Оҕолорго эбии төлөбүр көрүллүөҕэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот депутаттара аҕыс саастарыттан уон сэттэ саастаах оҕолорго эбии көмө төлөбүр туһунан боппуруоһу көрдүлэр. Бу көмөнү билигин кыра дохуоттаах ыал барыта ылар кыахтанна.

СӨ үлэтин уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, аҕыстарыттан уон сэттэ саастаах оҕолордоох ыал билигин ый аайы саҥа төлөбүр ылар кыахтанна. Бу көмө өскөтүн ыал олоруу кээмэйиттэн кыра дохуоттаах буоллаҕына төлөнүөҕэ. “Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 41 оҕо бу көмөнөн туһаныаҕа диэн былаанныы олоробут. Дохуоттарыттан көрөн бу көмөҕө наадыйар ыаллар биир оҕоҕо 9728 солкуобайтан саҕалаан 23229 солкуобайы ылыахтарын сөп”, – диэн иһитиннэрэр миниистир Елена Александровна.

Төлөбүрү ыларга сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор портал эбэтэр “Мин докумуоннарым” элбэх функциялаах кииннэр нөҥүө толорон ыытыахха сөп. Бу төлөбүр муус устартан саҕаланар буолан, ыам ыйыгар дьиэ кэргэн тута икки ыйдаах төлөбүрү ылыаҕа.

Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин аҕыстарыттан уон сэттэлэригэр диэри саастаах оҕолорго эбии көмө быһыытынан ый аайы төлөбүрү көрөргө этии киллэрэн турар. Бу этиини олоххо киллэрэн РФ бырабыыталыстыбата 363 млрд солкуобайы көрбүтэ. Эрэгийиэннээҕи сокуон барыла Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһинэн оҥоһулунна. Сокуон барыла Ил Түмэн бүгүҥҥү мунньаҕар бүтэһиктээх ааҕыынан ылынылынна.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0