Оҕолорбут, сиэннэрбит биһиги дьолбут, эрэлбит буолаллар

Ааптар: 
18.11.2021
Бөлөххө киир:

Ньурба куоратыгар олорор Саввиновтар дьиэ кэргэннэрэ быйыл үбүлүөйдээх сыллара. Ыал аҕата Владимир Иванович 80, кэргэнэ Варвара Константиновна 75 саастарын туоллулар. Ыал амарах аҕата, эйэҕэс эһэтэ Владимир Иванович Саввинов 1941 с. сэтинньи 4 күнүгэр Күндээдэ Кугдаарыгар, кэргэнэ, оҕолорун күн күбэй ийэлэрэ, эбэлэрэ Варвара Константиновна 1946 сыллаахха Дьокуускай куорат, Хатас нэһилиэгэр алтынньы 9 күнүгэр күн сирин көрбүттэр.

Владимирдаах Варвара 1965 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ сылдьан билсэн, бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһэннэр 1967 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр олохторун холбоон, Хатаска саахсаланан, ыал буолаллар. Кэлэр сыл олунньутугар бииргэ ыал буолан олорбуттара 55 сыллара туолар.


Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, ыал ийэтэ Варвара Константиновна дьиэ кэргэн тус олоҕун туһунан кэпсиир:
Биһиги үөрэхпитин бүтэрэн, мин Ньурбаҕа «Күндээдэ» сопхуоска бэтэринээринэн, Владимир лесхозка ананан Ньурбаҕа кэлбиппит. Кийиит буолан кэлиэхпиттэн Ньурбаны иккис дойдум оҥостон олоробун.
Үс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Жанна 1968 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Билигин Жанна Владимировна Ньурбатааҕы поликлиникаҕа медсиэстрэнэн үлэлиир, түөрт оҕолоох ийэ , алта сиэн эбээтэ буолар. Кэргэнэ Александр Фёдорович, ини-бии уолаттара Накыыҥҥа үлэлииллэр. Уолаттар иккилии оҕолоохтор, кыыстара Санкт-Петербурга офтальмолог бырааһынан, кэргэнэ Арассыыйатааҕы силиэстийэлиир кэмитиэккэ үлэлииллэр. Икки оҕолоохтор, кыра кыыстара Өктөмнөөҕү лиссиэйгэ 11-с кылааска үөрэнэр.
Иккис кыыспыт Ирина Владимировна Дьокуускай куоракка олорор, СӨ култууратын туйгуна, Музыка үрдүкү оскуолатыгар иитээччинэн үлэлиир, икки кыыс оҕолоох, биир сиэннээх. Улахан кыыһа экономист үөрэҕин бүтэрэн суут бириистэпкэ үлэлиир, кыра кыыһа юрист идэтигэр үөрэнэр.
Үрдүк үөрэхтээх, инженер-механик идэлээх кыра уолбут Иван Владимирович Ил Түмэҥҥэ суоппарынан үлэлиир. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох, икки сиэннээх. Кэргэнэ Анжелика Анисимовна Дьокуускай куорат ревматология балыыһатыгар медсиэстэрэнэн үлэлиир.
Уон сиэннээхпит, 9 хос сиэннээхпит. Оҕолорбут, сиэннэрбит биһиги дьолбут, эрэлбит буолаллар.
Варвара Константиновна 1970 сыллаахха Дьокуускайдааҕы техникуму бүтэрэн, Ньурбаҕа ананан кэлэр. 1976 с. Эдьигээҥҥэ ветбырааһынан, оройуоннааҕы Сэбиэккэ ГТАС сэбиэдиссэйинэн, архыыпка үлэлиир. Алексеевскай оройуон Ытык Күөлгэ ветвраһынан, 1983-2006 сс. Ньурбаҕа маастарынан, халбаһы сыаҕар салайааччынан, мехбуойунаҕа, ликеро-водочнай сыахха салайааччынан, хонтуора коменданынан үлэлиир. 36 сыл үлэлээн баран, 1996 сынньалаҥҥа тахсыбыт.
Ыал ийэтэ кыргыттар аҕаларын утумнаан уран оҥоһуктары оҥорууга, ордук иис өттүгэр холоноллорун туһунан этэр.Улахан кыыс Жанна аҕатын батан уруһуй кылааһын бүтэрэн уруһуйга дьоҕурдааҕын, дьиэ ис бараанын (дизайнын) тупсаран оҥорорун сөбүлүүрүн, уоллара Иван ордук тиэхиньикэҕэ сыстаҕаһын туһунан кэпсиир.
Саввиновтар дьиэ кэргэн чөл олохтоох. Оскуола саастарыттан спорду сэҥээрэллэрин туһунан этэллэр. Варвара Константиновна оскуола сааһыттан хайыһар, сүүрүү көрүҥнэригэр, аҕалара Владимир Иванович Манчаары оонньуутугар атах оонньуутугар чөмпүйүөннээн сылдьыбыт.
«Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы дьиэ кэргэн үлэни өрө тутан, үлэлээн-хамнаан олорор кэмнэригэр оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, кыра саастарыттан самостоятельнай буола улаатаннар, дьиэлэрин-уоттарын көрөргө кыра саастарыттан үөрэммиттэрэ», -диэн ыал ийэтэ кэпсиир.
Варвара Константиновна 2016 сыллаахха ыарахан ыарыыга ылларан ыалдьан, эппэрээсийэлэнэн, күүстээх санаалаах, олоххо тардыһыылаах буолан, оҕолорун, сиэннэрин туһугар эмтэнэн, бэйэтин харыстанан ыарахан ыарыыны кытары туруулаһан, билигин доруобуйата көммүтүн туһунан этэр.
Ыал аҕата Владимир Иванович 1976 сыллаахха Красноярскай куоракка Сибиирдээҕи технологическай институту бүтэрэн ойуур хаһаайыстыбатын инженерэ идэтин баһылаан, Эдьигээн, Таатта, Ньурба ойуурун хаһаайыстыбаларын кылаабынай лесничейинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн, үлэтэ сыаналанан — Арассыыйа үтүөлээх лесовода, ойуур хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ.
Кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун маастара, Дархан Уус Саввинов В.И. күннээҕи түбүктээх үлэтин быыһыгар эдэр эрдэҕиттэн төрөөбүт, өбүгэлэрин үгэстэрин үйэтитиигэ, олохторун-дьаһахтарын үөрэтиигэ анаан дьарыктанар. Төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин төрдүн-ууһун үөрэтэн, кырдьаҕастардыын кэпсэтэн үһүйээннэри-номохтору мунньарын түмүгэр «Дойдум дьоно» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Маны таһынан, Арассыыйатааҕы «Лесная новь» сурунаалга «Заслуженный лесовод, этнограф, народный умелец» Владимир Ивановичка аналлаах ыстатыйа тахсар, «Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира» кинигэҕэ аата ааттанар, Саха сирин, олохтоох хаһыаттарга ыстатыйалара бэчээттэнэллэр.
Аҕам 40 саастааҕар, мин үс саастаахпар суох буолбута. Аҕам уус буолан, дьиэ ис-тас өттүн бэйэтэ оҥорорун, уһанарын туһунан дьон кэпсиирэ. Бииргэ төрөөбүт убайым Дмитрий Иванович — архитектор, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, «Рождение нового Якутска» кинигэ ааптара, — диэн тус олоҕун кылгастык билиһиннэрдэ.
Тулаайах буоламмын буолуо, кыра эрдэхпиттэн саха оҕонньотторо сытыы быһаҕынан маһы кыһа олороллорун интэриэһиргээн көрөр этим.1961 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан бу билигин олорор дьиэбит сирин түһээн көрөр этим. Аармыйаҕа барыам иннинэ өтөхтөрү кэрийэрим, онтубун кинигэлэрбэр киллэрбитим. Красноярскайга үөрэнэ сырыттахпына аан маҥнай 1973 сыллаахха «Мин эһэм» маһынан кыһан оҥорбут статуэткабын быыстапкаҕа туруораннар, үлэм грамотанан бэлиэтэнэн, онтон бэттэх кыралаан быыстапкаҕа кыттар буолбутум. Үлэлэрбин барытын илиинэн оҥоробун, тутууга туттуллар тээбириннэри туттубаппын, — диэн кэпсиир.

Владимир Иванович илиинэн оҥоһуктарын дьон-сэргэ сэҥээрэ көрөн, биһирэбил биэрэннэр, онтон кынаттанан үлэлэрэ дириҥ философскай ис хоһоонноох буолан тахсаллар эбит.
Ксенофонт Дмитриевич Уткин Владимир Иванович уран оҥоһуктара сылтан сыл тупсан, туругуран иһэллэрин, ыраас буочардааҕын бэлиэтии көрөн алҕаан эппитэ инникитигэр саҕах арыллан, иитийэхтээн сылдьыбыт үлэлэрэ биир-биир арыллан испиттэр. Тааттаҕа үлэлии сырыттаҕына Чөркөөхтөөҕү түмэл тутуутугар олохтоохтор кыттыыны ылбыттара. Драматург, прозаик Сивцев Д.К.-Суорун Омоллоон Владимир Ивановиһы бэйэтигэр ыҥыран ылан музейдар үлэлэрин слайданан көрдөрөрүн туһунан ахтан ааһар. Филологическай наука профессора В.Илларионов, Уйбаан Ороһуунускай, Николай Чуор уо.д.а. биллиилээх дьон үтүө тыллара киниэхэ тирэх буолбут.
Быйыл сайын Саха сиригэр улахан баһаардар тураннар ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ.
— Владимир Иванович, быйылгы баһаардар тустарынан тугу этиэ этигиний? — диэн бу боппуруоһу тумнубатым:
Мин ойуур хаһаайыстыбатыгар 43 сыл, уопсай үлэ ыстааһым 57. Эдьигээн, Таатта, Ньурба оройуоннарыгар ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээн кэлбитим. Урут саха омук сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанан, сирин оҥоруутун сааскы, күһүҥҥү өртүгэр өртөөһүнтэн саҕалыыра. Сэбиэскэй кэмҥэ сокуон ылыллан өртөөһүн бобуллар. Күһүҥҥү өртөөһүн сылгы хаһыыта суох буолар, сааскы өртөөһүн окко-маска иҥэн баһаар барар диэн утарсаллара.
Урут улахан иэннээх баһаардар барбыттара устуоруйа кэрэһитинэн ахсааннаах буолуо. Сэрии иннинэ-кэннинэ улахан баһаардар тураннар, дэриэбинэлэр уокка былдьана сыспыттара баар суол.
Билигин баһаары умуруорууга тиэхиньикэ элбээтэ, уоту кыратыгар саба тутуохха наада, ол туһунан быйыл элбэхтэ эттилэр. 80-90-с сылларга ойуур авиацията тэрилтэ баара. Ыраах сирдэргэ былаанынан көтүү, кураан күҥҥэ нуорманы таһынан көтөннөр, баһаары кыратыгар умулларарга тэрилтэлэртэн 5-10-нуу киһини эбии таһаарарбыт. МИ-6 бөртүлүөттэр дьону таһаллара.
Ойуур баһаардарын таһаарбат туһугар, лаҥхаҕа былдьаппат туһугар өртөөһүнү бириэмэтигэр ыытыахха наада. Эһиил баһаардар турбаттарын наадатыгар Арассыыйа өттүттэн сокуон ылыллан, үгүөрү үп көрүллэн, үлэ барарыгар эрдэттэн былаанныыллара үчүгэй, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Биэс уонтан тахса сыл эйэ дэмнээхтик олорор Владимир Иванович, Варвара Константиновна эдэр ыаллар бэйэ-бэйэни убаастаһан, өйөһөн, уопсай тылы булан, эйэ дэмнээхтик олороллоругар, тулуурдаах буолалларыгар баҕараллар. Оҕолору кырачаан саастарыттан аҕам саастаах дьону ытыктыырга үөрэтиэхтээхтэр диэн түмүктээтилэр.
Саввиновтар дьиэлэригэр Владимир Иванович дьыл араас кэмнэригэр оҥорбут сүдү үлэлэрэ дьиэ ис бараанын киэргэтэр. Хас биирдии оҥоһук тус-туспа устуоруйалаах.Сүдү үлэлэри илэ хараххынан көрөн, тутан-хабан көрөн дуоһуйууну ылаҕын.

Антонина СЕМЕНОВА, Ньурба

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0