Оҕоҕо ый аайы көрүллэр көмө төлөбүрү ылааччылар Үлэ министиэристибэтиттэн босуобуйаны хайдах уһатар туһунан мэлдьи ыйыталлар: сайабылыанньаны толору суруйан саҥаттан биэрэр ирдэнэр дуу эбэтэр саҥа дааннайы эбэн судургутуйбут бэрээдэгинэн толорон туттарыахха сөп дуу? Ыстатыйаҕа бу туһунан сиһилии быһааран кэпсиибит.
ЫЙ ААЙЫ ТӨЛӨНӨР ОҔО БОСУОБУЙАТЫН ХАТ РЕГИСТРАЦИЯЛААҺЫН
“Госуслуги” портал ый аайы төлөнөр оҕо босуобуйатын хат толорорго, ол эбэтэр “перерегистрациялыырга”, судургутуйбут бэрээдэгинэн электроннай сайабылыанньаны ылар. Манна биир эрэ докумуон ирдэнэр. Ол – бүтэһик 12 ыйдааҕы дохуоту бигэргэтэр ыспыраапка. Атын докумуоннары, өскөтүн сыл иһигэр туох да уларыйыы тахсыбатах буоллаҕына, хат угар наадата суох. Оттон уларыйыы тахсыбыт түгэнигэр, холобур, олорор сиргитин, бырапыыскаҕытын эбэтэр ааккытын-суолгутун уларыппыт буоллаххытына, ону туоһулуур докумуону угаргыт хайаан да ирдэнэр. Сайабылыанньаны толороргутугар “Госуслуги” порталга бигэргэтиллибит “учётнай записьтаах” буолуохтааххыт. Өҥө сыылката: https://e-yakutia.ru/#/shortCard/14000003.
ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ЫАЛ СТАТУҺУН УҺАТТАРЫЫ
Дастабырыанньаны уһатарга төрөппүттэн (эбэтэр оҕону иитэ ылбыт киһиттэн) сайабылыанньаны таһынан маннык эбии докумуоннар ирдэнэллэр:
1. оҕо төрөөбүтүн (эбэтэр иитэ ылбытын) туоһулуур сибидиэтэлистибэ;
2. үөрэх тэрилтэтиттэн оҕо күнүскү үөрэххэ үөрэнэрин бигэргэтэр ыспыраапка;
3. байыаннай сулууспаны ааспытын туоһулуур Байыаннай хамыыһыйаттан ыспыраапка.
Сокуоннай сааһын сиппит, ол эбэтэр 18-ын туолбут оҕо орто үөрэх тэрилтэтигэр, идэтийбит анал үөрэххэ эбэтэр үрдүк үөрэх кыһатыгар күнүскү өттүгэр үөрэнэр буоллаҕына, дастабырыанньаны сылга иккитэ уһатар ирдэнэр. Кулун тутар 1 уонна балаҕан ыйын 30 күннэригэр, ол эбэтэр үөрэх сиэссийэтэ түмүктэннэҕин аайы уһаттараҕыт.
Байыаннай хамыыһыйаттан ыспыраапканы көрдөрөр түгэҥҥитигэр дастабырыанньа болдьоҕо оҕоҕут сулууспалаан бүтүөр диэри уһаан биэрэр. Өҥө сыылката: https://e-yakutia.ru/#/shortCard/1400000000000000008.
ЭРДЭ БИЭРБИТ САЙАБЫЛЫАННЬАҔА ТӨЛӨБҮР РЕКВИЗИТЫН УЛАРЫТАРГА
Оҕо босуобуйатыгар уонна да атын социальнай көмөҕө сайабылыанньаны толорон баран кэлин ханнык баҕарар кэмҥэ харчы түһэр карта нүөмэрин уонна реквизитын уларытыаххытын сөп. Порталга киирэн саҥа дааннайы суруйаҕыт, сайабылыанньаны толороҕут. Манна биири учуоттуур наадалаах. “Госуслуги” порталыгар сайабылыанньаны эрдэ толорбут төрөппүт (эбэтэр оҕо иитэ ылбыт киһи) эрэ реквизиты уларытар кыахтаах.
Ыйдааҕы көмө төлөбүрү ыларгытыгар бэйэбитигэр табыгастаах ньыманы талыҥ. Оччотугар харчы талан ылбыт көрүҥҥүтүнэн саҥа реквизиккитигэр түһүөҕэ.
ЭБИИ ЫСПЫРААПКА ИРДЭНЭР ДУО?
Суох, эбии туох да ыспыраапка ирдэммэт. Реквизиккыт нүөмэрин сөпкө суруйуоххутун наада. Өҥө сыылката: https://www.gosuslugi.ru/434403/3.
БОСУОБУЙАНЫ ЫЛАРЫ ТУОҺУЛУУР ЫСПЫРААПКА
Социальнай төлөбүрү ылары-ылбаты уонна кээмэйин туоһулуур ыспыраапканы “Госуслуги” портаалга киирэн сакаастыаххын сөп. Ыспыраапка нөҥүө күнүгэр бэлэм буолар. Өҥө сыылката: https://www.gosuslugi.ru/98654/2/info.