“Кыра эрдэхпитинэ харчыны сөпкө туттарга үөрэппэтэхтэр, билигин кэлэн саҥа үөрэнэ сылдьабын” диир улахан киһи үгүс. Оҕолорбут биһиги алҕастарбытын хатылаабаттарын туһугар, харчы туһунан өйдөбүлү хас сааһыттан, хайдах кэпсээн саҕалыыбыт? Учуутал, үп-харчы сүбэһитэ Варвара Никифорова ааҕааччыларбытын кытта санаатын үллэстэр.
Оҕо харчыга сыһыана
— Варвара Валерьевна, оҕоҕо харчы туһунан өйдөбүлү, харчыны сөпкө туттарга хаһааҥҥыттан үөрэтэн саҕалыыр ордугуй?
— Оҕолорбут харчыны сөпкө тутталларыгар төрөппүттэр бэйэбит үөрэппэтэхпитинэ, ким үөрэтиэй… Оскуолаҕа, орто, үрдүк үөрэххэ да бу туһунан кэпсээбэттэр, билиһиннэрбэттэр.
Хас биирдии дьиэ кэргэн бэйэтэ тус-туспа холобурдаах, ньымалардаах. Финансовай кинигэлэргэ суруйалларынан да, оҕону үп-харчы эйгэтигэр кыра сааһыттан үөрэтэр ирдэнэр. “Азбука денег”, “Фиксики”, “Три кота” ойуу киинэлэри, сыыйа харчыга сыһыаннаах киинэлэри көрдөрүөххэ сөп. Онтон Бодо Шефер “Пес по имени Мани”, Роберт Кийосаки “Богатый папа, бедный папа для подростков” кинигэлэри, үпкэ-харчыга сыһыаннаах “Монополия”, “Денежный поток”, о.д.а. оонньуулары бииргэ оонньуохха сөп.
Бастатан туран, ийэ, аҕа харчыны бэйэтэ сөпкө туттуохтаах. Тус бэйэбит холобурбутунан, уопуппутунан үөрэтэбит. Оҕо икки-үс сааһыттан номнуо ылсара ирдэнэр. Маҥнай бу бытархай, бу кумааҕы харчы диэн өйдөтүллэр. Түөрт-алта сааһыгар оҕоҕо копилка оҥоробут эбэтэр атыылаһабыт уонна харчыны мунньарга үөрэтэбит. Биллэн турар, кыра оҕо бэйэтэ харчы мунньар эбиппин, копилка оҥостор эбиппин диэн билбэт. Ол иһин төрөппүт ыйыыта-кэрдиитэ ирдэнэр. Бастаан мунньарыгар оҕо майгытыттан, тулууруттан көрөн кыра, сааһыгар сөбү биэрэр ордук. Олус улаханы биэрдэххэ, туолан быстыбатаҕына, оҕо харчыны мунньар баҕата ханнан хаалыан сөп. Ону учуоттуур наада. Уонна дьэҥкир, бытархай харчытын уган истэҕин аайы харчыта элбиирин, туоларын көрө сылдьара табыгастаах.
Онтон 6-14 сааһыгар мунньубут харчытын туохха туһаныахтааҕын, ороскуотун былаанныырга үөрэтэбит. Оскуолаҕа киирдэҕинэ, төрөппүт кыралаан харчы биэрэн саҕалыыр. Аҕыс сааһыттан харчыны сыаналыырга, тоҕуһуттан номнуо харчыны харыстаан туттарга сирдиибит. 10-11 сааһыттан харчыны хайдах өлөрөрү быһаарабыт. Оҕо сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, онтон харчы киллэриэн сөп дуу, суох дуу диэн кэпсэтэбит. Бу саастарыгар кыргыттар бурдук аһылыгы астыахтарын, баайыахтарын, уолаттар кыралаан уһаныахтарын сөп. 14 саастарыттан сынньалаҥ кэмигэр чэпчэки үлэ булан дуу, сүбэлээн-амалаан дуу дохуот киллэринэр усулуобуйаларын тэрийиэхтээхпит. Үс ый сынньалаҥын туһалаахтык атаарарга уонна харчылаһарга үөрэнэр, оскуолаҕа барарыгар үөрэҕин тээбиринин атыылаһан төрөппүттэригэр күүс-көмө буолар. Сокуоннай сааһын ситтэҕинэ, сүүрбэтин туоллаҕына, төрөппүттэриттэн харчы көрдөөбөккө, бэйэтин-бэйэтэ хааччынарын ситиһиэхтээхпит, кыратыттан иитэн-такайан таһаарыахтаахпыт. Ити аата, оҕону икки-үс сааһыттан харчыга сыһыаран, үөрэтэн саҕалаатыбыт.
Болдьоҕунан мунньуу
— Оҕо харчыны мунньунуутун көрүҥнэрэ диэн чопчу ыйыылар бааллар дуо?
