Оҕо сааһым умнуллубат ыһыаҕа

Ааптар: 
17.06.2021
Бөлөххө киир:

«Хоруоналаах» дьаҥмыт  хааччахтаах харантыына номнуо иккис сылыгар барда.  Самаан сайыны уруйдуур саха төрүт үгэһэ Үрүҥ Тунах ыһыахпыт быйыл эмиэ интэриниэт ситимин нөҥүө ыытыллар буолла. Ыһыах түһүлгэлэрин элбэхтэ киэргэтэр араас идэлээх сулустар оҕо эрдэтээҕи умнуллубат ыһыахтарын туһунан санааларын үллэһиннилэр.

Лэгэнтэй, ырыаһыт

-Биһиги нэһилиэкпитигэр түһүлгэҕэ үгэскэ кубулуйбут күрэхтэһиилэр буолалларын өйдүүбүн, кыайыылаахтарга бирииһи харчынан биэрэллэрэ, мин мас тардыһыытыгар кыттар этим. Ыһыах туһунан чаҕылхай өйдөбүлүм олоҥхону кытары ситимнээх. Түһүлгэҕэ олоҥхону оонньоон көрдөрбүттэрэ. Улаатан баран санаатахха, “Ньургун Боотуру” туруорбуттар быһылаах. Олус умсуйуган көрбүппүн өйдүүбүн. Ордук Аллараа Дойду абааһылара Кыыс Кыскыйдааны, Арсан Дуолайы умнубат гына өйдөөн хаалбыппын.

Таҥастара-саптара, ырыалара-тойуктара – барыта чаҕылхай этэ. Оҕолор, олоҥхо бүтүөр диэри, кутталбыттыттан, кумаар ыстыырын да билбэккэ хаалааччыбыт.
Күнү көрсүүнү, атын даҕаны төрүт үгэстэри, Саха филологиятын уонна култууратын факультетыгар устудьуоннуу сылдьан, итэҕэли дириҥник үөрэтэн өйдөөбүтүм.

Яна Байгожаева, поэт, суруналыыс:

-Ыһыах биһиги дьиэ кэргэҥҥэ күүтүүлээх бырааһынньык этэ. Эбэм булууһугар киирэн хаһааммыт аһын-үөлүн таһааран, ас арааһын астыыра. Түһүлгэ сандалытыгар эһэм балыктаабыт сибиэһэй собото, мундута хайаан да баар буолара. Эбэм буһарбыт баахылата, бэрэскитэ, көбүөрдээх лэппиэскэтэ уонна үтэһэлээх эт хайаан да ыһыах үгэс буолбут астара этилэр. Ыһыахтыыр сиргэ киирэн бары дьиэ кэргэнинэн үөрэ-көтө аймахтарбытын, доҕотторбутун, чугастааҕы ыалларбытын кытары көрсөрбүт. Биир эмэ сылы көтүппүппүтүн өйдөөбөппүн. Ханна да буоларын курдук күрэхтэһиилээх, кэнсиэрдээх тэрээһин этэ.
Мин кыра эрдэхпинэ билиҥҥи курдук сахалыы таҥас кэппэттэр этэ. Мин эбэм бэйэтэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ буолан, хас сыл аайы сиэннэригэр саҥа таҥас тигэн кэтэрдэрэ. Сыл аайы саҥаттан саҥа сахалыы былаачыйалаах кыыс буолан наһаа астынарым. Оҕуруонан бастыҥа, киэргэл оҥороро. Билигин санаатахха, эбэм барахсан бэйэтин дьоҕурун, маастарыстыбатын, кыаҕын көрдөрөр түгэнэ – ыһыах эбит.
Билиҥҥи курдук араас киэргэллэр суохтара, арай ийэлээх эбэбэр уустар таптайан оҥорбут симэхтэрэ бааллара. Дьон бары сүргэлэрэ көтөҕүллэр бырааһынньыктара буолара. Онон Сэбиэскэй бириэмэҕэ ыһыах суох дииллэрэ оруна суох дии саныыбын.
Улаатан баран Дьокуускайга ипподромҥа ыытыллыбыт ыһыахха сылдьыбытым. Онно аан бастаан Боотурдар оонньууларын ыыппыттара, ону олус кэрэхсээн көрбүтүм. Күрэхтэһиини ол саҕана Александр Васильев-Көрдүгэн киһи эрэ умсугуйа көрүөх үчүгэйдик комментатордаабыта.


Сергей Потапов, режиссер:

-Мин оҕо сылдьан ыһыахтан саамай сөбүлүүрүм оһуохай этэ. Сунтаар оһуохайа түүнү быһа буолааччы. Бэйэм кыттыбатарбын даҕаны, түүннэри оһуохайы истэрим.
Өйдөөн хаалбыт түгэмминэн Сунтаар ыһыаҕар дьоппуоннар кэлбиттэрэ буолар. Радиацияҕыт наһаа үрдүк диэн респиратордаах, мааскалаах уонна маҥан комбинезоннаах сылдьан ыһыахтаабыттара.
“Полароид” диэн фотоаппарааттаах этилэр, биһигини хаартыскаҕа түһэрэн баран тута таһааран көрдөрбүттэригэр, соһуйуу, сөҕүү буолбуппут.

Оттон, күндү ааҕааччы, эн оҕо сааскар ыһыах ханнык түгэнин өйдөөн хаалбыккыный?

Надежда Ильина, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэт  ситимиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0