“Саха сирэ” хаһыакка 2020 сыл тохсунньу ыйыгар “Уопсай сүбэнэн оҕолорун үллэстибиттэр” диэн суруйуум тахсыбыта. Манна үс дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕолорун бутуйан кэбиһэн баран, үллэстибиттэрин, кэлин Сунтаар олохтооҕо ол алҕас атын ыалга иитиллибит убайын көрдүүрүн туһунан суруллубута.
Ол кэнниттэн, сотору буолаат, электроннай буостабар биир дьахтар суруйбута. “Мин эмиэ оҕобун көрдүүбүн, төрүүр дьиэҕэ өлбүт диэн албыннаабыттара, уорбуттара” диэн ис хоһоонноох этэ…
Кинини Елена диэн ааттыахха. Кылгас суруйсуу кэнниттэн, «сүтэн» хаалбыта, онтон ахсынньыга төлөпүөммэр эрийэн, олоҕун, санаа баттыга буолбут кыһалҕатын туһунан кэпсээтэ.
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан бастаан ийэ буолар дьолу билбитэ өр сылларга сүрэх оспот бааһа буолан, кини олоҕор хайдах дьайыан?!.
Лоп курдук 30 сыллааҕыта, 1991 сыл тохсунньу 4 күнүгэр этэ. Тохсунньу тоһуттар тымныыта, хойуу тумана Дьокуускайы саба бүрүйэн, будулуйан турдаҕына, эдэр ийэ төрүүр болдьоҕун иннинэ, 2,8 киилэ ыйааһыннаах уол оҕону кылбардык төрөппүтэ. Оҕо тута ытаабыта эрээри, ийэтигэр биэрбэтэхтэрэ. Кыыс оҕото хоп-хойуу баттахтааҕын эрэ өйдөөн көрөн хаалбыта. Оҕону эрдэ төрөөбүт диэн, анал балаатаҕа илдьэ барбыттара. Онтон төрдүс, сэттис күнүгэр аҕалан, ыраахтан көрдөрө сылдьыбыттара. Көтөҕө сатаабытын, илиитигэр биэрбэтэхтэрэ. Дьиҥинэн, олус кыра ыйааһыннаах, итэҕэс оҕо буолбатах этэ.
Тохсус күнүгэр “оҕоҥ туруга мөлтөх, бу киэһэҕэ диэри тиийбэт” диэн соһумар сураҕы иһитиннэрбиттэрэ… Эдэркээн ийэҕэ ити этии этиҥ буолан сааллыбыта, соҕотохто иннин-кэннин билбэт курдук буола түспүтэ, аймаммыта, ытаабыта. Онуоха эбии төрөөһүн кэннэ ийэни буулуур санаа түһүүтэ (депрессия) саҕаламмыта. Үүт бөҕө киирэн, түөһэ ыалдьара, ону ыбылы баайан кэбиспиттэрэ. Ол киэһэ быраастартан, сиэстэрэлэртэн кистээн, оҕотун көрдүү сатаабыта. “Интенсивнэй терапия” балаататыгар уонна кыһыл оҕолор сытар балааталарыгар бэйэтин араспаанньата суруллубут биркалаах оҕону көрдөөбүтэ да, булбатаҕа.
Ол курдук, түүл-бит курдук сырыттаҕына, сарсыныгар, оҕото өлбүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ, ханна эрэ сиэстэрэ-хаһаайка хоһугар киллэрэн, өтүүктэр, биэдэрэлэр, сууллубут таҥастар быыстарыгар олордон, юриһы кытары көрүһүннэрбиттэрэ. Нуучча дьахтара туох эрэ кумааҕылары үҥүлүтэр этэ, ону хараҕын уутугар мунан, көрбөккө, аахпакка да эрэ, илии баттаан испитэ. Барыта туман быыһынан, хаҕа эрэ хаалан, атын киһи саҥарарын, хамсанарын курдуга…
— Оҕобун көрүөхпүн баҕарабын, ылан, бэйэбит көмүөхпүт, харайыахпыт этэ…
— Ийэҕин кытары кэпсэппиппит, кини өлүгү ылартан аккаастаммыта. Бачча тымныыга, кыһалҕа үөһэ кыһалҕа оҥосто сырыттаххытый? Эн эдэргин дии, өссө оҕолонуоҥ буоллаҕа. Ити оҕо ыарыһах, син биир киһи буолбат, эрэйи көрүө этигит. Тоҕо көрө сатаатыҥ, зачем лишний раз себя расстраивать, — диэн юрист араастаан албаһыран, алы гынан кэбиспитэ. “Өлүк”, “киһи буолбат”, “эрэй” диэн тыллар иин тымныытынан хаарыйан, олоҕу саҥа билэн эрэр эдэркээн ийэ сүрэҕин төһөлөөх аймаабыттара буолуой?
Ол күнүгэр кыыһы төрүүр дьиэттэн таһаарбыттара. Ийэтиттэн ыйыппытын: “бачча тымныыга, тоҥ буору хаһан, бохоруоналыы сылдьыахпыт дуо, бэйэлэрэ дьаһайдыннар” диэн саба саҥаран кэбиспитэ. Оччотооҕу оҕо ийэтин тылыттан тахсыа дуо, төрөппүт тыла сокуон буоллаҕа…
“Ийэ сүрэҕэ сэрэйэн билэр…”
Кыыс санаатыгар, оҕото тыыннаах курдуга. Түүн аайы түһээн көрөрө: бу сыылла сылдьар, онтон бу саҥа хааман эрэр, күлэ-үөрэ даллаахтыы олорор, көтөхтөрө сатаахтыыр…
— Билигин да мин оҕом тыыннаах дии саныыбын. Ийэ сүрэҕэ сэрэйэн билэр дииллэр. Кыратыгар оҕобун кытары ситимим быста илик быһыылааҕа, куруук түһээн көрөрүм, ытыырын, ыалдьарын сэрэйэн билэр курдугум. Билигин уулуссаҕа кини саастыы уолаттары көрөн, куруук оҕобун көрдүүбүн. Көрдөхпүнэ, билиэм этэ дии саныыбын. Бу санаам баттыга, ахтылҕаным ааспат, сылтан сыл күүһүрэн иһэр. Саҥа дьыл, тохсунньу ый үүннэҕин ахсын дьиктини кэтэһэбин, күүтэбин. Кэнники кэмҥэ ол дьикти, аптаах түгэн буолара чугаһаата диэх курдук санаа киирэр…
Миигин “күүстээх интуициялааххын, түүллээххин” диэччилэр. Хайдах эрэ булуом, көрсүөм диэн санаа кэнники бигэтик олоҕуран, чиҥээн иһэр. Баҕар, бу ыстатыйаны көрөн баран, оҕом бэйэтэ сэрэйээрэй? Баҕар, ииппит дьонун суобастара уһуктаарай? Былырыын суруйбут ыстатыйаҕын көрөн баран, “һык” гына түспүтүм, баҕар, Дьылҕа бэлиэтэ буолаарай? Хаһан да сахалыы хаһыаты аахпат бэйэм, ол хаһыаты алҕаска арыйбытым ээ уонна тута ыстатыйаҕа хараҕым хатана түспүтэ, — диэн Елена кэпсиир.
Докумуона суох – дакаастабыл суох
Елена билигин 3 уол оҕолоох ыал ийэтэ, эбэтэ. Кини сиэстэрэнэн, социальнай үлэһитинэн үлэлээбитэ. Улахан уоллара 28-таах, ортолоро – 20, кыралара – 10 саастаахтар. Кыра уолун төрүүрүгэр эмиэ ол 2 этээстээх эргэ төрүүр дьиэҕэ киирбит. Онно уруккуттан үлэлиир кырдьаҕас акушерканы кытары кэпсэтэн, көрдөһөн, докумуону аҕалтаран, көрбүт эбит. Онно суруллубутунан, оҕо 1991 сыл тохсунньу 13 күнүгэр 4 чааска өлбүт диэн этэ. Ол түгэҥҥэ докумуону хаартыскаҕа түһэрэр өй киирбэтэх. Хомойуох иһин, төрүүр дьиэҕэ докумуоннар 25 сыл хараллаллар эбит, онон билигин ону булар кыах суох.
Кэлин биир акушерканы кытары билсэн, кэпсэппитигэр, оҕо өллөҕүнэ, ханнык да юриһы көрүһүннэрбэттэр диэбит этэ. Оччотугар, ол юрист дьахтар тоҕо кэлэ сылдьыбытай, быраас хоһугар буолбакка, ханна эрэ саһан олорон, туох кумааҕыга илии баттаппытай?
Аны туран, балыыһаттан тахсарыгар кыыс илиитигэр оҕо өлбүтүн туһунан ыспыраапканы, туох да докумуону биэрбэтэхтэр. Поликлиника гинекологар биэрээр диэн лоскуй кумааҕы сыыһын суруйан биэрбиттэрин, илдьэн туттарбыт, ол онон бүттэҕэ. Онон билигин биэнсийэҕэ тахсарга аахсарыгар, хат буолбатах, төрөөбөтөх, үөрэммэтэх, биир сыл таах сылдьыбыт курдук буолан тахсар. Дьиҥинэн, онтон сылтаан кини үөрэҕэр “академ” уоппускатын ылбыта эбээт.
Бу түбэлтэҕэ ыйытыы элбэх. Сокуон быһыытынан, балыыһа тыыннаах оҕо төрөөн баран, бастакы нэдиэлэтигэр өлбүт буоллаҕына, бигэргэтэр докумуон биэриэхтээх, ону ааһан, ЗАГС управлениетыгар биллэриэхтээх. Дьэ, тоҕо бу нуорма тутуһуллубата?
