Ис дьыала уорганнарыгар учуокка 2 тыһыынчаттан тахса төрөппүт турарын эрдэ иһитиннэрэн турабыт. Бу – оҕолорун иитэр, көрөр-харайар, үөрэтэр эбээһинэстэрин толорбот, оҕолоругар куһаҕан өттүнэн дьайар биитэр кырыктаахтык сыһыаннаһар төрөппүттэр. Бу дьон баһыйар өттө (86 %) итирдэр утаҕы сөбүлээн иһэр.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Нам улууһугар биир оннук ийэҕэ суут бириигэбэрэ тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Суут быһаарбытынан, 44 саастаах дьахтар сокуоннай сааһын ситэ илик үс оҕолооҕуттан обургу кыыстаах уолугар (2002 уонна 2004 сыллаах төрүөхтэр) кырыктаахтык сыһыаннаһара биллибит: 2015 сыл атырдьах ыйыттан 2016 сыл сэтинньитигэр диэри кэмҥэ ыскакаалканан, кипятильник сунуурунан таһыйталаабыт, кыыһын баттахтыыр, уолун төбөҕө, санныга охсор- кырбыыр эбит. Итинник атаҕастана олорор оҕолор уйулҕаларыгар, эттэригэр-сииннэригэр, доруобуйаларыгар улахан охсуу ылбыттар.
Суут мунньаҕын кэмигэр ийэ буолуохсут буруйун толору билиммит, кэмсиммит уонна аны маннык быһыы хаһан да хатыланыа суоҕун эрэннэрбит.
Суут кинини РФ Холуобунай кодексатын 117-с ыст. 2-с чааһын «а», «г» пууннарынан («Муҥнааһын») уонна 156-с ыстатыйанан («Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕотугар кырыктаахтык сыһыаннаһан туран, төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу») буруйдааҕынан билинэн, 3 сыл 3 ыйга көҥүлүн быһары усулуобунайынан ааҕан, 1 сылга тургутар болдьоххо уурбут.
Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн ылылынна.