“Оҕолорбутун сахалыы иитэбит”

21.07.2021
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэҕэ үс оҕолоох ыал элбэх оҕолооҕунан ааҕыллар. Аһынан-таҥаһынан хааччыйары таһынан, хас биирдиилэригэр болҕомто ууруохха, дьоҕурдарын сайыннарыахха, үөрэттэриэххэ, олоххо суолларын булалларыгар көмөлөһүөххэ, ситиһиилээх, үтүө дьон буола улааталларыгар иитиэххэ наада эбээт. Төрөппүттэртэн бу улахан эппиэтинэһи, сыраны эрэйэр эрээри, үксүгэр киһи хараҕар көстүбэт үлэ буолар.

Оттон сүүрбэччэ оҕону иитиэххит этэ дуо? Дьокуускай куорат аттыгар Пригороднай бөһүөлэгэр олорор Павловтар бэйэлэрин 4 оҕолорун таһынан, 18 оҕону ылан ииппиттэрэ. Улахаттара номнуо ыал буолан, туспа олороллор. Билигин кинилэргэ 4-17 саастаах 12 оҕо, ону тэҥэ, 2 устудьуон баар.

Олоххо бэлэмнээх буоларга иитии

Александр Иванович уонна Оксана Алексеевна устудьуоннуу сылдьан билсэн, 1993 сыллаахха ыал буолбуттара. Эдэр ыал сиэринэн утуу-субуу 4 оҕолонон, мас дьиэ атыылаһан, быр-бааччы олорбуттара. Аҕалара айылҕа харыстабылын иниспиэктэринэн, ийэлэрэ уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлииллэрэ.

Оксана тоҕо эрэ уруккуттан тулаайах оҕолору ылан иитэр санаалааҕа, ону бастаан кэргэнэ сөбүлэспэккэ сылдьыбыта. 2003 сыллаахха бастакы кырачааннарын ылбыттара. Кэлин улахан оҕолору, холобур, биир ийэ 5 оҕотун барыларын иитэ ылбыттара.

— Оҕолорбутун сахалыы иитэбит, — диэн кэпсиир Александр Иванович. — Дьиэбит иһигэр сахалыы кэпсэтэбит. Кими да күһэйбэппит эрээри, бэрт түргэнник өйдүүр, саҥарар буолаллар. Оҕону омугунан араарбаппыт. Обургу оҕо кэллэҕинэ, кини – бэйэтэ көрүүлээх, туспа иитиилээх, бүтүн киһи буоллаҕа. Онон бастаан кинини кытары биир тылы булуу, ураты сыһыан улахан оруоллаах. Дьиэ кэргэн эйгэтигэр улааппыт эрээри, кэлин тулаайах буолбут оҕолор эмиэ бааллар.

Бары тус-туспа майгылаахтар. Эниэргийэлэрин сыыһа суолунан ыыппат туһуттан, туохха дьоҕурдаахтарын таба көрөн, кинилэргэ дьарык булуохха наада. Сүрүннээн спорт өттүгэр дьарыктыыбыт, кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Вова боксаҕа Абхазияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы турнир чөмпүйүөнэ, СӨ чөмпүйүөнэ буолбута. Алгыстаана волейболлуур, хайыһардыыр.

Дьэ, ол эрээри, куруһуоктарга таһыахха наада. Симиэнэнэн үөрэнэллэр. Биир кыыспыт куоракка “Айыы кыһатыгар” үөрэнэр. Онон күнү быһа икки симиэнэнэн оҕолорбун таһабын. 8 миэстэлээх “УАЗ” массыыналаахпыт, 2012 сыллаахха элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр бырагырааманан биэрбиттэрэ.

Дьиэ үлэтин дьуһуурустубанан үлэлииллэр: аһы астыыллар, иһит, муоста, таҥас сууйаллар, оҕо көрсөллөр. Уолаттарбын тиэхиникэ, сантехника, электрика, сыбаарка, өрөмүөн үлэтигэр сыһыарабын. Миэбэл да оҥоробут. Куска, балыкка илдьэ сылдьааччыбын. Бары тахсан сир астыырбытын, тэллэйдиирбитин сөбүлүүбүт. Оҕолорбутун олоххо бэлэмнээх буоларга иитэбит-үөрэтэбит.

Аҕа диэн уол оҕоҕо холобур, кыыска үтүө санаалаах, “аптаах” киһи буолуохтаах. Эр киһиэхэ аҕа буолуу — улахан эппиэтинэстээх уонна наадалаах дьыала.

Бэйэ күүһүнэн — саҥа дьиэни тутуу

Павловтар таас дьиэлэрин бэйэлэрэ туттубуттара. Пригороднайга эргэ дьиэлэрин учаастагар өрүс биэрэгэ сиҥнэ турар этэ. Дьиэҕэ тиийэрэ уонча эрэ миэтэрэ хаалбыта. Онуоха атын учаастакка улахан, саҥа дьиэ туттар былааннаахтара.

