Оҕо сыта (КЭПСЭЭН)

Ааптар:  Татьяна Находкина
06.12.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Мария Семеновна дьиэтин таһынан ыксаабыт киһи быһыытынан ааһан иһэр уолу харбаан ылла.

— Хайа, Баанньыска, ханна бардыҥ?

— Маамабар бардым,- кыра уол хараҕын уутун соттон ньухханарын быыһыгар, илгиэлэнэн кэбистэ. Хап-хара чөҥөрүйбүт хараҕа толору уунан туолбут.

— Һыллыы, онно барбаттар. Маамаҥ ыалдьан суох буолбута. Кэл, дьиэҕэр барыахха. Убайын сүтүктээтэҕэ буолуо. Балтыҥ баар дуо?

— Утуйа сытар…

— Сөп, чэ барыахха. Убайыҥ туох диирий? Интернакка барыахпыт диир дуо?

— Суох, биһиги интернакка барбаппыт. Дьиэбитигэр олоруохпут. Убайым инньэ диэбитэ,- Баанньыска сэргэхсийэн, өрө хантайан туран, кэпсэтэн барар.

— Эн убайгынаан интернакка баран бииргэ олоруоҥ этэ. Хайдах дьиэҕитигэр бэйэҕит эрэ олоруоххутуй? Убайыҥ эмиэ кыра дии. Онтон балтыгытын Нарыйа Ивановналаах иитэ ылаары гыналлар. Бэйэлэрэ оҕолоро суох. Үчүгэй, үөрэхтээх, мааны киһи гыныахтара,- дьахтар кыра уолу санныттан имэрийэрин быыһыгар өйдөтөрдүү сымнаҕастык кэпсиир.

— Суох, биһиги үһүөн олоруохпут. Мин убайым өйдөөх. Эн Мария Семеновна, соруйан биһигини араартыы сатыыгын. Биһиэхэ үчүгэйи баҕарбаккын. Аны биһиэхэ кэлимэ. Убайым эйигин сөбүлээбэт,- Баанньыска эргиллэ түһээт, дьиэтин диэки сүүрэн тэлэмээттэннэ.

Мария Семеновна уолу кэнниттэн аһыммыттыы батыһыннары көрөн хаалла. Эмиэ да хомойо санаата. Оҕолор ийэлэринээн Марианналыын оскуоланы бииргэ бүтэрбиттэрэ. Чэпчэки, дьэллэм, сүгүн үөрэммэтэх, аармыйаттан кэлбит уолга кэргэн тахсан, оҕолонон-урууланан, үөрэммэтэҕэ. Кэлин ыалдьар буолан хаалбыта. Үс кыра оҕону хаалларан быйыл саас сир хараарыыта суох буолбута. Оҕолор барахсаттар эбэтэ, эһэтэ, чугас аймахтара суох буолан, барар-кэлэр сирдэрэ суох. Аҕалара кыыһа төрүөн иннинэ арыгылаан өлбүтэ. Онон билигин оҕолору ханна олохсутуохха диэн наар ол мучумаана. Нэһилиэктэрин оҕолоро буолан детдомҥа ыытыахтарын баҕарбаттар. Дьэ, оҕолор дьылҕалара хайдах буолаахтыыр? Бэйэбит олоруохпут диэхтииллэр. Хайдах олоруохтарай? Улахан уол Митя баара-суоҕа 14 саастаах, сэттис кылааска үөрэнэр. Социальнайдар дьаһанан олорботтор дииллэр, оннугунан оннук да, оҕолору киһи аһынар. Арай кыһынын интернатынан, сайынын дьиэлэригэр социальнай үлэһиттэр хонтуруолларынан олоруохтарын сөп. Кыра кыыска дьон ымсыыраллар эрээри, убайдара биэрбэппит диэн тыллаахтар. Чэ, бээ, Митяны көрсөн ааһыахха. Миигин олох сөбүлээбэт.

— Убаай, убаай, итиннэ уулуссаҕа Мария Семеновнаны көрүстүм,- Баанньыска айдаарбытынан киирдэ.

— Социальнай үлэһит дуо? Туох диир?- убайа Митя сөбүлээбэтэхтии туттар.

— Убайгынаан интернакка барыаххыт. Онтон балтыгытын Наташаны учуутал Нарыйа Ивановна иитэ ылыа, үчүгэйдик көрүөхтэрэ диир.

— Биэрбэппин. Бэйэбит да олоруохпут. Детсакка сылдьыа буоллаҕа,- улахан уол кыыһырбытыттан сирэйэ кытаран барар.

— Мин инньэ диэтим ээ,- Баанньыска түннүгүнэн көрөр. — Оо, манна кэллэ. Наташаны кистиибин дуо?

— Киирдин, хайыаҕай. Дьиҥинэн маамабыт дьүөгэтэ этэ.

— Дорооболоруҥ. Хайа, Митя, хайдаххытый, үчүгэйгит дуо?- Мария Семеновна сэрэммиттии киирэн, дьыбааҥҥа олорор.

— Дорообо,- улахан уол атын сири көрөн туран, сөбүлээбэтэх куолаһынан хардарар.

— Һыллыы, Митя, аһыыр астааххыт, харчылааххыт дуо? Маамаҥ тугу эмэ этээхтээбитэ дуо?- дьахтар намыын куолаһынан ыйытар.

— Суох тугу да эппэтэҕэ. Бэйэҕит олорооруҥ. Миигин улааттыҥ, оҕолоргун бэйэҥ көр диэбитэ,- Митя куруубай соҕустук хардарар.

— Кыһыҥҥы кэмҥэ иккиэн интернакка кыстыаххыт. Онтон сайынын дьиэҕитигэр сайылыаххыт. Бэйэбит да оҕолорбутун детдомҥа биэриэхпитин баҕарбаппыт. Онтон Нарыйа Ивановна Наташаны иитэ, оҕо оҥосто ылыан баҕарар, балтыгытын куруутун көрө-истэ сылдьыа этигит. Кыыс ийэлээх, аҕалаах улаатыа. Эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ. Үчүгэй ыал,- Мария Семеновна уол сирэйин-хараҕын сэрэммиттии одуулаһар.

— Суох, биһиги балтыбытын биэрбэппит. Күүскүтүнэн ылар, тулаайах оҕолору атаҕастыыр ханнык да быраапкыт суох. Атаҕастыыр буоллаххытына аҕабыт дойдутугар Кэбээйигэ барыахпыт. Онно аҕабыт аймахтара элбэх. Манна бэйэбит дьиэбитигэр олордумаары гынаҕыт дуо? Биһиги пособиебытынан олорор кыахтаахпыт. Мин бырааттаах балтыбын бэйэм көрүөм. Ийэм барытын быһаарбыта.

— Чэ, сөп. Митя, инньэ диэмэ, кыыһырыма. Биһиги эйиэхэ куһаҕаны баҕарбаппыт. Тулаайах оҕону, сокуон быһыытынан опекуна суох хаалларыа суохтаахпыт. Опекун хайаан да наада.

— Мин барытын бэйэм өйдүүбүн. Эһиги, биһигини үс аҥы араартыыр быраапкыт суох.

— Митя, хомойо санаама. Ийэҕит Марианналыын бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбиппит. Аҕаҕыт аармыйаттан сулууспалаан кэлээт, ийэҕинээн ыал буолан, үс оҕону утуу-субуу кэриэтэ оҕоломмуттара. Үчүгэй баҕайытык, дьиэ-уот туттан олорон иһэн, ити иккиэн кылгас дьылҕаланан хаалаахтаатылар. Сүрэхтэрэ-быардара төһө эрэ муунтуйан, ытаан-соҥоон бараахтаабыттара буолла? Билигин эһигини үөһэттэн көрөн олороохтоотохторо. Дьаһайбаттар диэн хомойо саныыллара буолуо.

— Мария Семеновна, сымыйанан айан кэпсээмэ. Үөһээ дойду диэн суох. Киһи өллө да суох буолан хаалар. Билэ-өйдүү сытара буоллар, киһини хайдах көмөн кэбиһиэхтэрэй?- Митя хараҕын уутун кистии-саба соттор.- Биһиги оннук акаары, кыра оҕолор буолбатахпыт.

— Убаай, ытаама. Чүөчэ, эн бар,- хос аанынан кылаҕаччыйан көрөн турбут кыра сэрбэйбит баттахтаах кыыс Наташа атах сыгынньах сүүрэн тыбыгырыйан кэлэн, убайын кууһан ылла.

— Суох, мин ытаабаппын,- Митя балтын илиитигэр көтөҕөн ылан хоһугар киирэр. Убайын кэнниттэн, Баанньыска дьахтар диэки хайыһан да көрө барбакка, хоһугар сүүрэн тибигирээн киирэн хаалар. Мария Семеновна төһө да аһына санаатар, оҕолорго тус олохторун кыһалҕатын күннэтэ тириэрдэ-өйдөтө сатыыра ордугун өйдөөн, күн ахсын сылдьар. Хонтуоранан окуолаҕа таарыйан ааһарга сананна. Нарыйа Ивановна бу оскуолаҕа биэс сыллааҕыта үлэлии кэлэн, мааны, кыахтаах ыаллар уолларыгар кэргэн тахсан олорор. Куһаҕана диэн оҕолоро суох. Ол иһин кэргэнин дьоно кийииттэрин оҕото суох диэн сөбүлээбэттэр. Ийэлэрэ тыллаах бөҕө дьахтар, наар дьону кытта иирсэн-баайсан тахсар. «Араҕыс, оҕото суох дьахтарга олорума»,- диэн уолугар этэр үһү.

Нарыйа Ивановна үчүгэй, сымнаҕас баҕайы майгылаах, улууска биллэр бастыҥ учуутал. Бэйэтэ да оҕото суох буолан, оҕоҕо ымсыырар. Кыра кыыһы Наташаны иитэ ылара буоллар, оҕо абыранаахтыа этэ. Ону убайдара, бэйэтэ кыра киһи да буоллар, балтылаах быраатын ыһыан баҕарбат. “Бэйэм иитиэм”,- диэн тыллаах. Нарыйа Ивановнаны оскуолаҕа көрсөргө сананна. Хас уруоктааҕа буолла? Түөрт уруок бүттэ быһыылаах. Оччоҕо бүттэҕэ дии. Таас оскуола үрдүк кирилиэһинэн өрө дабайан тахсан иһэн, Нарыйа Ивановнаны утары көрсө түһэн, дьахталлар айхаллаһа түстүлэр.

— Оо, Нарыйа Ивановна, дорообо! Туох сонун? Үөрэтэн бүттүҥ дуо?- Мария Семеновна эйэргээбиттии илиитин тутар.

— Мария Семеновна, дорообо. Уруогум бүттэ. Туох сонун?- Нарыйа Ивановна да хаалсыбата, үөрэ-көтө мичээрдии көрүстэ.- Биһиэхэ барыахха. Бэйэм эрэ баарбын, Гоша улууска тыа хаһаайыстыбатын мунньаҕар барбыта. Киэһэ биирдэ кэлэр.

— Чэ, барыахха. Хата, бүөмнээн кэпсэтиэхпит.

Дьахталлар тоҥолохторуттан ылсан, эйэ дэмнээхтик киин уулуссанан хаамтылар. Икки этээстээх, улахан хараҥа күөх полистиролунан обшивкаламмыт маҥан олбуордаах дьиэҕэ тиийэн калитканы аһан киирдилэр. Дьиэ иһэ аныгылыы оҥоһуулаах, маҥан дьүһүннээх миэбэлинэн, тирии дьыбаанынан, кириэһилэнэн кэккэлээбитэ, киһи хараҕар быраҕыллар тупсаҕай дьиэ.

— Мария Семеновна, баһаалыста, олорунан кэбис. Итии чэй иһиэхпит,- диирин быыһыгар дьиэлээх дьахтар маҥан германскай кухоннайыттан сахалыы ойуулаах ыстакааннары ылан итии чэй, пиалаҕа моонньоҕон барыанньатын кутта.

— Мария Семеновна, моонньоҕон барыанньата амсай. Быйыл күһүн дьонум ыыппыттара,- Нарыйа дьахтарга барыанньатын чугаһата анньар.

— Ээ, махтал. Наһаа минньигэс барыанньа. Киһи эрэ сии олоруох курдук. Оҕолорбут, Николаевтар барахсаттар, олох кыайан быһаарыллыбакка олороллор. Эн Гошаҕынаан туох диэн быһаарынныгыт? – социальнай үлэһит барыанньаны минньигэһиргэппиттии сии олорон ыйытар.

— Гоша ордук кыра уолга ымсыырар. Чахчы ылар чугас аймахтара суох буоллахтарына, иккиэннэрин да ылыахпытын баҕарабыт.

— Оо, бэрт да буолуо эбит да, Митя барахсаны ханна соҕотохтуу хаалларабыт? Уонна уол бырааттаах балтын ытаан-соҥоон, сүгүн биэрбэккэ кыһалҕаны оҥороро буолуо. Киһи да аһынар. Детдомҥа соҕотохтуу ыытан кэбистэххэ, үйэ тухары, хомойуо, атаҕастаан ыыттылар диэҕэ.

— Оннук, Мария Семеновна, сөпкө эттиҥ. Биһиги кыра оҕолору ылыахпытын баҕарабыт да, улахан уолтан тутуллабыт, оҕону хомотуохпут диэн. Гоша ылыахха да үһүөннэрин ылыахха, суох да суох диир. Ону мин улааппыт оҕону иитэр ыарахан буолуо диэн саллабын.

— Оҕолору араарбат үчүгэй буолуо этэ да, сысталлар үһү дуо? Үс буоллахтарына, чугаһыахтара суоҕа,- Мария Семеновна саарбаҕалаабыттыы туттар.

— Оннук. Гоша кыра уолга ымсыырар. Мин балтым биэс оҕолоох, алтыс оҕотугар ыарахан. Гошабын кытта сүбэлэһэн баран, онно бараары гынабын.

— Ээ, бэрт дии,- Мария Семеновна үөрэ түһэр. -Оччоҕо уолаттары хайыахпытый, детдомҥа ыытарбытыгар тиийэбит. Онтон ыксаатахпытына, кыыһы үс уоллаах Харитоновтарга биэрэрбит дуу, кыыска ымсыырар аҕай.

— Бэҕэһээ оскуолаттан кэлэн иһэн, детсакка сырыттым. Наташаны көрөөрү, воспитатель Анна Семеновна туох эрэ диэтэ быһыылаах. Сүүрэн тыбыгырайан кэлэн кууһа түспүтүн көтөҕөн ыллым. Бору-боточчу идэһиттэн сыллаан ылбыппар, моонньубуттан ыга да ыга кууста,- Нарыйа Ивановна хараҕа ууламмытын туора соттон кэбистэ.

— Хайа, Нарыйа Ивановна, туох буоллуҥ? Итиччэ ымсыырар, оҕоргуур буолан баран ылыаххын. Паапаҕыт да сирбэт эбит.

— Паапабыт? – эдэр дьахтар уйадыйан хараҕын саба тутунна.

— Хайа, Нарыйа Ивановна, туох буоллуҥ? –Мария Семеновна соһуйа түһэр.-Туохтан санааҥ түстэ?

— Кыра кыыһы Наташаны ылыахпын баҕарабын, эмиэ да балтым кыыһыгар, саҥа төрөөбүт кыыска, ымсыырабын. Ону паапабыт сөбүлээбэт. Кини уолаттарга ымсыырар эбит.

— Оо, чэ, хайаахтыай, наһаа айманыма. Иккиэн биир тылы булуоххутун наада,-Семеновна тугу да быһааран этиэн булбакка, чуумпуран хаалар.

