Оҕолоох ыаллар нолуоктан босхолоноллор

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Нолуок кодексын 217-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрдэ. Ол чэрчитинэн, иккиттэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэлэрин атыылыылларыгар НДФЛ нолуогуттан босхолоноллор. Манна дьиэни төһө өр бас билбиттэрэ оруола суох буолар.

Ол эрээри, кэккэ ирдэбиллэрдээх:

— нолуогу төлөөччүлэр иккиттэн аҕыйаҕа суох, 18 саастарын туола илик (күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллахтарына, 24 саастарын туола илик) оҕолордоох төрөппүттэр буолуохтаахтар;

— дьиэлэрин атыылаан баран, олорор усулуобуйаларын тупсарар сыалтан, ол сылга (эбэтэр, кэлэр сыл муус устар 30 күнүттэн хойутаабакка) саҥа дьиэни ылыахтаахтар;

— дьиэни өлүүлэһэн тутуу дуогабарынан ылыллыбыт буоллаҕына, ол дуогабарынан төлөбүр толору ааһыахтаах;

— саҥа дьиэ уопсай иэнэ уонна кадастровай сыаната атыыламмыт дьиэ гиэнинээҕэр улахан буолуохтаахтар;

— атыыламмыт дьиэ кадастровай сыаната 50 мөлүйүөн солкуобайтан ыарахан буолуо суохтаах.

Бу нолуокка чэпчэтии туһунан РФ үпкэ министиэристибэтэ этии киллэрбитэ. Ол эрээри, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир кыахтаах дьиэ кэргэттэр ахсааннара аҕыйах буолара сабаҕаланар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: passion.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0