Дьокуускай куорат 23-с нүөмэрдээх оскуолатын 7-с “Б” кылааһын үөрэнээччилэрэ “Аптаах хомус” диэн ааттаах халандаары таһаардылар. Халандаардарын Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн дэкээдэтин түмүктүүр “Алгыстаах саха тыла” бэстибээл кэмигэр билиһиннэрдилэр.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн дэкээдэтин иитинэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Түмүктүүр бэстибээлгэ саха тылын, литературатын учууталларын, эбии үөрэхтээһин педагогтарын маастар-кылаастара, оһуокай куонкуруһа буолла, быыстапка турда, уо.д.а. тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук, куорат 23-с нүөмэрдээх оскуолатын 7-с “Б” кылааһын үөрэнээччилэрэ 2020 сыллааҕы “Аптаах хомус” диэн бэрт интэриэһинэй халандаары оҥорбуттар.
“Кылааспыт салайааччыта Таисия Егоровна Кулагина көҕүлээһининэн, кылаас оҕото барыта турунан халандаар оҥордубут. Саха хомуһун туһунан дьон элбэх чахчыны биллин диэн чопчу хомус тиэмэтигэр анаатыбыт. Холобура, күннэринэн хомус эйгэтигэр биллэр-көстөр дьон төрөөбүт күннэрэ, кинилэр тустарынан кылгас иһитиннэриилэр, хомуһу хайдах харайар туһунан сүбэлэр киирдилэр. Бу барыта үс тылынан (саха, нуучча, англия) бэриллэр. Хаартыскаҕа төрөппүттэрбит, сороҕун үчүгэй камералаах бииргэ үөрэнэр доҕотторбут түһэрбиттэрэ. Оттон тиэксин бэйэбит булан, көрдөөн, хасыһан суруйдубут. Англия тылынан суруйарбытыгар төрөппүттэрбит, учууталларбыт көмөлөстүлэр. Билиҥҥитэ 20 ахсаанынан таҕыста”, — диэн Надя Заборовская билиһиннэрэр.
Тустаах кылаас, 5-с кылааска Таисия Егоровна илиитигэр киириэҕиттэн, хомуһунан дьарыктанар. “Оскуолабытыгар “Хомус и его музыка” диэн куруһуок үлэлиир. Онон кылаас оҕото барыта хомуска тарда үөрүйэх. Куруһуок иһинэн үөрэтэр матырыйаалбытыгар олоҕуран, бу маннык хомуска аналлаах халандаары оҥоруохха диэн идиэйэ киирбитэ. Инньэ гынан, 35 оҕо уоннуу тиэмэни булан аҕалбыттара”, — диэн кылаас салайааччыта кэпсиир. Ити курдук, хомусчуттар, хомус уустарын, хомус ансаамбылларын, хомус түмэллэрин, хомус туһунан хоһооннору, оннооҕор хомуһу харайыы, хомуска маҥнай хайдах үөрэнэргэ сүбэлэри-амалары биэрбиттэр. Бу барыта өҥнөөх хаартыскаларынан уонна учуутал Таисия Кулагина бу иннинээҕи сылларга салайбыт кылаастарын оҕолорун хомуска сыһыаннаах уруһуйдарынан киэргэтиллибит.
Халандаар сахалыы, нууччалыы уонна англия тылынан суруллубут, эбиитин өҥнөөх буолан, дьон сэҥээриитин тарпыт. Ол курдук¸ Япония, Швейцария курдук тас дойдулартан сакаастаабыттарын учууталлара киэн тутта иһитиннэрэр. Бу күннэргэ ыытыллыбыт “Дархан Уус” быыстапкаҕа турбут. Олохтоох дьон манна көрөн өссө ордук сэҥээрэн, ханна, хаһан атыыланарын туоһулаһаллар эбит. Кылаас салайааччыта өссө тупсаран, кулун тутар ортотугар атыыга таһаарар былааннаахтарын этэр.
Онон, Дьокуускай куорат 23-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ “үс куобаҕы тэҥинэн өлөрбүттэр” – хомус тардарга үөрэммиттэр, хомус туһунан хасыһан үөрэппиттэр, үбү-харчыны оҥорууга бастакы хардыыларын оҥорбуттар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru