Афанасий Доҕордуурап Дьокуускай куоракка педагогическай училищены ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Үөрэҕи бүтэрбит эдэр киһини хотугу улууска ыытар былааннаахтара. Ол эрэн, төрөппүттэрин үөлээннээхтэрэ көмөлөһөн, чугас улууска хаалбыта.
Учуутал үөрэхтээх киһини тоҕо эрэ тыа хаһаайыстыбатын иилииргэ-саҕалыырга сорудахтаабыттара. Чугуйан туруо баара дуо, баартыйа тугу этэрин толороругар тиийбитэ. Оскуоланы бүтэрэр оҕолору ханна да бычыгыраппакка, тута пиэримэҕэ таһаарар күһэйиини толорор соччо бэрдэ суох дуоһунас сүктэриллибитэ. “Оччо бэрдэ суох” дуоһунаска сылдьыбыта омсолооҕун сүүрбэччэ сылынан биллэрбиттэрэ. Ол курдук, пиэримэ ыарахан үлэтигэр үтүрүллэн, үөрэҕэ суох хаалбыттар кэлин өтөрү-батары саҥараллара кини кулгааҕар тиийбитэ. Дьиҥэр, Афанасий Егоровиһы оччолорго ким да утары саҥарбата, бары “ээҕи” кытта сылдьар курдуктара. Кими баҕарар куттаан туран иһитиннэриэххэ, бэрээдэги кытаанахтык тутуһуннарыахха сөп эбит диэн бардам санаа Афанасий Егоровичка уйаламмыта. Полит-үөрэхтэргэ да оннугу түүлээх холбукаларыгар иҥэрэллэрэ. Киһиттэн эрэ ордук сананар, бэрдимсийэ туттар тойон буола үүммүтэ.
Тос курдук тойонун да иһин, эдэр киһи хаана сүүрэлиирэ ханна барыай? Дьукаах олорор ыалын кыыстарын ис сүрэҕиттэн таптаабыта. Маня даҕаны кини диэки сөбүлээбит харахтарынан көрөрүн билбитэ. Олорор ыалын ийэтэ ону бэлиэтии көрбөт бэйэлээх буолуо дуо? “Итинтикэҥ эрдээх. Кэргэнэ, эмиэ эн курдук, баартыйа сорудаҕынан хоту баран үлэлии сылдьар. Атын ыал олоҕор орооһума!” – диэн биир киэһэ кытаанахтык эппитэ. Билигин санаатаҕына, эмээхсин да кыыһын кытары кэпсэппит, сэрэппит быһыылааҕа. Сотору кэминэн Маня нэһилиэктэн букатыннаахтык баран хаалбыта.
Өр өтөр буолбатаҕа. Сотору кэминэн сопхуос киинигэр соҕуруу дойдуттан биэлсэр уонна учуутал кыргыттар ананан кэлбит сурахтара иһиллибитэ. Арай биирдэ оройуонтан тахса сылдьар улахан салайааччы Афанасий Егоровиһы ыҥыран ылан:
– Эн, доҕоор, бу эдэр киһи, тоҕо соҕотох сылдьаҕын? Ити кэрэ бэйэлээх кыталык кэриэтэ кыргыттар бэйэлэринэн көтөн кэлэн эн кырдалгар элиэтииллэр. Атын омуктар диэн куттаныма, кэлин үүнэргэр-сайдаргар туһалаах буолаарай? – диэн тугу эрэ таайтаран саҥарбыта.
Улахан салайааччы эппитин-тыыммытын дорҕооно сүтэ да илигинэ, Афанасий Егорович бэйэтэ да билбэтинэн, биэлсэр кыыс диэки кыҥастаһан барбыта.
Москва таһынааҕы уобаластан кэлбит Галина туох ханнык дойдуга кэлбитин өйдөөбөккө, муммут кус оҕотун курдук сананан сылдьара. Дьиэтин, дойдутун, сайыҥҥы саадын олус ахтара. Олохтоох дьон тылын билбэтиттэн эрэйдэнэрэ. Кини саҥатын өйдүүр да киһи аҕыйаҕа.
