Оҕо үс сааһыгар диэри күүскэ сайдар

Ааптар: 
26.04.2019
Бөлөххө киир:

Урут оҕону эрдэ сайыннарыы туһунан ким даҕаны улаханнык толкуйдаабат этэ. Холкуос, сопхуос хара үлэтиттэн быыс булан аһаттахтарына “баһыыба” курдуга. Арай, оҕо күнү-күннээн оонньоон быыс булбата, уһуйааҥҥа бардахтарына түөрт-биэс сааһыттан эрэ кыралаан дьарык саҕаланара. Оттон билигин хайдаҕый? Оҕо үс сааһыгар диэри күүскэ сайдар, онтон хойутуур табыллыбат дэһэллэр. Бу төһө оруннааҕый?

edersaas.ru


 Ыллыктаах этии

Соторутааҕыта оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрин үлэһиттэрин форумугар СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев: “Оҕо мэйиитэ кыра сааһыгар күүскэ сайдар. Дьоппуоннар, үс саас кэнниттэн туһа суох диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биһиги оҕону, кырдьык, кыра оҕо курдук көрөбүт”, — диэн эппитэ итиэннэ 3 сааһыгар оҕо мэйиитэ 50 бырыһыан, оттон 6 сааһыгар номнуо улахан дьон киэнигэр тэҥнээх, балачча уустук ырыалары, муусуканы толорор кыахтаах диэн холобурдаабыта. Кырдьыга даҕаны, дьону хартыынаттан бу тахсан кэлиэхтии уруһуйдуур, пианиноҕа улахан киһиттэн итэҕэһэ суох оонньуур, опера ырыаһыттарыттан итэҕэһэ суох ыллыыр биэс-алта саастаах кырачааннар баар буолаллар. Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ оҕону муусука, искусство, саахымат курдук дьарыктар сайыннараллар диэн эппитэ быданнаата.

Саха сиригэр даҕаны таһыччы билиилээх-көрүүлээх оҕолор биирдиилээн бааллар. Холобур, 2 сааһыгар алпаабыты барытын, сүүскэ диэри ахсааны билэр оҕо аҕыйаҕа суох. Бу оҕолор ортотунан түөрт саастарыттан номнуо сүһүөхтээн, биэс саастарыгар тиийиилэригэр ханнык баҕарар кинигэни добдугураччы ааҕаллар. Саха оҕотун туора харахтан харыстыыр үгэстээх. Онон, киэҥ араҥаҕа кэпсииргэ тиэтэйбэт.

Учуонайдар чинчийиилэрэ

Учуонайдар чинчийбиттэринэн, оҕо төрүүрүгэр мэйиитин 25 бырыһыана ситэр үһү. Үс бастакы сыл мэйиитин нейроннай сибээһин сайдыытыгар саамай тоҕоостоох кэм диэн этэллэр. Бу кэмҥэ ууруллубут акылаат инники олоҕор (үөрэҕэр, уопсастыбаҕа алтыһыытыгар, идэтигэр…) барытыгар, оттон доруобуйатыгар үйэтин тухары дьайар диэн дакаастаан тураллар.

Аны Япония, атын даҕаны тас дойду учуонайдара быһааралларынан, үс сааһыгар номнуо мэйиитин 70-80 бырыһыана ситэр үһү. Оҕону үһүгэр диэри сайыннарыы туһунан маҥнай Япония учуонайа Масару Ибука этэн турар. Кинигэтигэр, үс сааһыгар диэри сайдыбатах оҕо, үһүн кэннэ ылынара саарбах диэн эппиттээх.

Тэҥнэбил да араастаах

Аныгы төрөппүттэр үгүстэрэ араас социальнай ситимнэри көрөллөр. Сорохтор туһаналлар, атыттар бириэмэлэрин халтай барыыллар. Бэйэлэрэ даҕаны билбэттэринэн, кырачааннара атыттарга холоотоххо төһө билиилээҕин, сатабыллааҕын тэҥнииллэр. Итиэннэ тоҕо кинилэр оҕолоро мин оҕобунааҕар билиитэ-көрүүтэ киэҥий диэн буукуба, ахсаан үөрэтэн сордууллар, ылымматаҕына устунан мөҕөн бараллар. Дьэ, тэҥнэбил куһаҕан өрүтэ ити баар.

Маныаха төрөппүттэр икки түгэҥҥэ хайдыһаллар. Ким эрэ хайаан даҕаны дьарыктаныахха наада диир, ким эрэ кырачаан киһи оҕо сааһын билиэхтээх, оонньуохтаах диэн төрүт даҕаны кыһаллыбат.

Бастакы сүбэ

Биир историк оҕонньор, оҕоҥ сайдыытыгар хаһааҥҥыттан бэлэмнэниэхтээххин билэҕин дуо, диэн ыйыппытыгар: хат буолаат даҕаны, диэн хоруйдаабыппар, сыыһа диэн эппиттээх. Кини быһаарарынан, ити туһунан ийэм миигин хат буолуон иннинэ толкуйдуохтаах үһү. Ол эбэтэр, сахаларга “удьуор утума” диэн көннөрү дойҕох буолбатаҕын ыйар. Ийэ иһигэр илдьэ сылдьар оҕото хайдах киһи буолан тахсарыттан, сиэннэрин инникилэрэ тутулуктаах диэн быһаарар. Эмиэ даҕаны сөп курдук эбээт. Сиэннэригэр үтүөнү баҕарар киһи, оҕотугар кыһанара чахчы.