— Гоша ийэтэ, Мавра, “Оҕоҕут суох»,- диэн иһиликтэнэр-таһылыктанар аххан. Гошабын таптаабатым буоллар, дойдубар баран да хаалыахпын саныыбын. Тиийдэрбин балтым оҕотун ииттэрэ биэриэ этэ. «Оҕолонор санаам суоҕа. Эйиэхэ эрэ анаан оҕолонобун»,- диэбитэ. Манна кэргэним ийэтэ «оҕоломмот дьахтар» диэн сөбүлээбэтин билэллэр эрээри, хаһан да арахсыҥ, көһөн кэл диэччилэрэ суох. Ким оҕоҕо баҕарыа суоҕай? Бэйэҕэ кыаллыбат буоллаҕына, хайдах табылларынан, оҕо сытын ыла сатыыр буоллаҕым. Уонна балтым оҕото бэйэм хааным буоллаҕа. Былыр былыргыттан оҕо сыта тардыылаах дииллэр. Баҕар, бэйэбитигэр оҕо үөскүө турдаҕа. Оччоҕо уйабытын араҥаччылаан, дьиэбит барахсан оҕо саҥатынан, оҕо сытынан туолуо этэ,- Нарыйа долгуйбутуттан, куолаһа титирэстээн олорор.

— Чэ, уоскуй, наһаа айманыма. Ол Мааппа куһаҕан баҕайы саҥнаах эмээхсин. Оннооҕор соҕотох кыыһын Арисаны батарбат. Күтүөтү икки атаҕынан куоттарбыта,- Мария Семеновна ааттаабыттыы дьахтары саннын имэрийдэ.

— Ээ, суох, үөрэх дьыла саҥа саҕаланна дии. Аны барбатым чуолкай да, дойдубар оҕо көрө бара сылдьарым буолуо,- Нарыйа өрө тыынар.

— Ээ, бар ээ, оҕону көрө бараргын ким да туппат. Бар, оҕо сыта диэн этэргин наһаа сөбүлүү иһиттим,- социальнай үлэһит астыммытын биллэрдэ.

Эмискэ терраса оҕолор саҥаларынан туола түстэ. Күлсэн кыччыгынаһар саҥаны кытта эр киһи дьаһайар куолаһа иһилиннэ. Улаханнык күүттэрэ барбакка, дьиэ аана тэлэччи аһылларын кытта, күлбүтүнэн бэйэтэ да кыараҕас хараҕа көстүбэт буолбут, дьиэ аҕа баһылыга Гоша кыра кыыһы Наташаны көтөҕөн, уолаттары батыһыннаран, күйгүө бөҕө буолан, үөрэн-көтөн киирэн кэллилэр.

— Маамабыт, оҕолоргун көрүс, үһүөн биһиги оҕолорбут буоларга сөбүлэһэн, дьиэ боруогун атыллаатылар.

— Оо, хата, бу үчүгэй сонун. Гоша, дьэ, маладьыас. Паапалара оҕолорун булан аҕалбыт. Нарыйа, туруоҥ дуо, оҕолоргун көрүс,- Мария Семеновна дьахтары оҕолорго үтүрүйбүтүгэр, кыра кыыс: «Маама»,- диэбитинэн Нарыйаны моонньуттан кууһан ылла. Гоша саҥа таһааран ытаһа турар уолаттарын кууһан ылан, ийэлэригэр аспытыгар, дьахтары икки өттүттэн биилиттэн куустулар. Нарыйа үөрүүтүттэн хараҕын уута ыгыллан кэлбитин сотторун быыһыгар оҕолору үһүөннэрин холбуу кууһан ылла.

— Сотору оҕолорбутун көрдөрө таарыйа Тааттаҕа барыахпыт. Кырабытын ылыахпыт,- Гоша тапталлааҕын кулгааҕар иһиллэр-иһиллибэттик сибигинэйэр.

— Гоша, кырдьык дуо? Эйиигин наһаа да таптыыбын,- Нарыйа кэргэнин моонньуттан кууспутугар, оҕолор ытамньыйан, харахтарыттан уу-хаар баспыттарын көрөн, ийэлээх аҕа кыыстарын көтөҕөн, уолаттарын бэйэлэригэр сыһыары тардан ыллылар.

Мария Семеновна таһыттан көрөн туран, бэйэтэ да билбэтинэн, уйадыйан, хараҕыттан уу-хаар тахсыбытын туора сотто турда.

Татьяна Находкина,

Уус Алдан.

+1
11
+1
0
+1
4
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0