Чэбдигирии сылынан Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин үлэһиттэрэ бэрт сонун бырайыагы толкуйдаабыттар. Ол курдук, оҕолору хомуһунан чэбдигирдиэхтэрэ, эмтиэхтэрэ. Тэрээһин туһунан бүгүн – Оҕо көмүскэлин күнүгэр киэҥ араҥаҕа билиһиннэрдилэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Арт-терапия” бырайыак иитинэн үлэлиир “Хомусотерапия” бырайыак Саха сиригэр оҕолорго аналлаах саҥа сүүрэн буолар. Бу иннинэ улахан дьоҥҥо туһаныллыбыт эбит буоллаҕына, көдьүүстээҕэ көстөн, билигин оҕолор ортолоругар тарҕатан эрэллэр.
Кэнсиэпсийэ ааптара, Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин билимҥэ салайааччыта Эркин Алексеев:
— Чэбдигирии сылынан толкуйдаммыт бырайыак СӨ Бырабыыталыстыбатын былааныгар киирбитэ. Туспа хайысхалаах. Ону биһиги – Хомус киинэ толоробут. Күн бүгүн үс тэрилтэни – Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) интэринээт-оскуоланы, “Бэс Чагда” оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын бөҕөргөтөр киини, Т.П. Дмитриева аатынан сэлликтээх оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторийдарын кытта сөбүлэһэн олоробут.
Бу, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат тус-туһунан тэрилтэлэр. “Бэс Чагдаҕа” доруобай оҕолор сынньанар лааҕырдара, пандемиянан сибээстээн сезоннара кылгас — икки нэдиэлэлээх буолара буолуо дииллэр. Уйулҕа үлэһитин кытта мэтиэдикэ бэлэмнээтибит. Уйулҕа өттүнэн кыһалҕалаах оҕолорго хомус тыаһын устан иһитиннэриэхпит, бу кэмҥэ уруһуйдуохтара. Исписэлиис туох уларыйыы барарын кэтээн көрүөхтээх.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) интэринээт-оскуолаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор үөрэнэллэр. Харахтарынан көрбөт оҕолорго хомус тыаһын иһитиннэрэр былааннаахпыт. Кулгаахтарынан истибэт оҕолор хомус вибрациятын эттэринэн-сииннэринэн билэллэр, ылыналлар (чувствуйдууллар) эбит. Онон кинилэргэ хомуһу тардарга үөрэтиэхпит. Саха төрүт дорҕоонун тарҕатааччы Хатылаевтар үөрэнээччилэрэ Баттаховтар бу интэринээт оскуолаҕа фольклорга уһуйаллар, бэйэлэрэ хомуска бэркэ тардаллар. Кинилэри кытта дьарыгы нэдиэлэҕэ иккитэ ыытыахпыт диэн былаанныыбыт. Итиэннэ хомус тыаһа оҕолорго хайдах дьайарын уйулҕа үлэһитэ уруһуйунан кэтээн көрүөҕэ.
Сэллик тыҥа ыарыыта буоларын быһыытынан, Сэлликтээх оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи санаторийа ордук оҕолор бэйэлэрэ хомуска тардалларыгар интэриэстээхтэр. Онон тыҥаны эбии эрчийии дьарыгын быһыытынан ааһыаҕа. Уйулҕа, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ эмиэ туох уларыйыы барарын, төһө туһалааҕын, туһата суоҕун кэтээн көрүөхтээхтэр, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Бырайыак түмүгүнэн үлэһиттэр хомуһунан эмтээһин оҕоҕо сабыдыалын, көдьүүһүн туһунан чахчылары хомуйуохтара.
Санатан аастахха, хомуһунан эмтээһин ньымата сахаларга балачча киэҥник тарҕаммыта биллэр. Ол курдук, өссө 1990-с сыллартан саҕалаан, “Сайыына” духуобунас киинэ күн бүгүҥҥэ диэри улахан дьоҥҥо туһанар. Ону тэҥэ, Саха сириттэн төрүттээх Матвей Афанасьевич Алексеев кэргэниниин Елена Васильевналыын Горячай Ключ (Краснодарскай кыраай) санаторийыгар кэлбит дьону сылы эргиччи хомуһунан эмтииллэр диэн Эркин Павлович этэр.
Иллэрээ сыл Дьокуускай куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы (аан дойдуттан кыттыылаах) научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааспыта. Манна дойдуга хомуһунан эмтиир быраактыктар бэйэлэрин уопуттарын, холобурдарын үллэстибиттэрэ.
Уопсайынан, хомуһунан эмтээһин сүрүннээн улахан дьоҥҥо туһаныллан кэллэ. Онон “Хомусотерапия” бырайыак оҕолор ортолоругар маассабайдык тарҕатыы, ону уйулҕа, мэдиссиинэ өттүнэн кэтээн көрүү бастакы хардыылара диэххэ сөп. Саҥа, сонун итиэннэ бу иннинээҕи биирдиилээн холобурдарга олоҕурдахха туһалаах бырайыак буолара саарбахтаммат. Бырайыагы бүгүн – Оҕо көмүскэлин күнүгэр билиһиннэриилэрэ икки бүк суолталаах.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Хомус түмэлин уонна киинин архыыбыттан.