Оҕом барахсан

01.06.2017
Бөлөххө киир:

Аҕа дойду Улуу сэриитин, Ленинграды көмүскээһин кыттыылааҕа, Үөһээ Бүлүү оскуолатын учуутала Александр Николаевич Николаев быйыл төрөөбүтэ 100 сааһа буолар.

 «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Александр Николаевич оҕолорго анаан суруйбут хоһооннорун күн бүгүҥҥэ диэри кырачааннар оҕо уһуйааныгар, оскуолаҕа үөрэтэллэр, дорҕоонноохтук ааҕаллар.

Бүгүн, Оҕо көмүскэлин күнүнэн, кини 1979 с. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар тахсыбыт «Тыытымаҥ чыычаах уйатын» диэн кинигэтиттэн оҕолорго аналлаах хоһооннорун билсиэҕиҥ.

Оҕом барахсан

Оҕом барахсан!

Оҥой-соҥой көрөҥҥүн,

Олус миэхэ күндүгүн.

Оҕом барахсан!

Сытыҥ сүрдээх минньигэс

Сытыы духуу тэҥнэспэт.

Оҕом барахсан!

Хаамтаххына хайгыыбын,

Сүүрдэххинэ сөҕөбүн.

Оҕом барахсан!

Мэниктиириҥ бэһиэлэй,

Үөгүлүүрүҥ үчүгэй.

Оҕом барахсан!

Инниҥ унньук суол,

Иитиллэҥҥин киһи буол!

Бары бииргэ сылдьаллар

Оҕолору кытары

Олордубут мастарбар,

Мунньахтаары гыммыттыы

Мустар буолтар чыычаахтар.

Кэлэн бары мастарга

Кэккэлэһэн кээһэллэр.

Үргэн арыт салгыҥҥа

Үрэл гына көтөллөр.

Арыт сиргэ түһэннэр

Ас көрдөөннөр сырсаллар,

Хайдах эрэ биир тэҥҥэ

Хапсаҕайдык хамсыыллар.

Маладьыастар чыычаахтар;:

Бары бииргэ сылдьаллар,

Бары бииргэ аһыыллар,

Бары бииргэ көтөллөр.

Тииҥ

Тиит дьиэлээх

Тииҥ диэммин,

Тииттэн тииккэ ыстанабын,

Тииттэринэн айанныыбын.

Тиит дьиэлээх

Тииҥ диэммин,

Эриэхэнэн эбиэттиибин,

Тиит туораҕын тиниктиибин.

Тиит дьиэлээх

Тииҥ диэммин,

Сайыл саһыл өҥнөнөбүн,

Күһүн күп күөх түүлэнэбин.

Тыытыма чыычаах уйатын

Чыычаах көтөн, чырыптаан

Кэлэр манна сыл ахсын,

Тумсутунан нарылаан

Туттар дьоҕус уйатын.

Сымыыт баттаан барбакка,

Сытар чыычаах барахсан.

Ийэ истиҥ таптала

Итиччэнэн улуукан.

Оонньуу сылдьан мэниктээн,

Уолчаан, маны тыытыма,

Дьоҕус ыалыҥ кэскиллээх

Дьолун тоҕо тардыма.

Күндү көмүс уйатын

Көҥүл көрдүн-иһиттин,

Үгүс кэрэ ыччатын

Үрүҥ күҥҥэ көтүттүн.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0