Батсаабынан эмиэ хобдох сурах тыаллааҕар түргэнник тарҕанан эрэр. Ол — бу өрөбүлгэ “Кит” диэн бөлөх бэйэҕэ тиийиниэн баҕалаахтары маассабай акцияҕа ыҥырар диэн.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Бу сураҕы киин куорат 18-с №-дээх оскуолатын төрөппүттэрэ тарҕаталларын курдук суруйбуттар. Өссө оҕолоргутун кыраҕытык кэтээҥ, ити күн ханна да ыытымаҥ диэн сэрэтиилээхтэр.
СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, маннык сурах Тольятти куоракка тарҕаммыт, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыана суох.
Маныаха РФ ИДьМ-тын СӨ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар отделениетын начальнига, полиция подполковнига Оксана Звержеева биһиги хаһыаппытыгар (сайтпытыгар) иһитиннэрбитинэн, обургу оҕолор бэйэҕэ тиийиниилэрэ эбэтэр холонуулара, бастатан туран, төрөппүт өттүттэн өйдөөһүн суоҕуттан, кыһаммат, болҕомто уурбат буолууттан тахсар. Суицид үс гыммыт биирэ төрөппүтү кытта кыыһырсыы, өйдөспөт буолуу түмүгэр тахсар.
Аны туран, бүгүҥҥү күҥҥэ тирээбит кыһалҕанан социальнай ситимнэринэн “өлүү бөлөхтөрө” диэн үөскээбиттэрэ буолар. Маннык бөлөхтөргө киирэр оҕо ахсаана элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр. Бэл диэтэр, ханнык улуустарга бааллара кытары биллэр, ол – Аммаҕа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Мирнэйгэ, Чурапчыга, Тааттаҕа, Горнайга, Ньурбаҕа, Уус Алдаҥҥа.
Маннык бөлөхтөргө киирии төрүөтүнэн бастаан көннөрү интэриэс эрэ буолар, соҕотохсуйуу (доҕотторо суоҕа) биитэр олохтон бэйэ баҕатынан барарга тардыһыы. Оҕону күһэйэн туран киллэрии түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар.
Полиция сэрэтэр уонна сүбэлиир:
Оҕолоргутун буортулаах уонна кинилэр доруобуйаларыгар, сайдыыларыгар куһаҕан дьайыылаах информациялартан хаххалыыр-харыстыыр ньымалар туттаргытыгар.
Холобура, сим-каартатын «блокируйдааһын”, Роскомнадзор уорганыгар этэн, Интернет-сайты (rkn.gov.ru) саптарыы, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үҥсүү, оҕоҕо психологическай көмөнү оҥорторуу (ол иһигэр, 8-800-2000-122 бүтүн Россиятааҕы “итэҕэйии төлөпүөнүнэн”).
Төһө да күннээҕи түбүктэргэ, үлэҕитигэр сүпсүгүрэ сырыттаргыт, оҕоҕутугар, кини ис туругар болҕомтолоох, кыһамньылаах буоларгытыгар!
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернет.