Оҕо төрөөбүт тылын тоҕо умнарый?

22.02.2020
Бөлөххө киир:

Балысхан да сайдыылаах үйэ кэллэ. Аҕыйах сыл иһигэр олох уларыйа охсоро түргэнин! Ол уларыйыыларга бэлэм буоллаххына эрэ сатанаҕын. Биэс сылынан туох улары­йыы киириэҕин билигин түһээн да баттаппаккын.Аҕыйах ахсааннаах саха норуотун иннигэр күн бүгүн улахан омуктарга баттатан, глобализация ыгарыттан симэлийэн хаалар кутталбыт син биир баар. Ол кутталтан туоруурга, бастатан туран, тылбыт баар буолуохтаах, оччоҕо эрэ омук быһыытынан тыыннаах хаалабыт. Тылбыт сүттэ да, эстии барар. Баҕар, ити күүркэтэн этии буолаарай?

edersaas.ru

“Ютуб” ньээҥкэ буоллаҕына…

Дэриэбинэлэргэ 3-4 саастаах оҕолор нууччалыы чубугуруу сылдьар ­буолбуттар дииллэр. Хайдах оннук буолуон сөбүй? Төрөппүттэрэ сахалыы саҥарар, тулата сахалыы эйгэлээх буолан баран? Хантан үөрэнэллэр?

Онуоха эппиэтэ судургу буолан биэрдэ. Тыа сиригэр түргэн интэри­ниэт киирэн, оҕолорго “ютуб” диэн ааттаах ньээҥкэ баар буолбут эбит. Тэлэбиисэр да ньээҥкэлэспитэ ырааппыт. Билиҥҥи оҕолор тоҕо наһаа интэриниэккэ, мультиктарга ылларалларый?

Эппиэтэ эмиэ судургу – төрөппүттэр бэйэлэрэ “батсаапка,” “инстаграмҥа” ылларан, тутулукка киирэн олороллор. Аныгы кэм тэтимэ олус түргэн, онон наар соло суох, үлэ, дьиэ, араас кыһалҕа айдаана. Быыс буллахха, мэйиини сынньата түһээри, социальнай ситимнэри көрөр баа буоллаҕай? Киһи тутулукка киирбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Оттон оҕо бу кэмҥэ мэһэйдиир курдук. Ол иһин киниэхэ төлөпүөнү, планшеты туттаран кэбиһэллэр. Оҕо олус түргэнник уоску­йар, чуумпурар. Өссө 2-3 саастаах оҕолор бэйэлэрэ анал төлөпүөннээх буолаллар (үксүгэр төрөппүттэрин эргэ төлөпүөннэрин биэрэллэр).

Эбэтэр, интэриниэт мөлтөх буоллаҕына, мультиктары холбоон кэбиһэллэр. Оҕо чааһы-чааһынан тэлэбиисэри өрө мыҥаан олорор. Атын дьоҥҥо ханаалы уларыттарбат, сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри мультик көстөр.

Түгэх өй кистэлэҥэ

Дьэ, бу кэмтэн “видео-ньээҥкэ” үлэтин саҕалыыр. Оҕо тоҕо олус түргэнник ылынарый? Ол кини мэйиитэ күүскэ иҥэринэр кыахтааҕыттан эбит. Ол да иһин “Оҕону эрдэтээҥҥи сайыннарыы” диэн бүтүн хайысханы айан таһаардахтара. Ол чэрчитинэн, 1 саастаах оҕоҕо ааҕыыны, ахсааны, омук тылын үөрэтэллэр. Бу тыллана да, өйү-төйүн тута илик кырачаан хайдах маннык информацияны, оскуола оҕотун билиитин ылыныан сөбүй?

Ол эрээри, педагогтар оҕо бу сааһыгар информацияны эт мэйиитинэн эрэ буолбакка, түгэх өйүнэн (подсознание) ылынар диэн өйдөөн эрэллэр. Сахалар ону “ийэтин үүтүн кытта иҥэриммит” диэн этэллэр. Ол эбэтэр, оҕо информацияны бүтүннүү, инстинкт быһыытынан ылынар.

