Оҕолор “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ киллэрэр бырайыактара тупсан иһэллэр

Ааптар: 
13.01.2022
Бөлөххө киир:

Сыллата өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ хардыыта кэҥээн иһэр. Ол курдук, былырыыҥҥытааҕар балтараа төгүл элбэх оҕо кытынна диэн тэрийээччилэр бэлиэтииллэр.

edersaas.ru

Оҕолор билимҥэ бастакы арыйыыларын оҥороллор, саҥа, сонун, саамай сүрүнэ дириҥ ис хоһоонноох бырайыактары көмүскүүллэр. Быйыл Саха сирин 34 улууһуттан 2000 кэриҥэ оҕо араас тиэмэлээх 1700 үлэни көмүскээбит. Бу билиҥҥи кэмҥэ тирээн турар баһаары, ирбэт тоҥу, олоххо саҥа киллэриилэри оҥорууну, күн өлүүтэ дьайыытын кытта сибээстээх экология кыһалҕаларын чинчийиилэр, о.д.а. буолаллар.

“Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ иккис сылын онлайн көрүҥүнэн барар. Бу кыттааччы уонна бырайыак ахсаана эбиллэригэр лаппа көмөлөөх. Быйыл 1700 кэриҥэ бырайыак киирдэ. Ону таһынан, хотугу улуустар кыттыылара үксээтэ. Уопсайа, 34 улуустан 485 үөрэх тэрилтэтин үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

Саҥа уларыйыы диэн хайысхаларбыт элбии тураллар. Хотугу култуура өттүгэр оҕолор үлэлэрин көхтөөхтүк киллэрдилэр. Бэйэлэрин төрөөбүт тылларын да үөрэтии, култуура чинчийиилэригэр даҕаны үрдүк таһымнаах саҥа үлэлэр тахсан эрэллэр.

Ону таһынан, уруккутун курдук робототехникаҕа уонна инженернэй бырайыактарга хото кытталлар. Кэлин оҕолор кыралаан искусственнай интеллеги уонна машиннай үөрэҕириини сэҥээрэн, үлэлэригэр туһанар буоллулар”, — диэн Билим дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов бэлиэтиир.

“Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ 25 сыл тухары үрдүк таһымнаахтык үлэлээбитин РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтэ сыаналаата уонна сүрүн тэрээһиннэр испииһэктэригэр киллэрдэ. Онон кэмпириэнсийэҕэ миэстэлэспит оҕолор дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар киирэллэригэр баал эбиллэр диэн этэр. Быйылгы үлэлэр ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ көрдөрүү (визуальнай), тупсарыы өттүнэн күүстээхтэрин ыйар. Оҕолор саҥа технологиялары туһанар буолан эрэллэрэ мантан көстөр диир.

Быйылгы “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ыытыллар улахан тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ. Үбүлүөйдээх сылга кэмпириэнсийэҕэ саҥа дьоһуннаах уларыйыылар киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, кэмпириэнсийэни тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, ХИФУ анал үөрэтэр-научнай киинин дириэктэрэ Милана Федотова бастакытынан, кэмпириэнсийэ РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин тэрээһиннэрин испииһэгэр киирэн, миэстэлэспит оҕолорго үөрэххэ туттарсалларыгар тус ситиһии быһыытынан ааҕыллан, баал эбиллэр буолла диэн этэр. Иккиһинэн, тэрээһин икки лиганан (9-11 уонна 5-8 кылаастар) үлэлээбитин чопчулуур. Үсүһүнэн, урут баар аҕыс истипиэндьийэҕэ тыа хаһаайыстыбатын билимигэр биллэр-көстөр учуонайдар А.В.Чугунов уонна тыл билимигэр П.А.Слепцов ааттарынан “Барҕарыы” пуонда анал истипиэндьийэлэрэ эбиллибиттэрин бэлиэтиир.

Салайааччы оҕолор үлэлэрэ сыллата дириҥээн, тупсан иһэрин ыйар. “Ааспыт сайын баһаар хото турда. Техносфернай куттал суох буолуутун сиэксийэтигэр баһаары утары хайдах охсуһуохха сөбүн туһунан оҕолор бэйэлэрин үлэлэригэр эмиэ көрдөрдүлэр. Бу билиҥҥи кэмҥэ суолталаах боппуруос. Робототехника сиэксийэтиттэн Миринэй куораттан Евгений Гафаров «Автоматизированный программно-аппаратный комплекс на основе Lidar Lite V3 для сканирования горных выработок в опасных и труднодоступных местах на мобильной платформе», Дьокуускай куорат “Кварториум” иитиллээччилэрэ Күннэй Сергучева, Сардаана Егинова  “Робот по очистке вентиляционных систем”, Чурапчыттан Дуолан Ноев “Модель контроллера для газовых котлов «Атон» и «Лемакс» в условиях Севера” бырайыактары экспиэртэр бэлиэтииллэр”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Бырайыактар уонна судьуйалар хамыыһыйаларын үлэлэрэ Ютубка тахсар. Онон кыттааччылар үлэлэрин судьуйалар хайдах сыаналаабыттарын, туох сүбэлэри биэрбиттэрин көрүөхтэрин, кэлэр сылга бэлэмнэнэллэригэр туһаныахтарын сөп.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0