“Сүтүктээх сүүс айыылаах”
диэн мээнэҕэ эппэттэр. Елена оҕотун дьылҕатын билээри, көрбүөччүлэргэ, экстрасенстарга сылдьан ыйыталаһар буолбута. Биллэр экстрасенс Анисья Левина: “Эйигин нуучча дьахталлара албыннаабыттар, оҕоҥ тыыннаах” диэбит. Чахчыта, ол юриһы сэргэ, оҕо бырааһа баара – кэлбит-барбыт, саҥарбыт-иҥэрбит, сааһырбыт нуучча дьахтара. Оттон кини уутун тэспит, төрөппүт акушерка саха дьахтара этэ.
Биир калмычка көрбүөччү субу көрөн олорор курдук кэпсээбитэ:
— Биир оҕоҥ бэйэҕиттэн ыраах сылдьар. Эн орто уолгар маарынныыр эбит. Куруук күлэ-үөрэ, мичээрдии сылдьар, үрдүк уҥуохтаах, кыраһыабай уол. Кинини быраастар ылан, өлбүт диэн албыннаан баран, оҕото суох ыалга биэрбиттэр. Бэл, төрөөбүт күнүгэр атын күнү суруйбуттар. Ол ыал оҕону ылаат да, атын улууска көспүттэр, онтон кэлин куоракка төттөрү көһөн кэлбиттэр. Оҕоҥ иитиллибитин билбэт эрээри, сүрэҕинэн сэрэйэр курдук…
Дьэ, сүрдээх дии, дьон олоҕунан, оҕо дьылҕатынан эргинии диэн. Ол эрээри, дьалхааннаах 90-с сылларга барыта баара: өлөрсүү, рэкет, бандьыыттааһын, халааһын…
— 90-с сылларга, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, оҕолорунан эргинэр буола сылдьыбыттара буолуо дуу? Тоҕо диэтэр, билэр дьонум оҕолорун эмиэ “өлбүт” диэбиттэрэ. Эдэр кыыһы билбэтинэн туһанан албыннаан, “өлбүт” диэн баран, элбэх харчыга оҕото суох ыалга атыылаан кэбиһиэхтэрин сөп курдук буолбатах дуо? Ол да буоллар, билигин кэлэн, хайдах да дакаастыыр кыах суох.
Чахчы, мин уолаттарым бары мичээрдии, күлэ-үөрэ сылдьар идэлээхтэр. Бэл, улахан уолбар оскуолаҕа “Мистер Лучезарная улыбка” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Онон ити көрбүөччү этэрин итэҕэйиэх санаам кэлэр.
Мин көннөрү оҕобун көрүөхпүн эрэ баҕарабын. Ол ииппит дьонун туох да диэн буруйдаабаппын. Баҕар, кинилэр билбэттэрэ да буолуо, арыгыһыт, күүлэйдьит дьахтар оҕотуттан аккаастаммыт дии саныыллара буолуо… Баҕар, ыстатыйаны ааҕан баран, сэрэйиэхтэрэ, сүтүктээх ийэни аһыныахтара диэн санаа, эрэл уостубат, — Елена үөһэ тыынан эрэ кэбиһэр.
Түмүккэ
Баҕар, баҕар… Олох тургутуга тоҕо ыараханай, эриирэ-мускуура тоҕо уустугай? Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо? Эбэтэр, кини быданнааҕыта өлбүт оҕотун тыыннаах дии санаан, бэйэтин бэйэтэ эрэйдиир дуу?.
Ханныгын да иһин, ийэ өр сыллаах санаа баттыгын, дууһатын мучумаанын быһааран, кырдьыгы билиэн баҕарар, эрэнэр. Бу олоххо чахчы алыптаах дьикти (чудо) диэн баара буолуо дуо? Күндү ааҕааччыларбыт, бу түбэлтэ туһунан тугу эмит билэр, истибит, сэрэйбит буоллаххытына, angelina.vasilev@mail.ru электроннай буостаҕа суруйаргытыгар көрдөһөбүт.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.
Сокуон хараҕынан
1. Өлбүт оҕо төрөөтөҕүнэ, мэдиссиинэ тэрилтэтэ биэрбит перинатальнай өлүү туһунан докумуонугар олоҕуран, судаарыстыбаннай регистрация оҥоһуллар. Төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ оҥоһуллубат. Төрөппүт көрдөһүүтүнэн, өлбүт оҕо төрөөбүтүн туһунан судаарыстыбаннай регистрацияны туоһулуур докумуон бэриллэр.
2. Оҕо төрөөн баран, бастакы нэдиэлэтигэр өлбүт буоллаҕына, мэдиссиинэ тэрилтэтэ биэрбит докумуонугар тирэҕирэн, төрөөбүтүн уонна өлбүтүн туһунан судаарыстыбаннай регистрация оҥоһуллар.
3. Мэдиссиинэ тэрилтэтин салайааччыта өлбүт оҕо төрөөбүтүн, эбэтэр оҕо төрөөн баран, бастакы нэдиэлэтигэр өлбүтүн туһунан ЗАГС уорганыгар 3 күн иһинэн биллэрэр эбээһинэстээх.
“Об актах гражданского состояния” 143-с №-дээх федеральнай сокуон 20-с ыстатыйата.