Оҕолоох ыалларга өйөбүл 2,7 төгүл улаатта

Бөлөххө киир:

Оҕолоох ыаллары өйүүргэ көрүллэр үп кээмэйэ сыллата эбиллэр. Ол туһунан Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова «Тэтим» араадьыйаҕа кэпсээтэ.

Бу сылга “Демография” национальнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ 7 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ. Ол иһигэр, “Оҕо төрөөтөҕүнэ дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр өйөбүл” бырайыакка 4,9 миллиард солкуобай бэриллэр.

Кэнники үс сылы тэҥнээн көрөр буоллахха, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ министиэристибэ хайысхатынан көрүллэр үп 2,7 төгүл улааппыт.

Быйыл бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр ыйдааҕы төлөбүргэ киритиэрий улааппытыттан, үбүлээһин биллэ эбилиннэ. Бу төлөбүрү ыларга дьиэ кэргэн орто дохуота хас биирдии киһиэхэ тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйин 1,5-гэр буолбакка, 2 төгүллээх кээмэйигэр тэҥнэстэҕинэ, биэрэр буоллулар. Ону тэҥэ, бу босуобуйа оҕо 1,5 сааһыттан 3-гэр диэри болдьоҕо уһаан биэрдэ.

2019 сылтан үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ ый аайы босуобуйа төлөнөр буолбута (дьиэ кэргэн орто дохуота биир киһиэхэ тиксэринэн ыйга 42 тыһыынча солкуобайы таһынан барбат буоллаҕына).

2020 сылга 3-7 саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүр саҥа төлөнөр буолбута. Быйыл бу төлөбүргэ 4,4 миллиард солкуобай көрүлүннэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: mintrud.sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0