Ийэ, аҕа таптала

Оҕо биир сааһыгар диэри ийэ-аҕа тапталын, илиитин сылааһын билиэхтээх, дурдалаах-хаххалаах буоларын өйдүөхтээх дииллэр. Ол да иһин сорох төрөппүттэр оҕолорун үс сааһыгар диэри уһуйааҥҥа биэрэргэ тиэтэйбэттэр. Кэмигэр үөрэн-көтөн, күлэн-салан, элбэхтик кэпсэтэн-ипсэтэн, нууччалыы эттэххэ, эмоциятын күүһүрдэн, ол нөҥүө сайыннараллар эбит.

Онтон 1-3 сааһыгар тулалыыр эйгэтин билэр-көрөр, чинчийэр баҕата күүһүрэр. Дьэ, бу кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, буукубаттан, ахсаантан саҕалаан сыыйа үөрэтиилэрин саҕалыыллар эбит.

Манна даҕатан эттэххэ, ордук хос хамсанымаары “итинник гыныма”, “маннык гыныма” диэн бобор-хаайар түгэннэрбит баарын мэлдьэспэт буолуохтааххыт. Оттон психологтар чалбаҕы тэбистин – таҥас баҕас сууллуоҕа, ыскаап таҥаһын ыстын – хаһан баҕарар хомуллуоҕа, иһитинэн-хомуоһунан оонньоотун – истэр дьоҕура сайдыаҕа диэн ханнык баҕарар түгэннэргэ сөптөөх хоруйу биэрэллэр. Буойан-хаайан оҕо билэр-көрөр дьоҕурун саба баттыыгыт диэн быһаараллар.

Оннооҕор, оҕо үс тылы тэҥҥэ үөрэтиэн сөп дииллэр. Саха сиригэр ити балачча үөдүйэн эрэр. Хайдах диэн ыйытан көрдөххө, педагогтар бэрт судургутук хоруйдууллар. Холобур, оҕо ийэм сахалыы, аҕам нууччалыы, эбээм английскайдыы саҥараллар диэн араара барбат, ол оннугар, бу киһи тыла маннык, кинини кытта чопчу бу тылынан кэпсэтиэхтээхпин диэн өйдүүр дииллэр.

Оҕо оонньоон улаатар

Аны бу сааска оҕону кытта тэҥҥэ олорсон оруолларынан оонньуур хайаан даҕаны наадалааҕын ыйаллар. Оттон биһиги хайыыбытый? Көтөх муҥунан маҕаһыынтан оонньуур атыылаһан биэрэбит итиэннэ оҕобут оонньуурунан оонньообот, бэрт түргэнник хал буолар диэн толкуйдуубут. Дьиҥэр, массыынаны хайдах бэрилэтэри, куукуланы аһатары, дьиэ тутары харахтаан көрбөтөх оҕо хантан билиэҕэй?

Онон оскуола иннинээҕи сааска оҕо оонньоон сайдар дииллэрэ оруннаах. Ханнык эрэ куруһуокка биэрэр түгэҥҥэ, буукубаны үөрэтии, ахсаан аахтарыы буолбакка, уруһуй, мэһийии, аппликация, конструкторынан оонньуу ордук диэн сүбэлииллэр. Тарбаҕын сайыннаран, мэйиитин үлэтин күүһүрдэр диэн этэллэр.

Быраастар көрүүлэрэ

Быраастар төрөппүттэрдээҕэр, психологтардааҕар арыый ураты көрүүлээхтэр. Кинилэр соруктара – оҕо доруобуйата. Ол иһин оҕо элбэхтик салгыҥҥа сылдьыахтаах, битэмииннээх аһынан аһыахтаах дииллэр. Төрөппүттэр сороҕор оҕо өй өттүнэн эрэ сайдарын көрөннөр, доруобуйатыгар болҕомто уурбаттарын ыйаллар.

Мэлдьэх буолбатах, сорох куорат оҕолоро барахсаттар таһырдьаны түннүгүнэн эрэ көрөллөр. Эбэтэр уһуйааҥҥа бараары-кэлээри “ыраас салгынынан” тыыналлар.  Аҕыйахтык хамсаналларын түмүгэр, истэрэ-үөстэрэ эмиэ мөлтөхтүк үлэлиирин дакаастаан тураллар.

Онон төрөппүттэргэ “эрдэ сайыннарыы” уонна “эрдэ үөрэтии” диэн тыллары сөпкө өйдүүллэрэ наадатын, сороҕор туһалыахтарынааҕар, оҕо көҕүн намтатыахтарын, доруобуйатыгар кэһиллиини таһаарыахтарын сөп диэн ыйаллар. Оччотугар хайыыбыт? Быар куустан баран олорор эмиэ табыллыбат дииллэр. Кыратыттан үлэлии, толкуйдуу үөрэммит мэйии, оҕо оскуолаҕа баран дьиҥнээх үөрэҕи ылынарыгар туһалааҕын быһаараллар.

Түмүк

Ол эрээри, оҕо үс сааһыгар диэри итини билиэхтээх, маны билиэхтээх диэн “интэриниэт”, “кинигэ” оҕолорун ситиһиннэрэ сатаабакка, бэйэтин кыаҕын көрөн дьарыктаабыт ордук дэһэллэр. Биирдэ өйдөнөн кэлэн дьарыктаан муҥнаммакка, күннэтэ тиһиктээхтик эрчийэр туһата элбэх диэн быһаараллар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0