Быйылгыттан оҕо төрөөтөҕүнэ, эбии үп көрүллэр миэрэлэрэ ылыллыбыттара. СӨ бырабыыталыстыбата бу миэрэлэри дьоҥҥо тиэрдии бэрээдэгин, быраабылаларын чуолкайдаата. Үчүгэйэ диэн, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ыла төрөөбүт хас биирдии оҕо көмөҕө тиксэр.
Олунньу 14 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөһүнү өйүүр эбии миэрэлэр тустарынан” диэн 367 №-дээх ыйааҕа тахсыбыта. Муус устар 3 күнүгэр бу ыйааҕы толорор, олоххо киллэрэр сыалтан, премьер-миниистир Владимир Солодов бырабыыталыстыба 71 №-дээх уурааҕар илии баттаабыта.
Саха сиригэр дьиэ кэргэн 3 сылтан кырата суох кэмҥэ бастайааннай олорор уонна 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бэттэх оҕоломмут (иитэ ылбыт) буоллахтарына, бу эбии миэрэлэринэн туһанар бырааптаахтар.
Өскөтүн:
— бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) — биирдэ бэриллэр харчынан төлөбүр (33 812 солк.);
— иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) – Ийэ хапытаалын 30%-гар тэҥнээх төлөбүр (135 907 солк.). Федеральнай Ийэ хапытаалын сертификатын ылбыт буолуохтаахтар;
— үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) – 3 сааһын туолуор диэри ый аайы бэриллэр төлөбүр (дьиэ кэргэн дохуота өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут нэһилиэнньэ орто дохуотун кээмэйин куоһарбат буоллаҕына) – 16 906 солк.
Биирдэ бэриллэр төлөбүрү оҕону төрөппүт (иитэ ылбыт) ийэ, эбэтэр бастакы оҕотун иитэ ылбыт аҥаардас аҕа ылар бырааптаах. Дьахтарга ийэ бырааба быһылыннаҕына, эбэтэр өллөҕүнэ, бу быраап оҕо аҕатыгар бэриллэр.
Болҕойуҥ! Оҕо 1 сааһын туолуор диэри сайабылыанньа бэриллибэккэ хаалбыт буоллаҕына, бу төлөбүр төлөммөт.
2019 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут нэһилиэнньэ орто дохуотун кээмэйэ 42 119,30 солк. тэҥнэһэр. Ол эбэтэр дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэр ыйдааҕы дохуот 42,1 тыһыынчаттан тахсар буоллаҕына, төлөбүр бэриллибэт. Холобур, үс оҕолоох ыал ыйдааҕы дохуоттара 210 596,50 солкуобайтан кыра буоллаҕына, ылаллар.
Бу миэрэлэр ыам ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэллэр.
Сайабылыанньалары www.e-yakutia.ru диэн судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорор портал нөҥүө биэрдэххэ, уочарата суох уонна түргэн буолар. Төлөбүрдэр олорор сиринэн бэриллэллэр. Өскөтүн бырапыыска суох буоллаҕына, Саха сиригэр бастайааннай олорор диэн суут быһаарыыта ирдэнэр.
Ирдэниллэр докумуоннар
Бастакы оҕоҕо бэриллэр төлөбүргэ ирдэниллэр докумуоннар:
—оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ;
— пааспар;
— төрөөһүн сертификата;
— аҕа ылар буоллаҕына: дьахтарга ийэ бырааба быһыллыбытын, эбэтэр өлбүтүн туоһулуур докумуоннар;
— счет реквизиттэрэ.
Иккис оҕоҕо ирдэниллэр докумуоннар:
—Пааспар;
— оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ;
— төрөөһүн сертификата.
Бу сууманы (135 тыһ. солк.) олорор усулуобуйаны тупсарарга, оҕо үөрэнэригэр, инбэлиит оҕо социальнай адаптациятыгар, эмтэнэригэр туттар көҥүллэнэр.
Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо:
—пааспар;
— оҕолор сибидиэтэлистибэлэрэ;
— төрөөһүн сертификата;
— дьиэ кэргэн 12 ыйдаах дохуотун бигэргэтэр докумуоннар;
— счет рекизиттэрэ.
Биир сыл ааспытын кэнниттэн, сайабылыанньа хос суруллар. Оҕо 6 ыйыгар диэри сайабылыанньа суруллубут буоллаҕына, ыйдааҕы төлөбүр оҕо төрөөбүт күнүттэн ааҕыллар (перерасчет). 6 ыйын ааспытын кэннэ сайабылыанньа бэриллибит буоллаҕына, ол суруллубут күнүттэн ааҕыллар. Ыйдааҕы төлөбүр оҕо 3 сааһын туолуор диэри бэриллэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru