Оҕолоох ыаллары өйөөһүн

Бөлөххө киир:

2017 cыллаахха оҕо интэриэһин боппуруоһугар Нацио­нальнай стратегияны олоххо киллэрэр Координационнай сэ­­биэт мунньаҕар дойду бэрэси­дьиэнэ Владимир Путин ыалы өйүүр уонна оҕо төрөөһүнүн элбэтэр сыалтан саҥа көмөлөр олохтоммуттарын туһунан иһитиннэрбитэ. 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа социальнай төлөбүр (көмө) саҥа көрүҥэ баар буолбута. Ол чэрчитинэн маҥнайгыларын оҕоломмут ыал анал босуобуйаны ылара бигэргэммитэ. е-yakutia.ru портал нөҥүө докумуону толорон босуобуйаны ылыахха сөп.

2018 cыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ маҥнайгыларын оҕоломмут (эбэтэр оҕо ииттэ ылбыт) ыалга ый аайы көрүллэр төлөбүр бу федеральнай таһымнаах социальнай өйөбүл буолар. 2020 сылтан социальнай өйөбүл икки ыйдааҕы тиийинэн олорууга диэри үрдээбитэ, оттон көрүллэр болдьоҕо оҕо үс сааһын туолуор диэри ууһаан биэрбитэ. Маҥнайгы оҕоҕо көрүллэр ыйдааҕы төлөбүр — 18 559 cолк.

КИМ ЫЛАР КЫАХТААҔЫЙ?

Төлөбүрү үс киһиттэн састааптаах ыал — ийэ, аҕа, саҥа төрөөбүт оҕо, өскөтүн ыйдааҕы дохуоттара 18 728 солк. кыра буоллаҕына, ылар. Суоттаан көрүөх, 18 728 солк.*2*3 киһи = 112 368 солк. Хос быһааран эттэххэ, ыал до­­хуота бу сууматтан кыра буолуохтаах. Өскөтүн ыйдааҕы дохуота 18 728 солк. (18 728 солк.*2*2 киһи = 74 912 солк.) кыра буоллаҕына, маҥнайгы оҕотүн төрөппүт соҕотох ийэ эмиэ ылар бырааптаах.

Төлөбүр маҥнай оҕо биир сааһын туолуор диэри ананар. Икки, үс сааһыгар докумуон толорон эбии уһаттаран биэрэр ирдэнэр. Ол эбэтэр, бу саҥа киирбит уларыйыынан сибээстээн, ыал маҥнайгы оҕото 2019 сылга 1,5 сааһын туоллаҕына, төрөппүт иккитигэр диэри уһаттарыах­таах. Иккитин туоллаҕына — үһүгэр диэри.

КИМНЭЭХ ЫЛАЛЛАРЫЙ?

— 2018 cыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ маҥнайгытын оҕоломмут (эбэтэр оҕо ииттэ ылбыт) дьахтар;

— маҥнайгы оҕотун ииттэ ылбыт соҕотох эр киһи;

— кэргэнэ өлбүт оҕолоох эр киһи;

— оҕону көрөөччү-истээччи (эпэкиин).

МАНЫ БОЛҔОЙУҤ

Төлөбүр көрүллүүтэ кэҥээн биэрбитинэн, ыйдааҕы дохуоттара үрдүк (дохуот биир киһиэхэ балтараа ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн элбэх) буолан хапсыбакка хаалбыт ыал хат докумуон туттарыан сөп. Оннук түгэҥҥэ төлөбүр сайабылыанньаны биэрбит күнтэн ааҕыллар.

2019 cыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ оҕоломмут ыалга биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Ол суумата — 37 118 cолк. 2021 cыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ оҕоломмут ыал 483 881,83 cолкуобай­даах федеральнай Ийэ хапытаалын ылар кыахтанар.

ИККИС, ҮҺҮС ОҔОҔО…

Ыал иккис оҕото 2019 сыл 1 күнүн кэннэ төрөөбүт буоллаҕына (төлөбүр аата — «предоставление регионального материнского капитала»), ыал эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын ылар. Төлөбүр суумата федеральнай ийэ хапытаалын 30 %-ныгар тэҥнэһэр.

Өскөтүн ийэ хапытаалын 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ туһанааччылар 191 829,55 солк. ылаллар. Оттон 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн иннинэ туһанааччыларга — 145 164,55 солк.

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго (төлөбүр аата — «предоставление ежемесячной денежной выплаты при рождении (усыновлении» третьего и последующих детей) 3 саастарын туолуохтарыгар диэри ый аайы көрүллэр көмөнөн эмиэ туһанар кыахтаахтар (өскөтүн оҕолоро 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ төрөөбүт уонна ыал дохуота хас биирдии чилиэҥҥэ 42 119,3 солк. кыра тиксэр буоллаҕына). Төлөбүр кээмэйэ — 18 559 cолк.

ОҔОЛООХ ЫАЛЛАРЫ ӨЙӨӨҺҮН

Саҥа төрөөбүт оҕо 16 сааһыгар (орто үөрэх тэрилтэтин үөрэнэн бүтэриэр) диэри ый аайы бэриллэр көмө төлөбүр диэн баар. Маннык көмөҕө 2,0 — 1 755 солк, 1,7 — 1 492 солк. тэҥнэһэр оройуоннааҕы коэффициеҥҥа орто хамнас ый­­дааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 0,3-тэн кыра ­буоллаҕына көрүллэр. Өскөтүн орто дохуот ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 0,3-тэн үрдүк буоллаҕына — 1 351 солк. уонна 1 147 cолк. тэҥнэһэр. 1,5 сааһыгар диэри көрүллэр босуобуйа кээмэйэ (булгуччулаах социальнай страхованиеҕа киирбэт түгэнигэр) — 7 082,25 cолк. Дьокуускай куорат олохтоохторугар — 9 915,99 солк., онтон улуустарга туһааннаах коэффициеҥҥа олоҕуран, 10 624,28-14 165,70 солк. диэри хамсыыр.

3 саастарыттан 7-лэригэр диэри оҕолоох ыаллар дохуоттара ый­­дааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, 9 111 солк. (I зона) уонна 10 653,5 солк. (II зона) ылар кыахтаналлар.

Оҕоҕо көрүллэр көмө харчыны уонна бособуойаны e-yakutia.ru портал нөҥүө докумуон толорон ылыаххытын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0