— Чопчу ыйыы суох эрээри, тус бэйэм болдьоҕунан көрөн мунньунарга үөрэтии табыгастаах дии саныыбын.
Оҕону харчыны мунньарга үөрэтэрбитигэр кыраттан, кылгас кэмтэн (краткосрочнай накопление), түргэнник баҕа санаатын толоруутуттан саҕалыахтаахпыт. Оннооҕор улахан киһи тулуйан-тэһийэн мунньуммат. Онон маҥнай утаа биир нэдиэлэ, онтон биир, үс ый буоллун. Бу курдук болдьоҕун сыыйа улаатыннаран иһэр табыгастаах. Холобур, алта саастаах оҕоҕо биир сылы быһа харчыта мус диэтэхпитинэ, баҕар, кыаллымыан, онто кэлин олоҕор, харчыга сыһыаныгар атахтыан сөп. Ол иһин кылгас кэмҥэ, кыра баҕа санаатын толорорго үөрэниэхтээх. Оҕо баҕа санаата да кыра, баҕар, минньигэс, баҕар, оонньуур буолуо.
Кылгас болдьоххо үөрэннэҕинэ, салгыы ортоҕо (среднесрочнай накопление) ылсабыт, биир сылтан саҕалаан икки сылга тиэрдиэхпитин сөп. Эмиэ чопчу туох эрэ соруктаах мунньунуохтаах. Холобур, төлөпүөн, наушник, “өйдөөх чаһы”.
Салгыы уһун болдьоххо (долгосрочные накопления) киирэр. Бу уон-сүүрбэ сыл буолар. Оҕо 14 сааһыттан, пааспар ылбытын кэнниттэн бу болдьоххо ылсыан сөп. Холобур, бэйэтигэр уурунуу, брокерскай, тус инвестиционнай счет арынан сыаналаах кумааҕы, аахсыйа, облигация, сыаналаах металтан манньыаттары уурунуон сөп. Уһун болдьоххо үлэлиирин быһыытынан баҕа санаата улаатар. Аныгы оҕолор Айфон, матасыыкыл, дьоҕус биисинэс, массыына ыралаахтар.
Ити курдук, оҕобутун биир нэдиэлэлээх мунньунууттан саҕалаан, сыыйа сүүрбэччэ сылга тиийэ уурунарга үөрэттибит. Манна барытыгар төрөппүт бэйэтэ үп-харчы өттүгэр билиилээх, бэйэтэ кыайан мунньунар, уурунар буолуохтаах.
Тус холобур
— Эһиги оҕолоргут хайдах мунньуналларый? Ол уопутун үллэстиэҥ буолаарай.
— Хас биирдии дьиэ кэргэн оҕотун харчыга хайдах сатыырынан, кыайарынан, толкуйдуурунан үөрэтэр. Биһиги оҕолорбутун атыттарга көрдөрөр, холобур оҥостор гына үөрэтэбин диэбэппин. Оҕолорбут саастара араас-араас. Улахаттарбар кыаллыбатаҕын кыраларбар, игирэ кыргыттарбар, учуоттуурга кыһаллабын. Улахан оҕолорбутугар бэйэм да эдэрбин, улахан уопутум даҕаны суох эбит. Эппитим курдук, бастатан туран, төрөппүт оҕолоругар холобур буолар. Уонна бэйэбит холобурбутунан үөрэтэ, көрдөрө, иитэ-үөрэтэ сылдьабыт. Кыра саастарыттан харчыга сыһыаҥҥа үөрэппитинэн барабыт. Иккиһинэн, копилкабытыгар улахан болҕомто уурабыт, “Баҕа санаа копилката” (“Копилка мечты”) диэн суруктаах. Үсүһүнэн, дьиэ кэргэн уопсай баҕа санаатын быһаарабыт. Онно харчы мунньунабыт диэн өйдөтөбүт. Оччоҕо оҕо уопсай сыал-сорук туруорунар, бары биир дьыалаҕа үлэлиибит диэн толкуйдуур.
Билигин маҕаһыыҥҥа киирдэххэ, оҕо эрэ ымсыырыах туһата суох, буортулаах аһылык арааһа кэчигирэһэн турар. Кыраларбытыгар 3-4 саастарыттан бу доруобуйаҕа буортулаах, “мусорнай аһылык”, киһиэхэ туох да туһата суох диэн быһааран саҕалаабытым. Тоҕо диэтэххэ, уһуйаантан кэлэн иһэн маҕаһыыҥҥа киирдэххэ, “ити наада”, “бу наада” диэн туһата суох аһылыгы барытын ылаары тииһэллэрэ. Соһуйуом иһин, оҕолорум бэркэ ылыммыттара уонна бу туһалаах, бу туһата суох диэн номнуо араарар буолбуттара. Инньэ гынан, бастакытынан, кыраларыттан доруобуйаларыгар болҕомто ууралларыгар сирдээтим, иккиһинэн, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр оптимизация оҥордум. Кыра оҕо үөрэтиини бэрт дөбөҥнүк ылынар. Онон чипсы, гаастаах сок, дьэрэкээн суулаах кэмпиэттэр диэки хайыһан да көрбөт буолбуттара.