Ол иһин, холобур, кыра оҕону эбисийээнэлэр ииттэхтэринэ, кини кыыл ийэтин информа­циятын ылынар, онон бэйэтин эбисийээнэбин дии саныыр. Урут эбисийээнэлэр, бөрөлөр ииппит оҕолорун булан ылан, киһилии иитэ сатаабыт түбэлтэлэрэ баар. Онуоха бу оҕолор киһи буолбаттар эбит. Төһө да үөрэтэ сатаабыттарын үрдүнэн, түөрт атахтарынан сүүрэллэр, саҥарбаттар, сиикэй эти сииллэр уонна үйэлэрэ уһаабат.

Онон, оҕо төрүөҕүттэн 3 сааһыгар диэри олус элбэх информацияны ылар, балысханнык сайдар. Бу кэмҥэ оҕоҕо төрөппүттэрин болҕомтото тиийбэт, кинини “ютуб” иитэр буоллаҕына, төрөөбүт тылын умнан, саҥа “учууталын” тылын ылынарга тиийэр.

“Төрөппүттэрэ нууччалыы кэпсэтэллэр”

Куорат усулуобуйатыгар төрөөбүт тылынан иитии, үөрэтии балаһыанньата өссө кытаанах. Дьокуускайга 4-5 эрэ сахалыы оскуола баар. Атын оскуолаларга сахалыы кылаастар бааллар эрээри, онно сөптөөх эйгэ суох. Оҕо син биир нууччалыы саҥарар буолар. Куорат сиргэ нуучча тылын дьайыыта сүрдээх күүстээх. Уһуйааннарга да балаһыанньа өссө уустук.

Анна Никитина, уһуйаан иитээччитэ, 5 оҕолоох ийэ:

—Биһиэнэ сахалыы бөлөх диэн, 2-3 саастаах оҕолор сылдьаллар. Сахалыы тыллаах 3-4 эрэ оҕо баар. Атыттар бары нууччалыы саҥараллар. Төрөппүттэрэ кинилэр­диин нууччалыы кэпсэтэллэр. Мин оҕолордуун сахалыы кэпсэтэбин, ону өйдүүр курдуктар. Ол эрээри, сороҕор, сахалыы остуоруйаны кэпсээтэхпинэ, өйдөөбөттөр.

Биирдэ нуучча логопеда кэлэн дьарык ыыппытыгар, остуоруйа кэпсээбитигэр, олус бэркэ истибиттэр, өйдөөбүттэр этэ. Аны, тыллана илик оҕо олус элбэх, киһи өйдөөбөтүн курдук, бэйэлэрин тылларынан буллугурууллар. Мин санаабар, оҕо буккуллан хаалар быһыылаах, ол иһин кэлин тылланар. Ити “ютуб”, интэриниэт оҕо тылланарын харгыстыыр дии саныыбын.

Куоракка сахалыы да оскуолалар оҕолоро нууччалыы кэпсэтэ сылдьалларын истэбин. Мин бэйэм оҕолорум уһуйааҥҥа бардылар да, нууччалыы саҥаран кэ­­лэллэр. “Ютубу” эмиэ көрөллөр. Мин санаабар, “курутуой” буолаары, нууччалыы саҥараллар быһыылаах. Дьиэбит иһигэр сахалыы эйгэлээхпит.

Түмүккэ

Түмүк быһыытынан эттэххэ, төрөппүттэргэ өйдөтөр-сырдатар үлэни күүһүрдэргэ уолдьаспыт. Төрөппүттэри, ордук эдэрдэри, эмиэ үөрэтиэххэ наада. Киин куоракка көһөн кэлии тохтообот, бүгүҥҥү күҥҥэ саха интэлигиэнсийэтин улахан аҥаара түмүлүннэ диэн этиэххэ сөп. Кинилэр оҕолоро төрөөбүт тылларынан үөрэнэр, сайдар кыахтара суоҕа, салалта ону ситэ өйдүү илигэ хомолтолоох. 20-30 сылынан бу быыкайкаан оҕолорбут сахалыы саҥарыахтара, ааҕыахтара, сахалыы толкуйдаах буолуохтара дуо? Саха интэлигиэнсийэтэ диэн ааттаныахтара дуо? Бу кылгас кэм иһигэр тыһыынчанан сылларга норуот өйүн-мындырын, күүһүн мунньуммут төрөөбүт тылбыт симэлийэрэ хас биирдии сахалыы саҥалаах киһиттэн тутулуктаах буолбутун өйдөөтөрбүт ханнык!..

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Суруйааччы санаата

“Оҕобун кытта тылым, омугум кэскилин быһаарабын…”

Наталья Михалева-Сайа, суруйааччы, суруналыыс:

— Тылбыт туһугар кыһамньыны билигин сүрүннээн уопсастыба бэйэтэ көтөҕөн, былааска иһитиннэрэн, ханнык эрэ дьаһаллар ылыллалларын ситиһэ сатыыр. Бу көстүү күүстээх, дьону-сэргэни туруорар дьоҕурдаах буолан, былаас эмиэ хаалсыбатын көрдөрөр үлэни ыытар. Бу туох да куһаҕана суох, бар дьон уонна салалта биир сорукка түмүстэхтэринэ, туох кыаллыа суоҕай дии саныыгын. Ол эрээри куоракка олорор, оҕотун сахалыы уһуйааҥҥа, оскуолаҕа биэриэн баҕалаах төрөппүт кыһалҕата сыл аайы биир, син-биир уларыйбат.

Былаас оскуола ахсын саха кылаастарын аспыт, бэйэтин өттүттэн үлэни ыыппыт курдук.

Ол гынан баран, билиҥҥи төрөппүт оҕотун сахалыы тыллаах эрэ кылааска буолбакка, сахалыы эйгэлээх оскуолаҕа үөрэттэриэн баҕарар — Саха гимназиятын, “Айыы кыһатын” курдук оскуолаларга. Элбэх ортотугар аҕыйах буолан, бэйэлэрин ситэ билиниэ суохтара, оҕо үөрэҕи ылыныа суоҕа, уйулҕатын туруга кэһиллиэ диэн төрөппүт сэрэхэдийэр. Ол иһин «чэ, элбэх оҕо ортотугар сырыттын» диэн кини сайабылыанньатын нуучча тылынан үөрэтиигэ суруйарыгар тиийэр. Саатар, сайабылыанньаны ылааччылар аһаҕастык да, таайтаран да сүрүн тылынан үөрэтиигэ биэрэрэ ордугун этэ олорор буолаллар. Онон бу төрөппүт бэйэтин оҕотун эрэ дьылҕатын буолбакка, ийэ тылын бүттүүнүн туһугар охсуһууттан туораан биэрэр. Сахалыы билбэт хас биирдии оҕону кытта ийэ тылбыт туруга кэбирээн истэҕэ ол. Оттон оскуола салалтата «сахалыы үөрэттэриэн баҕалаах аҕыйах» диэн үөрүүнү кытта отчуоттуу охсор.

Баар быһыыны-майгыны кытта иллэспэт төрөппүт эмиэ баар. Кинилэр соҕотохтуу киирсэн көрөн баран, биир кыһалҕалаахтарын кытта булсан, биир сорукка түмсэн, биллэр-көстөр хамсааһыннары төрүттүүр кыахтаналлар. Саха гимназията 90-с күүрээннээх сыллар долгуннарыгар үөскээбит буоллаҕына, “Айыы Кыһата” энтузиаст учууталлар уонна төрөппүттэр күүстээх туруорсууларынан эрэ аһыллыбытын бары билэбит.

Билигин түһүлгэҕэ саҥа төрөппүт — 90-с сыллардаахха Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин тыыныгар үөрэммит, улааппыт эдэр дьон кэллилэр. Мин үлэм быһыытынан кинилэри кытта билсэбин, кэпсэтэбин. Онон бу эдэр дьонунан тургуттахпына, тылбыт туһугар кэскили көрөн, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк киирсэр, туруулаһар көлүөнэ баар буолбут: төрөөбүт тылынан мультфильмнары оҥорууну көҕүлээһинтэн, үөрэх туһунан сокуоннарга орооһууга, социальнай ситимнэргэ сахалыы салгыны киллэриигэ, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ кыттыыга, бэйэлэринэн аныгы оҕоҕо аналлаах кинигэлэри суруйууга тиийэ — барытыгар кинилэр бааллар.

Оннук дьон бу уопсастыба түмсүүлэригэр туох да хамнаһа суох, тус сынньалаҥнарын, сололорун толук ууран туран үлэлииллэр. Үгүстэрэ туох баар утарсыыны өсөһөн туран модун дьулуурдарынан туораан, оҕолорун сахалыы оскуолаҕа, уһуйааҥҥа киллэрбит буолаллар уонна атыттарга көмө буолар үлэҕэ кыттыһан бараллар. Хас биирдии төрөппүт оҕобун кытта тылым, омугум кэскилин эмиэ быһаарабын диэн санааҕа кэлэрэ буоллар…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0