Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар 4,6 тыһыынчаттан тахса быраас уонна 10 тыһыынчаттан тахса орто медицинскэй үөрэхтээх исписэлиис нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар үлэлиир. Кинилэр билиилэриттэн, идэҕэ бэриниилэриттэн, үөрүйэхтэриттэн хас биирдиибит доруобуйата тутулуктанар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Онуоха СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 2016 сыллааҕы үлэтин отчуотуттан кэккэ көрдөрүүлэри билсиэххэ сөп:
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥи уокурук регионнарын ортолоругар – бастакы миэстэҕэ, онтон РФ регионнарыгар уон бастыҥ регион иһигэр сылдьар. Ону сэргэ, ийэ (2016 с. ийэ өлүүтэ бэлиэтэммэтэ) уонна кыра оҕо өлүүлэрэ аҕыйаабыта үчүгэй түмүктэргэ киирсэр.
Ыарыыттан өлүү сүрүн төрүөттэринэн 2016 сылга, урукку сылларга курдук, хаан эргиирин ыарыылара, тас биричиинэлэр уонна араас искэннэр үөскээһиннэрэ буоллулар.
Нэһилиэнньэ доруобуйатын көрүүгэ ыытыллар диспансеризация – эмтиир тэрилтэлэр үлэлэрин биир сүрүн хайысхата. Ааспыт сылга 308 тыһыынча киһи диспансеризация көмөтүнэн доруобуйатын көрдөрүннэ. Өрөспүүбүлүкэ 23 улууһугар көһө сылдьар биригээдэлэр үлэлээтилэр. Ол иһигэр, Арктика уонна хотугу сир оройуоннарыгар «узкай» идэлээх исписэлиистэр сырыттылар. Манна 33862 көрдөрбүтүттэн 17 921 – оҕолор.
«Хотугу сир доруобуйата-Долгун 2016» регионнар икки ардыларынааҕы медицинскэй научнай-практическай экспедицияҕа Федерация уонна өрөспүүбүлүкэ клиникаларын, балыыһаларын сүрүн исписэлиистэрэ кытыннылар. Кинилэр бэл, Үөһээ Дьааҥы уонна Эбээн Бытантай курдук улуустар ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиийэн нэһилиэнньэ махталын ыллылар. Барыта 2,5 тыһыынчаттан тахса, ол иһигэр 1883 оҕо, доруобуйатын бэрэбиэркэлэттэ уонна туһааннаах сүбэни-аманы ылла.
Өрөспүүбүлүкэҕэ аныгы иһитиннэрэр технологиялары олоххо киллэриигэ туһуламмыт дьаһаллар тиһиктээхтик олоххо киллэриллэллэр. Доруобуйа харыстабылын модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн биир кэлим иһитиннэрэр тиһик, «Электроннай регистратура» портал, «Тус кабинет» үлэлээтилэр. «Биир күннээх диагностика» уонна «Биир күн иһигэр медицинскэй чинчийии» курдук саҥа ньымалар боруобаланнылар. Ыарыһаҕы өйүүр кииннэр, Call-кииннэр, «Суһал линия» үлэлээтилэр.
Нэһилиэнньэ үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнөн босхо туһаныытын кэҥэтии чэрчитинэн үгүс үлэ ыытылынна. Ол иһигэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа – Медицина национальнай киинигэр рентгенэндоваскулярнай хирургия уонна интервенционнай аритмология, оҕолорго сүрэх-тымыр хирургиятын отделениелара, медицинскэй-генетическэй киин аһылыннылар, саҥа төрөөбүт оҕолорго реанимация отделениета кэҥэтилиннэ. Эмтиир тэрилтэлэргэ үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнү оҥоруу кээмэйэ улаатта. Ол курдук, үрдүк технологиялаах көмөнөн 5924 киһи (2015 сылтан 1,2 төгүл элбэх) туһанна.
2012-2016 сылларга «Тыа сирин эмчитэ» бырагырааманан биир кэмнээх төлөбүрү 519 быраас ылла. Кинилэртэн 201 быраас Арктика уонна Хотугу сир оройуоннарыгар көстө.
Бу бырайыак туһатын билинэн, тилэх баттаһа олоххо киллэриллибит «Тыа сирин фельдшерэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама көмөтүнэн быраастарынан уонна орто сүһүөх медицинскэй үлэһиттэринэн хааччыллыы 74,3% диэри үрдээтэ, Хотугу оройуоннарга – 88,5% диэри.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru