Оҕолор ыстаадалартан бөртөлүөтүнэн кэллилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Эбээн Бытантай улууһун оҕолоро самаан сайыны ыстаадаҕа атаардылар. Кинилэр төрөппүттэригэр көмө буоллулар, көй салгыҥҥа үөрэ-көтө сынньаннылар. Аны аҕыйах хонугунан саҥа үөрэх дьыла саҕаланыаҕа.

Оҕолор барахсаттар ыстаадалартан хайдах кэлиэхтэрэй диэн долгуйабыт. Хата, “Полярные авиалинии”  хампаанньа көмөтүнэн оҕолор ыраах ыстаадалартан бөртөлүөтүнэн көтөн күүгүнэтэн атырдьах ыйын 25 күнүгэр кэлбиттэр. Дьэ, үөрүүлээх сонун диэтэҕиҥ.

Бөртөлүөт  хоту уонна  соҕуруу хайысхаларынан көттө. Онно Сиэмчээҥҥэ, Туора Үрэххэ, Дьабдьы Тарыҥар, Абылачаан төрдүгэр, Монгуол, Тара Салаа Угаһыҥҥа, Күөл Сээнэтигэр таарыйан, оҕолору хомуйда. Бу көтүүгэ улуус баһылыга Гаврил Горохов бэйэтинэн сылдьан оҕолору арыаллаата.

Оҕолор бөртөлүөтүнэн көтөн, үөрүү-көтүү бөҕөлөр үһү. Кэпсээннэрэ-ипсээннэрэ ыраахтан чуопчаарбыт. Баһылыктарыгар сонуннарын ыһа-тоҕо кэпсээбиттэр.

Ыстаадаҕа  сайылаабыт оҕолору тиэйиигэ “Полярнай авиалиниялар” көмөлөрө муҥура суох. Абыраатылар. Ону сэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатыгар,  Арктика дьыалаларыгар министиэристибэтигэр уонна бииргэ үлэлэспит хамаандабар махтанабын!”, — диэтэ улуус баһылыга Гаврил Горохов.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: улуус баһылыга Г.Горохов тиксэрдэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0