Оҕо төрөөтөҕүнэ, харчы биэрэллэр

Бөлөххө киир:

Уһук Илин эрэгийиэннэригэр бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ, биирдэ бэриллэр харчы кээмэйин улаатыннардылар. Кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин (ааспыт сыл иккис кыбаарталыгар олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйинэн ааҕаллар) икки төгүллээх сууматыгар тэҥнэстэ. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев олунньу 14 күнүгэр бу манна сыһыаннаах, төрөөһүнү элбэтэргэ, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ анаммыт ыйаахха илии баттаата.


2018 сыл тохсунньутуттан бастакы оҕоҕо төлөбүрү биэрэн барбыттара, кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин саҕа  (16,9 тыһ. солк.) этэ. Ол эбэтэр, быйылгыттан икки төгүл үрдэттилэр. Ол эрээри, бу үрдээбит сууманы 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрөөбүт оҕолор эрэ төрөппүттэрэ ылаллар.

Бу социальнай төлөбүргэ анаан федеральнай бүддьүөттэн 3,146 млрд солк. көрүллүөхтээх. Үп-харчы «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тыырыллар. Саха сиригэр мантан 146,5 мөл. солк. тиксэр.

Иккиһинэн, иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха), өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын быһыытынан, федеральнай Ийэ хапытаалын 30%-наах сууматын ылыахха сөп. Ол эбэтэр, быйыл төрөөбүт иккис оҕоҕо  136 тыһ. солк. бэриллэр.

Ону тэҥэ, үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ, үс сааһын туолуор диэри ый аайы 16 900 солкуобай бэриллиэхтээх. Ыйаахха сурулларынан, дьиэ кэргэн орто дохуота өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут орто дохуоттан элбэх буолуо суохтаах.

СӨ бырабыыталыстыбата (Солодов В.В.) кулун тутар 1 күнүгэр диэри бу миэрэлэр бэрээдэктэрин, усулуобуйаларын уонна хантан харчы ылылларын быһаарыахтаах. Сабаҕалааһын быһыытынан, бу маннык көмөнү 12 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэн ылыан сөп.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0