“Мин сахабын — элбэхтэн биири талабын” диэн ырыанан киэҥник биллибит, ыччат кутун-сүрүн туппут Гоша Васильев – Jeedda Дьокуускайга оҕону сайыннарар киини тэриннэ. Аны сотору кэминэн продюсерскай киин арыйан, саҥа сүүрээни олохтуурга бэлэмнэнэр. Эдэр киһи Jeada, Saas Ustar диэн ааттары ылына сылдьыбыта. Билигин аны Jeedda диэн сүрэхтэнэн, өссө да элбэҕи айар-тутар былааннаах эбит. Jeedda-лыын оҕону иитиигэ бэйэ үөрүйэҕин, ыччат туһунан санаатын, ырыа хайдах айылларын туһунан аһаҕастык кэпсэттибит.
Үөрэҕэ, үлэтэ
— Бэйэ дьыалатын тэриммиккин истибиппит. Тугунан дьарыктанаҕын?
— Саха сиэринэн, ыраахтан саҕалаан, саас-сааһынан кэпсээтэххэ, мин Санкт-Петербург куоракка баар А.И. Герцен аатынан Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университеты нуучча тылын уонна литературатын учуутала идэлээх бүтэрбитим. Төрөппүттэрим, чугас аймахтарым – Баһылайаптар уонна Зыковтар учуутал идэлээх дьон. Онон мин учууталлар көмүс династияларын салҕааччы буолабын. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим миигиттэн лаппа аҕа, кини атын идэни талбыта. Онон мин учуутал буоларга быһаарыммытым. Бу быһаарыныы династияны салҕаары эрэ диэн санааттан буолбатах. Бэйэм эрдэттэн бу идэни сөбүлүүр этим, ылсан, талан, бэлэмнэнэн үөрэнэ барбытым. Аны, дипломмун суруйарбар саха литературатын уруогун Муусука Үрдүкү оскуолатыгар биэрэ сылдьыбытым. Бэһис-онус кылаас үөрэнээччилэригэр. Онно «учуутал идэтин сөпкө талбыт эбиппин» диэн санаам өссө күүһүрбүтэ, үөрэх эйгэтигэр ылсан барбытым. Бу сайын «Union» диэн оскуоланы кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, оҕолорго муусука лааҕырын тэрийбиппит. Сайыны быһа үлэлээтибит, элбэх оҕо сөбүлээн сырытта. Тоҕус сезон толору, өрө күүрүүлээхтик үлэлээтибит. Ол быыһыгар манна эдэр блогердар, диджейдэр куурустарын тэрийэн оҕолору дьарыктаатыбыт, оҕолор астыннылар аҕай. Аны балаҕан ыйын бастакы күнүттэн оҕону сайыннарар киин буолан арыллан үлэлээри бэлэмнэнэ сылдьабыт. Манна оҕо саада уонна үөрэнээччилэргэ анаан эбии үөрэхтээһин киинэ баар. Муусукаҕа эрэ буолбакка, атын предметтэргэ эбии дьарык уонна араас куруһуоктар баар буолуохтара. Онон эбии үөрэхтээһин киинин салайааччыта буоллум. Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ олоҕурбут ньымалартан кыратык тэйэн, интэриэһинэйи була сатыыбыт. Оҕо инники идэтигэр сөпкө тайаныан баҕарабын. Улахан куоракка устудьуоннаабыт буоламмын араас дьону кытта алтыһан ааспытым. Онно «алҕас» үөрэнэ кэлбит, үөрэххэ туттарсыбыт оҕо олус элбэх буолара. Эксээмэн баала ханна хапсарынан араас үөрэххэ барытыгар докумуон туттаран, онтон талан ылан үөрэххэ киирии, идэлэнии – эппиэтинэһэ суох быһыы. Киһи бэйэтин ис санаатынан сиэттэрэн сайдыахтаах, үөрэниэхтээх дии саныыбын.
— Оҕону, ыччаты сайыннарар сыаллаах эбиккин. Оҕону рэбинэн, хип-хоп култууранан туохха үөрэтэбитий? Хайдах иитэбит?
