Оҕолор остуоруйаҕа ыалдьыттыыллар

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын муусукатын уонна фольклорун мусуойун кэлэктиибэ былырыыҥҥыттан «Оҕолорго остуоруйата бэлэхтээ» диэн үтүө санааланыы акциятын сатабыллаахтык, далааһыннаахтык тэрийэн ыытар. ИТиниэхэ маннык тэрээһиннэригэр үүнэр көлүөнэни, оҕолору кыттыһыннараллара, аһыныгас, үтүө санаалаах буоларга иитэллэрэ-такайаллара, дьоҥҥо үчүгэйи оҥорорго  үөрэтэллэрэ ордук кэрэхсэбиллээх.


Соторутааҕыта, Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө тэрийбит акцияларыгар, мусуой үлэһиттэрэ бэриниилээх волонтердарын: Леон Сивцевы («Парус» оҕо саадын иитиллээччитэ) уонна Айтал Громовы ( национальнай гимназия  2 кылааһын үөрэнээччитэ) илдьэ сылдьыбыттарын, кытыннарбыттарын туһунан биһиэхэ мусуой научнай сотруднига Мария Корнилова иһитиннэрдэ.

Мусуой үлэһиттэрэ волонтердарын кытта тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи анал оскуола-интэринээттэригэр тиийэн «Куоска, саһыл уонна бөтүүк» нуучча норуотун остуоруйатын, «Тугут уонна ньиэрпэ оҕото» эбээн остуоруйатын көрдөрбүттэр, хомуска оонньоон иһитиннэрбиттэр. Ол кэнниттэн оҕолор хаартыскаҕа түспүттэр, астына-дуоһуйа оонньообуттар.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0