Оҕолорго анаммыт хоһооннор

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

ОҔО КҮНЭ

Оҕо күнэ! Ийэ күнэ!
Аҕа күнэ! Үөрүү күнэ!
Уруу-утум салҕанар
Уруй күнэ бу бүгүн!

Сиэним миэнэ уолум уола
Эдэр сааспын санатта,
Бүгүн санаам тиийбэт сирэ
Элэҥнээтэ харахпар.

Киһи эрэ үөрэр күнэ
Сырдык, ыраас өйдөбүл,
Оҕо күлэр, оҕо ытыыр
Дьиэтэ өрүү дьол дьиэтэ!

Полина-Победа
Уус Алдан

ОҔО СААС

Оҕо саас баар этэ эбээбэр
Этэрбэс баҕалаах кэмнэрэ,
Оҕо саас баар этэ ийэбэр
Уот сэрии иэдээннээх сыллара.

Оҕо саас баар этэ бэйэбэр
Сэбиэскэй күүрээннээх олоҕор,
Оҕо саас баар этэ оҕобор
Ырыынак ыар тыына ыгыыта.

Оҕо саас билигин сиэннэрбэр
Бу мунуу, бу бутуур үйэҕэ,
Ол эрэн оҕо диэн өрүү дьол
Олоҕу салҕааччы сүдү күүс!

Полина-Победа
Уус Алдан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0