Кэпсээннэр… үчүгэй кэпсээни киһи туохтааҕар да кэрэхсиир, санаа буоллар эрэ ылан ааҕа сылдьар идэлэнэр. Урут мелодрама диэн өйдөбүл суох эрдэҕинэ киэһэ аайы долбууртан таптыыр кинигэҕин оруу тардан, талбыт кэпсээни ааҕыллар буолара. Ону санатыах, лоскуй-лоскуй кэпсээннэрдээх олус үчүгэй кинигэ тахсыбытынан саха ааҕааччытын эҕэрдэлиибин.
edersaas.ru
Быһааран эттэххэ, Кэбээйиттэн төрүттээх Көстөкүүн Ээбэрэстэби кэнники сылларга билбэт ааҕааччы суох. Уһулуччу үчүгэй тыллаах, хараххар көстөн кэлэрдии тугу барытын ойуулуур кыахтаах, тардына соҕус сэһэргиир тэтимнээх, эмиэ да чиҥ толкуйга тиэрдэр ис күүстээх. Онон литэрэтиирэҕэ суолун тыырыммыт суруйааччы.
Бу сырыыга кини “Оһолун-моһолун…” чахчы тэҥҥэ туорастым эбээт!. Дьэ, кини айымньыларын аахтарбын эрэ, куруук туох эрэ ситэ төбөбөр тиийбэт саҥаа сөҥөн хаалара. Онтубун бу сырыыга буллум! Уол биир дойдулааҕа, улахан суруйааччы Тимофей Сметанин суруйар быһыытыгар маарынныыр тутуллаах кэпсээннэрдээх эбит. Өйдүүгүт? Били сэрии кэнниттэн госпитальга дуу, санаторийга дуу сыппыт Николаев туһунан суруйууну? Егор Чээрин туһунан, сэрии кэмигэр буолары ойуулаабыта дьиктитин курдук, бу сырыыга Көстөкүүн Ээбэрэстэп Чечня сэриитин саҕанааҕыны, туох да күүркэтиитэ суох ууран биэрбитэ эриэккэһин!
Маны аахпыт эрэ киһи бэйэтин кыттыгастаах уонна эр киһи буоларынан киэн тутта сананыаҕа диэн мин сыана быстым. Онон, кытаатыҥ, доҕоттор, санааҕытын ууран көрөөрүҥ эрэ. Кинигэ олус бэрт!
Аны ол Чечнятын сэриитин Чиргэл Бастыырап күннүгүнэн көрдөрөр буоллаҕына, атын кэпсээннэрэ оҕону-ыччаты киһилии иитиигэ бэртээхэй төрүөт буолуох курдук ыраас тыыннаахтар! Олоххо маарыннаһар түгэннэр баар буолаллар. Эһэтин холуннарбыт, атаҕастаабыт сиэни дьаһайбыт кырдьаҕас санаата-оноото билигин сиэр алдьаммыт кэмин туоһута буолла. Саамай сөпкө ити туһунан ахтыбыт дии санаатым. Киһи кырдьыга хаһан баҕарар тахсыахтаах. Аны кырдьыкпыт даҕаны, хомойуох иһин, үксүгэр икки өрүттээх буоларын олохпут дакаастыыр.
Хантараакка баҕаларынан хаалар уолаттар, анал эпэрээссийэҕэ сылдьыбыт дьон туһунан кэпсээннэрэ субу бүгүҥҥү күҥҥэ туох буола турарын тула толкуйдуурга олус туһалаах уонна чахчы, көстөн турар кырдьыктаах курдук дьэҥкир.
Кэпсээн кинигэтин иккис аҥаара “Олох очурдара” диэн ааттаах. Бэйэҕит сэрэйэҕит, эр киһи хараҕа туохха иҥнэн айымньыны айыан сөбүй? Биир тылынан хардарыам—киһи төбөтүгэр өлгөм санааны күдьүс анньан киллэрэр, түүлээх чөмчөкөҕүн ытыйа булкуйан үлэлэтэр.
Онон, сахалыы кинигэни сэҥээрээччилэр, атыылаһан ааҕыҥ, сыаната да дьоҕус—236 солк.
«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Анисим НЕУСТРОЕВ