Ыал аҕа баһылыга симиэтэ, бырайыак оҥорон баран, оччотооҕу бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Галина Данчиковаҕа сурук суруйбута: “тутуу матырыйаалынан көмөлөһүҥ, уолаттарбын кытары бэйэбит тутуохпут” диэн. Чахчыта, бырабыыталыстыба өттүттэн көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэл кыра этэ. Төһөлөөх итинни кыһалҕалаах дьон баара буолуой? Ол эрээри, Галина Иннокентьевна тута кэлэн, көрөн-истэн барбыта уонна көмөлөһөргө сорудахтаабыта.

Павловтар соһуйан эрэ хаалбыттара, улаханнык махтаммыттара. Онон, дьэ, биир сыл иһигэр икки этээстээх, киэҥ-куоҥ, 360 кв.м. иэннээх, толору хааччыллыылаах дьиэни тутан дьэндэтэн кэбиспиттэрэ. Уолаттар, кыргыттар туспа хостордоохтор, оҕо оонньуур, спортивнай хостор бааллар.

Манна ыал аҕата барыны-бары сатыыра олук буолбута. Тутууга уолаттара, доҕотторо, бырааттара көмөлөспүттэрэ. Уол оҕону эр киһи сатыыр үлэтигэр, үөрүйэҕэр үөрэтэрэ кэнэҕэски олохторугар туһалаах буолара саарбаҕа суох.

Сокуон өттүнэн итэҕэстэр

— Александр Иванович, тулаайах оҕолору иитэр дьиэ кэргэттэргэ сүрүннээн туох кыһалҕалар баалларый?

— Кэнники кэмҥэ харчы туһуттан оҕону иитэллэр диэн этэр дьон элбээтэ. Ону туох диэхпиний? “Бэйэҕит ылан иитэн көрүҥ” диэхпин баҕарабын. Оҕону иитии улахан үлэ, эппиэтинэс буоларын өйдөөбөттөр. Мин үлэбиттэн 2008 сыллаахха уурайбытым. Үлэлии сылдьыбытым буоллар, оҕолору сатаан көрсүөм, дьиэбин сатаан туттуом суох этэ. Элбэх оҕону иитэр ыалга хамнас курдук төлөбүр биир эрэ төрөппүккэ төлөнөр. Мин үлэтэ суох курдукпун, биэнсийэҕэ хайдах тахсарым да биллибэт. Быыспар тутууга, сыбааркаҕа үлэлиибин да, бэл, онно бириэмэм тиийбэт.

Оҕолор куруорка баран сынньаналларыгар айан ороскуота төлөнөр, төрөппүт арыаллыырыгар төлөммөт. 18 саастарын туоллулар да, босуобуйалара быһыллар, дьиҥэ, устудьуоннуур кэмигэр син биир төрөппүккэ иитиллэр буоллахтара. Сокуон өттүнэн итинник итэҕэстэр бааллар.

Улахан оҕолорбутугар судаарыстыбаннай бырагырааманан хос, дьиэ биэрбиттэрэ. Сорох оҕолорго төрөппүт ийэлээх аҕаларын дьиэлэригэр социальнай өлүүлээхтэр эрээри, хаһан дьиэлэнэллэрэ биллибэт. Онон дьиэтэ суох оҕолорбутугар урукку учаастакпытыгар эргэ дьиэни көтүрэн баран, саҥа дьиэ тутуохпутун баҕарабыт.

Биллэн турар, оҕолорбут 18 саастарын туоллулар да, ыыталаан кэбиспэппит, орто, үрдүк үөрэххэ киирэн, идэ ылалларыгар, үлэ, дьиэ булалларыгар, атахтарыгар туралларыгар көмөлөһө, сүүрэ-көтө сатыыбыт. Онон ыал буолан, дьиэлэнэн, туспа барбыттарын да иһин, “маама, паапа” диэбитинэн, кэлэ тураллар.

Пандемия “содула”

Пандемия кэмигэр оҕолор бары, устудьуоннар эмиэ, дьиэҕэ олорон үөрэммиттэрэ. Сүүрбэччэ киһи биир дьиэҕэ хаайтаран олорон үөрэнэрэ, дьэ, туһугар туспа тургутуу буоллаҕа. Ол олорон, гитара көстүбүтүгэр, аҕалара эдэр сылдьан ыллыырын өйдөөн кэлэн, кыргыттарын кытары ансаамбыл курдук, сахалыы ырыалары ыллыыр буолбуттара. “Инстаграмҥа” араас омук оҕолоро сахалыы ыллыылларын сэҥээрбит дьон үгүс этэ. Араас онлайн куонкурустарга кыттан, миэстэлэспиттэрэ.

Павловтар бу курдук, төрүөхтэриттэн олох очуругар оҕустарбыт, сороҕор тыыннаах тулаайах буолбут оҕолору улахан дьиэ кэргэннэригэр ылан, кинилэр кыһалҕаларын кыһалҕа оҥостон, сүрэхтэрин сылааһын биэрэн, олоххо бэлэмнээх буолан тахсалларыгар көмө, тирэх буолаллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: суруйуу дьоруойдарын архыыптарыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0