Үөрэхтээх эдэр дьон түргэнник билсиһээт холбоспуттара. Комсомольскай сыбаайба ньиргиэрдээхтик ааспыта. Таптал баара эбитэ дуу, суоҕа эбитэ дуу? Ону Афанасий Егорович тоҥхойо кырдьыар диэри бэйэтигэр билиниэн кыбыстара. Нуучча биэлсэрэ кыыс дьиэлэнэн-уоттанан, санаата көнөн барбыта. Эдэр дьон икки кыыс оҕолоно охсубуттара.
Афанасий Доҕордуурап үлэтигэр биһирэнэр, хайҕалга сылдьар табаарыс буолбута. Хомсомуол, баартыйа сирдиир үрдүк кирилиэһинэн дабайдар дабайан испитэ. Дьокуускайга үрдүк солоҕо ыҥырыллан, куорат килбэйэр киинигэр кыбартыыра биэрбиттэрэ. Кэргэнэ Галина куорат мааны хотуттарыгар номнуо бэйэ киһитэ буолбут курдуга.
Этэҥҥэ сырыттахха, дьыл-хонук ааһара түргэнэ сүрдээх. Билигин икки кыыстара улаатан, үрдүк үөрэхтэнэн, соҕуруунан эрэ сылдьаллар. Дьонноругар биирдэ эмэ кэлэн бараллар. Кырдьаҕастар сиэннэрин харахтаан да көрө иликтэр. Галина сааһыран истэҕин аайы оҕолорун ахтан туоххаһыйара, сиэннэрин көрүөн баҕарара күүһүрбүтэ. Өр буолбатаҕа, сиэннэрбин көрүөм этэ диэн, Ленинградка көһөн хаалбыта. Аны Охонооһойтон атыннык ааттаммат аҕалара кэргэнин тута сатаабатаҕа. Хаһан эрэ итинник түмүктэниэхтээҕин, быа синньигэһинэн быстыахтааҕын бүтэйдии сэрэйэр курдуга….
Охонооһой түөрт хостоох кыбартыыратыгар соҕотоҕун олорор. Кэнникинэн аһара ыарытыйар буолла. Доруобуйата мөлтөөн эрэрин билинэн, балта Ксения кэргэнин, кыргыттарын ыҥыртарбыта да, эппиэт мэлигир. Баар-суох соҕотох балта Ксения Егоровна сиэннэриттэн ордубат. Икки дьиэнэн сылдьа сатаан баран:
– Улахан биэнсийэлээх оҕонньоргун. Киниискэҥ лииһэ көстүбэтинэн уурунуу харчылаах буолуохтааххын. Син биир кыргыттарыҥ кэлэн суйдаан ылыахтара. Хата, эйигин көрөр дьахтарда булуохха. Социальнайдарга оннук үлэһиттэр бааллар дииллэр, – диэн убайын тылыгар киллэрбитэ.
Балта кини харчытыгар дураһыйбатаҕа биллэр. Үчүгэй эрэ буоллун диэн эттэҕэ. Убайа киниэхэ оҥорбут үтүөтүн да умнубат. Олох кырдьыга ардыгар тыйыс да буолар эбит. Иккиэн да күннээн-күөнэхтээн олордохторуна, кинилэр ааннарын сабар аат диэн суоҕа. Доҕордуураптар дьиэлэрин иһэ мэлдьи толору киһи, бырааһынньык курдук буолара. Арай, билигин сааһырбыттарын кэннэ ким да наадыйбата сүрдээх.
Ксения тылыгар турар киһи. Сарсыныгар 50-чата да буола илик дьахтары убайыгар аҕалан билиһиннэрдэ.
– Афанасий Егорович, прошу любить и жаловать. Бүгүҥҥүттэн ыла эн соҕотохсуйуоҥ суоҕа. Билсэн кэбис, Аграфена Егоровна. Иккиэн да Дьөгүөр оҕолорунаҕыт, – диэн булугас өйүттэн бэйэтэ астынна.
