Саха норуодунай бэйиэтэ Кулачиков Серафим Романович — Эллэй 1904 сыллаахха сэтинньи 29 күнүгэр Таатта улууһун Амма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ытык киһиэхэ сүгүрүйэн, Уус Алдантан Полина-Победа хоһоон ыытта.
ОҔО СААСПЫН САНАТТА
/Саха норуодунай поэта С.Р.Кулачиков-Эллэйгэ ананар/
«Эллэй-тэллэй» диэн күлэ
Эккирэтэр этилэр
«Бэлэм буолга» хоһоонум
Тахсыбытын көрөннөр.
Онтон куота таарыйа
Тохтоппутум хоһоону,
Оҕо сааспар тэптэрэн
Өйдөөбөтөх эбиппин.
Таатта талыы киһитэ
Ырыа тылын табыллан
Айбыт, таҥмыт, суруйбут,
Кыайа туппут тылбааһы.
Буурҕа, буулдьа хоппотох,
Сыппаабатах бөрүөтэ!
Тэллэй курдук биир күннээх
Айымньыны айбатах.
Саха дьоно билинэр,
Саха дьоно ылынар
Суруйааччы үүммүтэ!
Аата күүскэ ааттанар!
Оҕо сааспын санатта
Сүдү киһи бу бүгүн,
«Эллэй-тэллэй» дэсиһэ
Сырсыахтарын баҕардым.
Полина-Победа,
Уус Алдан.
Уруһуй: artnow.ru