— Мин рэп-муусуканы оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Ырыаны истэн, толорон сайдан киирэн барбытым. Тулалыыр эйгэҕэ сыһыаны этэргэ, тиэрдэргэ бу ырыа көмөлөспүтэ. Холобур, «Мин сахабын» ырыаны ханнык да атын жанрынан сатаан суруйуо, ыллыа суох этим. Биһиги лааҕырбытыгар оҕолорго рэп суруйарга, онно рифма суолтатын, кини киэргэтэр дьайыытын туһунан кэпсиибит. Итинтэн саҕалаан ис хоһооҥҥо киирэбит. Билиҥҥи киһи туохха барытыгар аһаҕас буолуохтаах. Улаатан эрэр оҕоҕо самай өйдөнүөмтүө, тиийимтиэ жанр дии саныыбын.
— Оччоҕуна үөрэммит идэҕинэн аны оскуолаҕа үлэлээбэккин дуо?
— Идэ диэни киэҥник көрөбүн. Оҕолору иитии – олоҕум биир хайысхата буолар. Оҕо бэйэтин ытыктыырыгар, кыаҕын билинэригэр баҕарабын. «Union» оҕону сайыннарар киин иһинэн туспа куруһуок арыйыахпын баҕарабын. Литератураны оҕо сааспыттан сөбүлүүбүн, ааҕабын. Уопсайынан литератураҕа, айымньыга сыһыан диэн оҕолорго толкуйдатыахпын баҕарабын.
Продюсер
— Оттон ырыа?
— Ырыаҕа ылсан, дьэ, үлэлээри сылдьабын. Продюсерскай киин арынан эрэбин. Алтынньыттан үлэлиэхтээх, өрөмүөн үлэтэ бара турар. Ырыа устуохпут, оҥоруохпут, ырыаһыттары таһаарыахпыт. Музыкаҕа бэйэм ураты көрүүлээхпин. Музыканы дьоҥҥо сатаан тиэрдэ, өйдөтө үөрэниэхпитин баҕарабын. Ол өттүнэн сайдыы барыахтаах. Талааннаах музыканнарбыт, ырыаһыттарбыт элбэхтэр. Кинилэр оҥорон таһаарбыт хаачыстыбалаах муусукаларын дьоҥҥо сөпкө тиэрдиэхтээхпит. Билигин альбом таһаарар, килиип устар барыһа суох.
— Ырыанан эрэ муҥурданан, ыччат айаҕын ииттинэн олоруо дуо сатаан?
— Ыччаты ырыанан эрэ дьарыктаныахтаах диэбэппин. Сөбүлүүр дьарык быһыытынан илдьэ сылдьыахха сөп. Араас хайысханы баһылаабыт, эргиччи сайдыылаах ыччат баара үчүгэй буолбаат?
— Балаҕан ыйыгар кэнсиэртиир эбиккин. Туох уратылаах буолуой? Урукку ырыаларгын истиэхпит дуо?
— Уруккуну-хойуккуну санатар ырыалар бары баар буолуохтара. Барыта тыыннаах доҕуһуолунан арыалланан, баҕар, кыратык уратытык, сонуннук иһиллиэҕэ. «Ый суола» бөлөх көмөлөһүөҕэ.
Тылдьыты туттуу туһунан
— Ырыаларгар биһиги күннэтэ истибэт тылларбытын туттаҕын. Тылдьыты туһанаҕын дуо? Ханнык кинигэлэри ааҕаҕын?
— Суох, олоро түстүм даҕаны өйбөр кутуллубут тыллары суруйан барабын. Күннээҕи олохпор, тустаах кэмнэргэ бу тыллары барыларын туттабын. Оттон тылдьыты наар да буолбатар, наадыйдахпына ылан көрөбүн, интэриэһиргээтэхпинэ туттабын. Кэнники нуучча литературатын ааҕабын. Толстойу, Достоевскайы хаста даҕаны хат ааҕыахпын сөп. Билигин литератураҕа суруйаллара барыта аттыбытыгар буола турар, ол иһин улаханнык аныгы литератураны интэриэһиргээбэппин.