“Балтым котоку мин санаабын көтөҕөөрү буолан-хаалан эрдэҕин. Аҕалбыт дьахтара эдэрэ бэрт эбит. Оҕонньор хаппырыыһын тулуйууһу дуо, эмиэ куотууһу”, – дии санаабытын Охонооһой, биллэн турар, таһыгар таһаарбата.
Аграфена Егоровна күн аайы лоп курдук 9 чаас буолуута кыбартыыра аанын бэйэтэ аһан киирэн кэлэр. Охонооһойу кытары эйэҕэстик дорооболоһоот, куукунаҕа ааһар. Ол быыһыгар бааннаны, туалеты хомуйан букунайар. Быһата, туттара-хаптара ырааһынан оҕонньор санаатын тапта.
Охонооһой аны дьахтары хаһааҥҥыта эрэ таптаабыт Манятыгар ханыылыы көрөр буолан хаалла. Эдэркээн Маня ийэ буолан, дьахтар таһааланан эмиэ маннык тупсан сырыттаҕа диэн ырааҕы одуулаһа сытара элбээн истэ.
“Кэбис, бу оҕонньор иирээри гынным дуу? Аны эдэр дьахтарга ымсыырдым”, – диэн эмискэ киирэн кэлэр иэйиилэри киэр кыйдыы сатыыр.
Биирдэ Аграфена Егоровна кэлбитигэр сэмээр ыйытта:
—Сэгээр, эн эмиэ соҕотох олоробун диэбиттээххин. Арай мин дьиэбэр көһөн кэллэххинэ? Кырдьар сааспытыгар эйэ дэмнээхтик олоруо этибит буоллаҕа. Ону туох дии саныырыҥ буолла?…
—Кэбии-ис, Афанасий Егорович. Мин, үөрэҕэ суох дьахтар, эйиэхэ тэҥнэһиэм баара дуо? Маннык кэлэ-бара эйэргэһэ сылдьарбыт да сөп курдук. Аны оҕолоруҥ, ыччаттарыҥ атыннык саныахтара. Дьиэҕэр ымсыыран киирбит диэн хобу-сиби тарҕатыахтара. Онон, ити быстах санааҕын киэр кыйдаа, – Аграфена мас-таас курдук аккаастыыр киһи буолбута.
Хобу-сиби хомуйар, кыраны да үлүннэрэ-үлүннэрэ үтүөмсүйэр дьон урут да, билигин да бааллар. Галина урукку дьүөгэлэрэ: “Дьиэҕэр эдэр дьахтар киирэн эрэр. Кэлэ оҕус!” – диэн тэлэгирээммэ ыыппыттарын истибитин балта Ксения кэпсээтэ. “Дьэ, кэлэр хотун буолуо” диэн күн аайы туохтан эрэ дьаахханар курдук уку-сакы олордулар. Оҕонньор үөрэр быһыыта биллибэт. Сотору-сотору паапкаҕа угулла сылдьар докумуоннары төттөрү-таары сыымайдыыр идэлэннэ.
Арай биир үтүө күн кыыһа Оксана дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Ленинградтан соҕотоҕун көтөн кэлбит. Дьиэтигэр биир эрэ хонон абыраата. Аҕатын кытары олохтоохтук олорон кэпсэппэт, наар куота көтө сылдьар. Ол быыһыгар күнү быһа ханна эрэ сүтэр, суотабай төлөпүөнүнэн тугу эрэ быһаарсар. “Ыҥырыллыбатах ыалдьыт” кэлиэҕиттэн Аграфена да, Ксения да сүттүлэр. Ити барыта Оксана кэлиитин кытта сибээстээҕин төрөппүт сүрэҕэ таайаахтыыр.
