Оҕо сүрэҕэ – тааска (КЭПСЭЭН)

17.10.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Афанасий Дьокуускай куоракка педагогическай училищеҕа үөрэммитэ. Үөрэҕи бүтэрбит эдэр киһини ыраах сытар хоту улууска ыытар былааннаахтара. Ол эрэн, төрөппүттэрин үөлээннээхтэрэ көмөлөһөн, чугас улууска хаалбыта.

Учуутал идэлээх киһини тоҕо эрэ тыа хаһаайыстыбатын иилииргэ-саҕалыырга сорудахтаабыттара. Онтон чугуйан туруо баара дуо? Хаан-уруу баартыйата тугу этэрин толороругар тиийбитэ. Оскуоланы бүтэрэр ыччаттары ханна да бычыгыраппакка, тута пиэримэҕэ таһаарар күһэйиини толорор оччо бэрдэ суох дуоһунас сүктэриллибитэ. Ол «оччо бэрдэ суох» дуоһунаска сылдьыбыта омсолооҕо сүүрбэччэ сылынан биллибитэ. Пиэримэ ыарахан үлэтигэр үтүрүллэн, үөрэҕэ суох хаалбыт ыччаттар кэлин өтөрү-батары саҥараллара кини кулгааҕар иһиллибитэ. Дьиҥэр, Афанасий Доҕордуурабы ким да утары саҥарбата, бары «ээҕи» кытта сылдьар курдуктара. Бэл, кими баҕарар куттаан туран иһитиннэриэххэ, бэрээдэги кытаанахтык тутуһуннарыахха сөп эбит диэн бардам санаа Афанасий Егоровичка иҥмитэ. Полит-үөрэхтэрэ да оннугу түүлээх холбукаларыгар иҥэрэллэрэ. Киһиттэн эрэ ордук сананар, бэрдимсийэ туттар тойон буола үүммүтэ.

Тос курдук тойонун да иһин, эдэр киһи хаана сүүрэлиирэ ханна барыай? Дьукаах олорор ыалын кыыһын ис сүрэҕиттэн таптаабыта. Маня даҕаны кини диэки сөбүлээбит харахтарынан имэрийэн ыларын сэрэйбитэ. Олорор ыалын ийэтэ ону бэлиэтии көрбөт бэйэлээх буолуо дуо? «Итинтикэҥ эрдээх. Кэргэнэ, эмиэ эн курдук, баартыйа сорудаҕынан хоту баран үлэлии сылдьар. Атын ыал олоҕор орооһума!» – диэн биир киэһэ кытаанахтык эппитэ. Билигин санаатаҕына, эмээхсин да кыыһы кытары кэпсэппит, сэрэппит быһыылааҕа. Сотору кэминэн Маня нэһилиэктэн букатыннаахтык барбыта.

Өр буолбатаҕа. Сотору кэминэн сопхуос киинигэр соҕуруу дойдуттан биэлсэр уонна учуутал кыргыттар ананан кэлбит сурахтара иһиллибитэ. Оройуонтан тахса сылдьар улахан тойон биирдэ Афанасий Егоровиһы ыҥыран ылан:

Эн, доҕоор, бу эдэр киһи, тоҕо олоххун оҥостубакка, соҕотох сорсуйаары гынныҥ? Ити кэрэ бэйэлээх кыталык кэриэтэ кыргыттар бэйэлэринэн көтөн кэлэн, эн кырдалгар элиэтииллэр. Атын омуктар диэн куттаныма, кэлин үүнэргэр-сайдаргар туһалаах буолаарай? – диэн ыраахтан таайтаран саҥарбыта.

Улахан тойон саҥатын дорҕооно сүтэ илигинэ, бэйэтэ да билбэтинэн, Афанасий Егорович биэлсэр кыыс диэки кыҥастаһан барбыта.

Москва таһынааҕы уобаластан кэлбит Галина ханна-ханна кэлбитин өйдөөбөккө, муммут кус оҕотун курдук сананан сылдьара. Дойдутун, дьиэтин, сайыҥҥы саадын олус ахтара. Олохтоох дьон тылын билбэтиттэн эрэйдэнэрэ. Кини саҥатын өйдүүр да киһи аҕыйаҕа.

Үөрэхтээх дьон түргэнник билсээт, холбоһорго быһаарыммыттара. Уруу киэһэтэ ньиргиэрдээхтик ааспыта. Ол эрээри, таптал баара эбитэ дуу, суоҕа дуу? Ону Афанасий тоҥхойо кырдьыар диэри бэйэтигэр билиниэн кыбыстара. Нуучча биэлсэрэ кыыс дьиэлэнэн-уоттанан, санаата көнөн барбыта. Эдэр ыал икки кыыс оҕоломмута.

Афанасий Доҕордуурап үлэтигэр биһирэнэр, хайҕалга сылдьар табаарыс буолбута. Хомсомуол, баартыйа сирдиир үрдүк кирилиэһинэн дабайдар дабайан испитэ. Дьокуускайга үрдүк солоҕо ыҥырыллан, куорат киинигэр кыбартыыра биэрбиттэрэ. Кэргэнэ Галина саха дьонугар бэйэ киһитэ буолбут курдуга. Икки кыыһа үрдүк үөрэхтэнэн, соҕуруунан эрэ сылдьаллар. Дьонноругар биирдэ эмэ кэлэн бараллар. Кырдьаҕастар сиэннэрин харахтаан да көрө иликтэр. Галина сааһыран истэҕин аайы оҕолорун ахтан туоххаһыйара, сиэннэрин көрүөн баҕарара күүһүрбүтэ. Өр буолбатаҕа, сиэннэрбин көрүөм этэ диэн, Ленинградка көһөн хаалбыта. Кинини Охонооһой тоҕо эрэ тута сатаабатаҕа. Хаһан эрэ бииргэ олорбут олохторо итинник түмүктэниэхтээҕин, быа синньигэс сиринэн быстыахтааҕын бүтэйдии сэрэйэрэ.

х х х

Доҕордуурап бу түөрт хостоох кыбартыыратыгар соҕотоҕун олорор. Кэнники аһара ыарытыйар буолла. Балта Ксения убайа доруобуйата мөлтөөн эрэрин билэн, соҕуруу барбыт кэргэнин, кыргыттарын ыҥыртарбыта да, эппиэт мэлигир. Баар-суох соҕотох балта Ксения Егоровна бэйэтин сиэннэриттэн ордубат. Онон балта икки дьиэнэн сылдьа сатаан баран:

Биэнсийэлээх оҕонньоргун. Киниискэҥ лииһэ көстүбэтинэн уурунуу харчылаах буолуохтааххын. Онтугун син биир кыргыттарын кэлэн суйдуохтара. Хата, эйигин көрөр дьахтарда булуохха. Социальнайдарга оннук үлэһиттэр бааллар үһү, – диэн мээрилээн, убайын тылыгар киллэрбитэ.

Балта кини харчытыгар дураһыйбатаҕа биллэр. Үчүгэй эрэ буоллун диэн эттэҕэ. Убайа киниэхэ оҥорбут үтүөтүн да умнубат. Олох кырдьыга ардыгар тыйыс да буолар эбит.

Доҕордуураптар күннээн-күөнэхтээн олордохторуна, кинилэр ааннарын сабар аат диэн суоҕа. Сэниэ ыал дьиэтин иһэ мэлдьи толору киһи, бырааһынньык курдук буолара. Арай билигин, ыарытыйбытын кэннэ, киниэхэ ким да наадыйбата хомолтолоох.

Ксения эппит тылыгар турар идэлээх. Сарсыныгар 50-чатын лаппа аһаран эрэр дьахтары убайыгар аҕалан билиһиннэрдэ.

Афанасий Егорович, прошу любить и жаловать. Бүгүҥҥүттэн ыла эн соҕотохсуйуоҥ суоҕа. Билсэн кэбис, Аграфена Егоровна. Иккиэн да Дьөгүөр оҕолоро буолан тахсаҕыт, – диэн булугас өйүттэн бэйэтэ астынна.

«Балтым котоку мин санаабын көтөҕөөрү буолан-хаалан эрдэҕин. Аҕалбыт дьахтара эдэрэ да бэрт эбит. Мин хаппырыыспын тулуйууһу дуо, эмиэ куотууһу», – дии санаабытын Охонооһой, биллэн турар, таһыгар таһаарбата.

Аграфена Егоровна күн аайы лоп курдук 9 чаас буолуута кыбартыыра аанын бэйэтэ аһан киирэн кэлэр. Охонооһойу кытары эйэҕэстик дорооболоһоот, куукунаҕа ааһар. Ол быыһыгар бааннаны, туалеты хомуйан букунуйар. Быһата, туттара-хаптара ырааһынан оҕонньорго сөбүлэттэ.

Дьиэлээх киһи аны дьахтары хаһааҥҥыта эрэ таптыы көрбүт Манятыгар ханыылыы көрөр буолан хаалла. Эдэркээн Маня ийэ буолан, дьахтар талыы талба таһаатын ылынан, эмиэ маннык тупсан сырыттаҕа диэн ырааҕы одуулаһа сытара элбээн барда.

Кэбис, бу оҕонньор иирээри гынным дуу? Аны эдэр дьахтарга ымсыыран бардым, – эмискэ киирэн кэлэр иэйиилэрин киэр кыйдыы сатыыр.

Биирдэ Аграфена Егоровна кэлбитигэр сэмээр:

Сэгээр, эн эмиэ соҕотох олоробун диэбиттээххин. Арай, мин дьиэбэр көһөн кэллэххинэ? Кырдьар сааспытыгар эйэ-дэмнээхтик олоруо этибит буоллаҕа. Ону туох дии саныыгын? – диэн ыйытта.

Кэбиис, Афанасий Егорович. Мин, үөрэҕэ суох дьахтар, эйиэхэ тэҥнэһиэм баара дуо? Манна кэлэ-бара эйэргэһэ сылдьарбыт да сөп курдук. Аны оҕолоруҥ, сиэннэриҥ атыннык саныахтара. Дьиэ былдьаһан киирдэ диэн кураанах хобу-сиби тарҕатыахтара. Ити санааҕын киэр кыйдаа, – Аграфена мас-таас курдук аккаастыыр киһи буолла.

