Оҕолорго бэриллэр быһыыны чинчийэн эрэллэр

29.09.2021
Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбата Гамалея аатынан эпидемиология уонна микробиология научнай киинигэр 100 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы 12-17 саастаах оҕолорго коронавируһу утары быһыыны биэрэр чинчийэр үлэлэригэр биэрдэ. Бу туһунан “РИА-Новости” иһитиннэрэр.

Бу улаатан эрэр оҕолорго бэриллэр быһыыны оҥоруу судаарыстыбаннай сакаас буолар. Учуонайдар “Гам-Ковид-Вак” векторнай быһыыны (“Спутнигы”) 12-17 саастаах 3000 оҕоҕо биэрэн, килиниичэскэй чинчийии ыытыахтаахтар. Быһыыны төһө тулуйалларын, иммунитет эппиэтэ төһө үөскүүрүн, биир доза кээмэйин, о.д.а. чинчийиэхтэрэ. Оҕолор, төрөппүттэр бу чинчийиигэ баҕа өттүлэринэн сөбүлэһэн кытталлар.

РФ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ бу үп сөпкө туһанылларын хонтуруоллуохтаах уонна 2022 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри бырабыыталыстыбаҕа отчуоттуохтаах.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0