Бэлиитикэни толкуйдуур
— Инникитин бэлиитикэҕэ киирсэр санаалааххын дуо?
— Оннук син биир баар буолара буолуо. Баҕар-баҕарыма, бэлиитикэни интэриэһиргээһин, бу туһунан толкуйдааһын хайа баҕарар киһиэхэ баар. Ол хайаан даҕаны, дьокутаакка анньыһыы, тойон буолуу диэн буолбатах. Дойдум иһигэр туох буола турарыгар долгуйабын.
— Ыччаты кытта үлэлиир киһи ыччат тугунан дьарыктанарын биһириигиний?
— Бары биир хайысхаҕа симиллибэккэ, араас хайысханы бары тэҥник баһылыырбыт буоллар. Олох өрүтэ элбэх. Үлэни үчүгэйдик тарҕаппаппыт, бары биир сиргэ тэпсэҥнии сылдьар курдукпут. Куоракка, киин сирдэргэ эрэ буолбакка, тыаҕа эмиэ ыччат мустара, этэҥҥэ үлэлиирэ, олохсуйара буоллар. Холобур, ханнык эрэ хайысхаҕа үлэһит ыччат тиийбэт. Кинилэр оннуларыгар атын омуктар кэлэн үлэлииллэр. Маны хонтуруолга ылларбыт, кыайыа этибит.
Тыа сиригэр барбат
— Бэйэҥ тыаҕа тахсан олохсуйуоҥ этэ дуо?
— Тахсыам этэ, ол эрээри тыа сиригэр миигиннээҕэр ордук быһаарсар, тыа хаһаайыстыбатыгар сыстаҕас эр бэртэрэ бааллар буоллаҕа. Онон бэйэм дьыалабынан манна дьарыктаммытым ордук.
— Эн ырыаларгын кимнээххэ аныыгыный? Кимиэхэ тиэрдэ сатыыгыный?
— Урут биир дойдулаахтарбар, сахаларга анаан диэн суруйар этим. Ол толкуйум устунан сүппүтэ. Билигин биир үксүн дьоҥҥо диэн суруйабын. Сааһыттан, омугуттан тутулуга суох, дьоҥҥо барытыгар.
Кэргэнэ, оҕото
— Олоххор биир саамай суолталаах быһыы-майгы диэн тугу этиэҥ этэй?
— Ойохпун көрсүбүт уонна оҕом төрөөбүт күннэрин олус күндүтүк саныыбын. Быйыл ыал буолбутум номнуо уон сыл буолар. Кэргэним Диана юрист уонна технолог идэлэрдээх, билигин Дьокуускайга министиэристибэҕэ үлэлиир. Оҕом Бэргэн биэстээх киһи. Уолбун иитэрбэр миигин дьонум хайдах ииппиттэрин санаан, ону тутуһабын.
Олоҕун олуктара
Васильев Егор Михайлович — Jeedda
1988 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар күн сирин көрбүтэ.
2006 сыллаахха Майа гуманитарнай оскуолатын бүтэрбитэ.
2004 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Култуура киинигэр бастакы айар киэһэтин тэрийбитэ.
2004 сыллаахха “Мин сахабын” диэн бастакы альбома сүрэхтэммитэ.
2007 сыллаахха ыал буолбута.
2013 сыллаахха Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай педагогическай университеты бүтэрбитэ.
Кэргэннээх, оҕолоох.
Сэмсэ тыл
Антон Иванов, ырыаһыт, “Добун” студия салайааччыта, продюсер:
— Гоша, эмиэ биһиги курдук, бэйэтэ суол солоон тахсыбыт ыччат буолар. Саҥа продюсерскай киин арынан эрэриттэн үөрэбин. Дьоҕурдаах оҕолору, саҥа ааттары таһаарыа диэн эрэнэбин. Эдэр, талааннаах ыччаппытыгар ситиһиилэри баҕарабын!
Айтана АММОСОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru