Оҕонньор хараҕын уута (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Ородьумаан
11.09.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

 Сахаар оҕонньор сааһа ыраатта. Былырыын эмээхсинин тиһэх суолугар атаарбыта. Ол аһыытыгар баттатан, хайа охсубут аҥара эрэ хаалла. Кытта кырдьыбыт доҕорун сүтэрэн, соҥуоран сылдьар. Кыра уолугар баар. Бары мунньахтаан, сэлээннэһэн баран, оҕонньору киниэхэ олохтообуттара. Ону даҕаны кийиитэ сөбүлээбэт курдук туттар.

Мутугунан быраҕар муҥур үйэлэригэр, эмээхсининиин дьоллоохтук да олорбуттара. Аҕыс оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Оҕолорбут туһа диэн умса-төннө үлэлээн, чиэс-бочуот бөҕө ылбыттара. Аны билигин кини иитиллэр кэмигэр, оҕолоро үгүстэрэ тиэрэ хайыстылар. Бүгүн Сахаар биир үөлээннээҕин көрсөн, арыгы истэ. Итирэн кэлэн охтубута да, киэһэ биирдэ уһугунна.Уоллаах кийиитэ тугу эрэ киҥир-хаҥыр саҥарсаллар. Сахаары кийиитэ итирик сытар диир быһыылаах.

— Ити аҕаҥ оҕонньору кырдьаҕастар дьиэлэригэр киллэрбэппит дуо? — Сахаар кийиитин эҕэлээх этиитин кэнниттэн, уолун хоруйун тыыммакка да иһиллээн сытта. Кырдьаҕас санаатыгар: «Кэбис, туох диэн эттэххиний. Аҕабын тоҕо онно биэриэхтээхпиний? Биһиги ийэбитин-аҕабытын кырдьар кэмнэригэр иитэр ытык иэспит», — диэҕэ дии санаабыта. Хомойуох иһин, көһүппэтэх өттүттэн атын харданы иһиттэ.

— Билбэтим. Хайыырбыт эбитэ буолла. Биэнсийэтин тутта олорорбут  үчүгэй буолбатах дуо?

— Кирэдьииккэ бара турар ди.

— Ол кирэдьиитиҥ кыбартыырабытын төлүүр буолбатах дуо?

— Баҕадьыанньаҕа да киирдэҕинэ тутуохтара уонна биэнсийэтин онтон даҕаны ылыахпыт буоллаҕа.

— Бэйэҥ кэпсэтэҥҥин илдьэн биэрээр оччоҕуна.

Сэрии бэтэрээнэ кини туһунан туһаныллан бүппүт мал курдук кэпсэтэллэриттэн харааста сытта. Сордоох, эмээхсиним эрэ баар буолан киһи тэҥинэн сылдьаахтаабыппын. Оҕо сүрэҕэ тааска диэн сөпкө да эппиттэр. Кырдьаҕас бу олоҕун устата үһүстээн ытаата. Бастаан — сэриигэ доҕотторун кыргыс толоонугар сүтэрбититтэн. Иккиһэ — тапталлаах кэргэниттэн маппытыттан. Уонна бу, төрөппүт оҕотуттан үүрүллүбүт курдук санаммытыттан. Оронугар хапсыллан саҥа таһаарбакка эрэ, көхсө дьигиҥнии сытаахтаата.

Сахаар Даайыс кыыстыын холбоһуоҕуттан, киниттэн ураты дьоллоох суох этэ. Кинилэр баҕалара диэн элбэх оҕолонон, дьоллоохтук олоруу. Ама оҕоттон ордук дьол баар үһүө. Даайыс бастакы оҕотун хат сырыттаҕына, Сахаар иһин тутан көрөрө, иһиллиирэ:

— Көрүүй, Даайыс, хамсыыр дии.

— Киһи буолан баран хамсаамына.

— Хаһан тахсарый? — эдэрдэр дьоллоохтук күлсэллэрэ хараҕар бу баардыы көстөр.

Сахаар сэриигэ уон аҕыс эрэ сааһыгар барбыта. Этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн, холкуоска үлэ үөһүгэр түспүтэ. Утуу-субуу оҕолонон, дьиэлэрэ оҕо саҥатынан туолбута. Сахаар уолаттарыгар маһынан оонньуур оҥороро. Кыргыттарыгар сатаабатар даҕаны хокуукка тигэн биэрэрэ. Бултаан да, үлэлээн даҕаны кэллин, оҕолоро аҕаларыгар саба түһэллэрэ. Эр биир өрүтэ көтөҕөттүүрэ. Кыраларын сүгээйдии үөрэтэлээбитэ, күнү күннүктээн сүктэрэ сылдьыахтарын баҕараллара. Уолаттара обургу буолуулара куска илдьэ сылдьара. Аҕаларын кытта барсаары былдьаһык буолара. Даайыс уһун суһуоҕун икки гына өрүммүт, номоҕон дьүһүннээх. Күллэҕинэ маҥан тиистэрэ кэчигирэһэн көстөллөрө. Уонна онтон килбигийэн айаҕын саба туттан умса көрөрө. «Даайыс, эн билигин ханнаҕыный? Тоҕо миигин быраҕан бардыҥ? Илдьэ барыый, миигин» — кырдьаҕас эмиэ да түһүүр, эмиэ даҕаны ааспыт олоҕун хараҕар көрөр курдук. «Сахаар, оҕо диэн дьол»- дииргэ дылы, Даайыһа. «Даайыс, оҕо сүрэҕэ тааска»….

— Маама, эһээ ытыы сытар быһыылаах. Сахаар сиэнин саҥатыттан хараҕын аста.

— Эһээҕэр чугаһаама! Итирик сытар — кийиит дьахтар охсурҕаланна. Онто да суох Сахаар арыгыттан буолбакка, амараҕа суох айахтан тахсыбыт тыллартан санаата түһэн, иирбитэ да, итирбитэ даҕаны биллибэккэ сытар. Кырдьаҕас сарсыарда туран таҥынна. Тайах маһын ылан, тахсан барда.

Сахаар уола икки күннээх командировкаттан кэллэ.

— Хайа, кырдьаҕас ханна баран көстүбэтий? — ойоҕуттан ыйытта.

— Мин хантан билиэхпиний? Ханна эрэ арыгылыы сылдьар ини — дьахтар, эрэ киниэхэ кыһаммакка аҕатын ыйыппытын сөбүлээбэккэ, иэдэс биэрдэ.

— Оҕонньор оннук иһээччитэ суох. Хаһан эмит үөлээннээхтэрин көрүстэҕинэ…

— Ол оҕолорбун бэрийбэккэ, эн аҕаҕын манаан олоруом дуо?! Баран көрдөө, оччо мэҥийэн, ахтан кэлбит буоллаххына!

Сахаар уола туох эрэ куһаҕан буолбутун сэрэйэн, тахсан хаарга аҕатын суолун хайда. Суола халдьаайы диэки барбыт. Киһи уҥуоҕар тиийэн, супту ийэтин уҥуоҕун диэки хаамта. Аҕата онно олорбутунан тоҥоохтообут. Уола аҕатын илиититтэн, ийэтин хаартыскатын нэһиилэ арааран ылла.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
6
+1
0
+1
0