Салгыы бэйэлэрэ хайдах сатыылларынан, толкуйдуулларынан “Баҕа санаа копилкатын” оҥостубуттара. Тус баҕа санааларын быһаартаран, онно анаан-минээн харчы мунньан олоххо киллэриэхтээххит диэн быһаарбытым. Кыраттан саҕалаан, билигин иккис кылааска үөрэнэр кыргыттарым улахан киһи курдук сылынан харчы мунньунарга үөрэннилэр. Кыра оҕо баҕа санаалаах, сыаллаах уонна онно болдьох туруордаҕына, улахан киһи курдук харчы мунньар кыахтаах эбит диэн түмүк оҥоһуннум.
Баҕа санаа кынаттыыр
— Кистэл буолбатаҕына, туох баҕа санааларын олоххо киллэрдилэр?
— Бастакы сылларыгар эдьиийдэригэр баар “беспроводной наушнигар” ымсыыран, иккиэн оннук наушник ылар баҕа санааларын толордулар. Иккис сырыыларыгар оскуолаҕа киирэн баран оҕолорго баар “өйдөөх чаһыга” харахтара хатанна. Уонна эмиэ биир сыл устата мунньан, быйыл ылыннылар. Быйыл үһүс сылларын мунньаллар, эмиэ баҕа санааларын быһааран олороллор. Бастакытын уһун болдьоххо мунньалларыгар манна төрөппүт өттүттэн өйөбүл булгуччу ирдэнэр. Суумата кыайан тахсыбат түгэнигэр оҕо харчыны мунньар баҕа санаата ханнан хаалыан, кэлин манна ылсан да көрүмүөн сөп. Ол иһин бастакы сылыгар судургутук тиийбэт сууматын биэрэн кэбиспэккэ эрээри, хайаан да табылларын, сыалын ситиһэрин курдук оҕону көҕүлүүр наада.
— Холобур хайдах?
— Холобур күннэтэ 10 солкуобайдаах туһата суох ыас, бытархай кэмпиэт ылыахтарын оннугар ол харчыларын копилкаларыгар уган иһиэхтэрин сөп. Эбэтэр оскуолаҕа киирээри сылдьар ханнык баҕарар оҕо ааҕарын ыарырҕатар. Киниэхэ бу эмиэ үлэҕэ тэҥнээх. Ааҕыыга көҕүлүүр инниттэн кинигэ хас сирэйин аайы сыана быһыахха сөп. Улаата түстэҕинэ, биир толору кинигэни аахтахтарына, чиэппэрдэрин туйгуннук түмүктээтэхтэринэ, дьиэҕэ олорор кэмнэригэр бириэмэлэрин халтай төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ оонньоон атаарыахтарынааҕар үөрэх порталларыгар сорудах толорторон, араастаан үлэлэрин уустугурдан иһиэххэ сөп. Аныгы кэмҥэ аангылыйа тылын билэллэрэ булгуччу ирдэнэр. Онно көҕүлүүр инниттэн эмиэ хайдах баҕарар, тугу баҕарар толкуйдуур кыаллар. Үлэлэрэ судургутуйбут дии санаатахпына уларытан, кыратык уустугурдан биэрэбин. Бэйэлэрэ даҕаны толкуйдаан таһааран иһэллэр. Биир копилкаттан саҕалаабыт эбит буоллахтарына, сыыйа баҕа санааларыттан аттаран, икки тус-туспа да сыалга мунньунар кыахтаахтар.
Инньэ гынан, этэргэ дылы, төрөппүт икки куобаҕы биирдэ өлөрөр – оҕо ааҕара түргэтиир, үөрэҕэ тупсар уонна харчы мунньунарга үөрэнэр. Баҕар, ким эрэ төрөппүт оҕону кыратыттан харчыга эрэ хамсанарга үөрэтэр дии саныахтарын эмиэ сөп. Ол эрээри, оҕо харчы халлаантан түспэтин, үлэлээтэҕинэ, сыратын-сылбатын уурдаҕына эрэ кэлэрин өйдүөхтээх, харчыны сөпкө туттарга кыратыттан үөрэниэхтээх.
Түмүктээн эттэххэ, харчыны мунньа үөрэммит оҕо бастакытынан, харчытын харыстаан туттар, иккиһинэн, баҕа санаатын олоххо киллэрэргэ, үсүһүнэн, сыалын-соругун ситиһэргэ үөрэнэр, төрдүһүнэн, мин маны кыайар эбиппин диэн бэйэтигэр эрэлэ улаатар, бэсиһинэн, тулуурдаах-дьулуурдаах буоларга талаһар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: womo.ua