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникативнай технологияҕа миниистири солбуйааччы Чокуур Гаврильев сүрүннээн ыытта.

Кини: “Бириэмэ күүппэт, олорон хааллахпытына, аахпат көлүөнэ иитиллэн тахсара саарбаҕа суох. Төрөөбүт тылбыт дьылҕата биһигиттэн тутулуктаах. Онон түргэн соҕустук үлэ былаанын торумнаан, күүспүтүн, сүбэбитин холбоон, кэнсиэпсийэни олоххо киллэрдэхпитинэ сатанар”, — диэн бэлиэтээтэ.

Аныгы оҕо тугу ааҕыан баҕарарый? Биллэн турар, классиканы ааҕара наада эрээри, киниэхэ билиҥҥи кэм көстүүлэрэ, аныгы уобарастар, дьоруойдар наадалар. Билиҥҥи литератураҕа бу тиийбэт курдук.

“Төгүрүк остуол” түмүгүнэн резолюция ылылынна, онно дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны тэрийиигэ үлэ сүрүн тосхоллорун торумнаатылар, киирбит этиилэри ырыттылар:

— оҕо хаһыаттарын уонна сурунаалларын кылаас таһынан ааҕыы булгуччулаах испииһэгэр киллэртэрии;

— нэдиэлэ аайы “Прессаны ырытыы” кылаас чааһын ыытыы;

— дьиэ кэргэнинэн ааҕыы бастыҥ уопутун киэҥник тарҕатыы;

— оҕо электроннай бибилэтиэкэтин арыйыы, онно бастыҥ айымньылары босхо ааҕары сүрүннээһин;

— оскуолаларга уус-уран айымньынан театральнай туруоруулары өйөөһүн;

— тэлэбиидэнньэҕэ ааҕыыны көҕүлүүр биэриилэри бэлэмнээһин;

— улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарыгар тыа сирин бибилэтиэкэлэригэр кинигэни, прессаны атыылаһарга үп көрүллэрин ирдээһин;

— төрөппүтү кытары үлэни күүһүрдүү, уо.д.а.

Информатизация үйэтигэр хас биирдии саха киһитэ “төрөөбүт тылым миэхэ тоҕо нааданый?”, “оҕом ааҕыыны сөбүлүүрүн хайдах ситиһэбин?” диэн ыйытыыларга хоруй булан, өбүгэтин тылын оҕолоругар-сиэннэригэр тиэрдэр иэстээҕин өйдүүрэ наада. Ол кэнниттэн, бу хайысхаҕа туох кыалларын оҥоруохтаах. Оччоҕо, баҕар, кырдьан олорон, саха тыла туттуллубат ­буолбутун көрүө суоҕа…

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Дьон санаата

Ааҕыы оҕо иэйиитин таарыйыахтаах

Евдокия Поликарпова, ХИФУ саха тылын, литературатын уонна төрүт култууратын методикатын үөрэтии кафедратын сэбиэдиссэйэ:

— Интэриниэт киһи толкуйдуур кыаҕын сабар. Оҕону толкуйдата сатаабакка, барыта бэлэми, ыстаныллыбыты ылан биэрэр. Оттон ааҕыы атыннык дьайар. Ааҕыы иэйиини таарыйар, дууһаны долгутар буолуохтаах. Оччоҕо эрэ оҕо ааҕыаҕа. Оҕо кыратыгар ону ситиспэтэххэ, ааҕыыга интэриэһи көбүппэккин. “Аах да аах” диэн күһэйии туһата суох. Холобур, оҕолор “Ойуун түүлэ” айымньы тылын-өһүн 50 %-нын өйдөөбөттөр эбит. Ону быһааран биэриэххэ наада.

Төрөппүт бастаан бэйэтэ ааҕан биэрэр. Саамай интэриэһинэй сиригэр кэлэн, “сарсын ааҕыахпыт” диэн буолуохтаах. Оччоҕо оҕо кэтэһэр, долгуйар. Ааҕан баран, төрөппүт дьиҥ олоххо сыһыаран, толкуйдатар ыйытыылары биэриэхтээх. Холобур, сиэммэр “Ванька Жуковы” ааҕан баран, “уол суруга тиийиэ дуо?”, “кини олоҕо көнүө дуо?” диэн ыйытыылары биэрэбин. Уолум аһынан ытаата ээ, онтон: “Суруга тиийиэ суох, арааһа, эһэтэ бэйэтэ кэлэн, илдьэ барара буолуо”, — диэн түмүктээтэ.

Биһиги кафедрабытыгар сааскы каникул кэмигэр ааҕыы ньыматыгар куурус ыытабыт. Манна учууталлар, төрөппүттэр да кэлэн, үөрэниэхтэрин сөп.

Надежда Идэлги, төрөппүт:

— Үс уоллаахпыт. Оҕо бибилэтиэкэтигэр сылдьыбыппыт 4-с сылбыт. Бибилэтиэкэҕэ сылдьан, элбэҕи арыйдыбыт. Киэһэ аайы көтүппэккэ остуоруйа ааҕабын, ону кэтэһэллэр аҕай. Бастаан судургу, онтон дириҥ ис хоһоонноох кинигэлэргэ киирдибит. Тэрис “Сиэрдээх буолуу” диэн урут тахсыбыт кинигэтин хос таһаартардыбыт. Бу олус туһалаах кинигэ. Сиэр-майгы, итэҕэл өйдөбүллэрин оҕо күннээҕи олоҕор тутта-хапта сылдьарыгар сыһыаран, судургу тылынан быһаарар. Аахпат төрөппүт оҕото эмиэ аахпат, онон төрөппүтү кытта үлэ ыытыллара эмиэ ирдэнэр буолла.

Татьяна Жиркова, “Чуораанчык” сурунаал эрэдээктэрэ:

— Дьиэтээҕи ааҕыы кыра тыйаатыр курдук буолуохтаах. Оҕо оонньуу нөҥүө сайдар. Онон ааҕыыга да оонньотуу ньыматын киллэриэххэ сөп. Маннык ааҕыыларга дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнэ кыттыахтаах, бэйэтэ оруоллаах буолуохтаах. Оҕо интэриэһиргиир, барытын ылынар сааһын мүлчү тутумуохха наада. Ол кэнниттэн күүскүнэн аахтарарыҥ уустук.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0