Биир күн кыыһа бытык өлүү буолбут, мээнэнэн күлтэччи көрбүт омук эр бэртэрин батыһыннаран киирдэ. Ол дьон кырдьаҕас киһи баар диэн кыһаллыбатылар. Тугу эрэ төттөрү-таары таһар тыастара, “ар-бур” дэһэр саҥалара эрэ иһиллэр.
Охонооһой иһиллии сатаан баран, кыыһын ыҥыран көрдө.
Кыыһа арай сыа хаар курдук сымнаабыт, хаһан да эйэҕэстик кэпсэппэтэх бэйэтэ:
– Папулечка, я хочу сделать в твоей квартире косметический ремонт. А ты пока переедешь к своей сестре. Договорились? – диэтэ.
Атаахтаппыт, үөрэхтээбит кыыһа атын омук киһитин курдук буолан түһэн. Тоҕо баҕас тоҥкуруунай, тимир-тамыр курдук дьиппиэнэй?
х х х
Охонооһойу киэһэ куорат биир уһугар олорор балтыгар Ксенияҕа көһөрөн күккүрэттилэр. Ааннарын сабан баран, дьахталлар тугу эрэ добдугураһаллар. Тууйуллубут ыар санаалары төһө өр бүргэскэ бүөлүөҥүй, атыыр айдаан турда бадахтаах. Биир кэм Оксана хаһыытыыра иһиллэр. Атаах дьахтар аҕатыгар анаммыт хоско киирэ да сылдьыбакка, ааны тыастаахтык сабан таҕыста. Балта котоку ытаан бөтүөхтүүрэ бүтэҥитик иһиллэн ааста.
Охонооһой балтын дьиэтигэр хас хоммутун аахпат да буолла. Хаһан да соҕотохсуйбатаҕын соҕотохсуйда. Кинини кытары ким даҕаны киһи баар диэн айах атан кэпсэппэт. Ксения күнү быһа үлэтигэр сүтэр. Биирдэ эмэ Аграфена Егоровна төлөпүөннээн, оҕонньор хайдаҕын сураһар.
Биир киэһэ балта Ксения сирэйэ киһи билбэт буола уларыйан, дьэбин уоһуйан киирэн кэллэ.
– Убаай, “кырдьар кырыыс” дииллэрэ оруннаах эбит. Бэйэлээх бэйэҥ оҕоҥ үрдүбүтүгэр үҥкүүлээн барда. Харахпыт сабыллан, кулгаахпыт бүөлэнэн сырыттахпыт. Эдэргэр этэ сатаабытым, саха кыыһын кэргэн ыл диэн. Истиэх быһыыҥ суоҕа. Аан дойдуну барытын эн эрэ түөрэ сүргүөх курдук быһыыланарыҥ. Оҕолоргун сиэри таһынан атаахтаппытыҥ. Бил баһыттан сытыйар дииллэрэ кырдьык. Кырдьар сааскар утуйар уйата да суох хаалаары гынныҥ быһыылаах. Кыыһыҥ төрөппүт аҕатын отуойкаҕа олордон баран, дойдутугар төннүбүтэ быданнаабыт эбит. Кыбартыыраҕар хара омуктар баһылаан олороллор. “Биһиги өрөмүөннээбит суоппутугар арендалаан олоробут. Нас не трогай, бабуся”, – диэтилэр. Бу абатын, атаҕастабылын көрүҥ эрэ! Кыыһыҥ өссө да үүнэ-тэһиинэ суох быһыыланар чинчилээх. Биһигиттэн ыйыппакка да итинник дьаһаммыт киһи эйигин кырдьаҕастар дьиэлэригэр утаардаҕына, соһуйбаппыт буолуо. “Оҕо сүрэҕэ – тааска” дииллэрин урут соччо итэҕэйиэҕи баҕарыллыбат буолуллара… – Ксения убайын аһыннар да, абатын-сататын тоҕо тэбээтэ.
Оҕонньор киһи айаҕар баппат тыллартан бөтө бэрдэрдэ. Балтыгар биир уоскутар тылы кыайан этэр кыаҕа да суох туруктаах сытан хаалла…