Кыраны да үлүннэрэ-үлүннэрэ хобу-сиби таһар дьон урут да, билигин да бааллар. Галина урукку дьүөгэлэрэ: «Дьиэҕэр эдэр дьахтар киирэн эрэр. Кэлэ оҕус!» – диэн тэлэгирээмэ ыыппыттарын истибитин балта Ксения кэпсээтэ. «Дьэ, оччолооҕу истэн баран, кэлэр хотун буолуо» диэн күн аайы туохтан эрэ дьаахханар курдук туттан олордулар. Оҕонньор үөрбүт быһыыта биллибэт. Халыҥ паапкаҕа кичэллээхтик уурулла сылдьар докумуоннарын сотору-сотору ылан төттөрү-таары сыымайдыыр идэлэннэ.

х х х

Сэрэйбит сэрэх. Арай, биир үтүө күн кыыһа Оксана дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Ленинградтан соҕотоҕун көтөн кэлбит. Дьиэтигэр нэһиилэ биир эрэ хонно. Аҕатын кытары аргыый наллаан олорон кэпсэппэт, наар куота көтө сылдьар. Ол быыһыгар күнү быһа ханна эрэ сүтэр, суотабай төлөпүөнүнэн тугу эрэ быһаарсан тахсар. Кыыһа кэлиэҕиттэн Аграфена да, балта Ксения да ууга тааһы бырахпыттыы сүттүлэр. Ити барыта Оксана эмискэ күөрэс гыныытын кытта сибээстээҕин оҕонньор сүрэҕэ сэрэйээхтиир.

Биир күн кыыһа хойуутук үүммүт хап-хара бытыктаах, мээнэнэн күлтэччи көрбүт омук эр бэртэрин батыһыннаран киирдэ. Ол дьон кырдьаҕас киһи баар диэн кыһаллыбатылар. Тугу эрэ төттөрү-таары таһар тыастара, «ар-бур» дэһэр саҥалара эрэ иһиллэн ааһар.

Охонооһой иһиллии сатаан баран, санаатыгар кыыһын ыҥыран көрдө.

Кыыһа Оксана кэлиэҕиттэн биир тылынан эйэҕэстик кэпсэппэтэх бэйэтэ сыа-хаар курдук сымнаабыт:

Папулечка, я хочу сделать в нашей квартире косметический ремонт. А ты пока переедешь к своей любимой сестре. Договорились? – диэтэ.

Атаахтаппыт, үөрэхтээбит кыыһа атын омук киһитин курдук буолан түһэн! Айбыт аҕатыгар тоҕо баҕас тоҥкуруунай, тимир-тамыр курдук дьиппиэнэй?

Охонооһойу киэһэ куорат биир уһугар олорор балтыгар Ксенияҕа көһөрөн илтилэр. Ааннарын сабан баран, дьахталлар тугу эрэ отур-ботур кэпсэтэллэр. Сотору кэминэн атыыр айдаан турда бадахтаах. Биир кэм Оксана хаһыытыыра иһиллэр. Атаах кыыһа хоско аҕатыгар киирэ да сылдьыбакка ааны тыастаахтык сабан тахсара иһилиннэ. Балта котоку ытаан бөтүөхтүүрэ бүтэһиҥитик иһиллэн ылла…

х х х

Охонооһой балтын дьиэтигэр хас хоммутун аахпат да буолла. Хаһан да соҕотохсуйбатаҕын соҕотохсуйда, чуҥкуйбатаҕын чуҥкуйда. Кинини кытары ким да киһи бааргын диэн айах атан кэпсэппэт. Ксения күнү быһа үлэтигэр сылдьар. Биирдэ эмэ Аграфена Егоровна төлөпүөннээн, оҕонньор хайдаҕын сураһар.

Биир киэһэ балта Ксения сирэйэ киһи билбэт буола уларыйан, дьэбин уоһуйан киирдэ.

Убаай, оҕонньоор, «кырдьар кырыыс» дииллэрэ оруннаах эбит. Бэйэлээх бэйэҥ оҕоҥ үрдүбүтүнэн үҥкүүлээн ааста. Харахпыт сабыллан, кулгаахпыт бүөлэнэн сырыттахпыт. Нуучча дьахтарын кэргэн ылыма диэн эдэргэр этэ сатаабытым. Истиэх быһыыҥ суоҕа. Аан дойдуну барытын эн эрэ түөрэ сүргүөх курдук быһыыланарыҥ. Оҕолоргун сиэри таһынан атаахтаппытыҥ. Бил баһыттан сытыйар. Кырдьар сааскар сытан ыла түһэр уйата да суох хаалаары гынныҥ быһыылаах. Кыыһыҥ төрөппүт аҕатын отуойкаҕа олордон баран, дойдутугар төннүбүтэ быданнаабыт эбит. Кыбартыыраҕар хара омуктар баһылаан олороллор. «Биһиги арендалыыбыт, нас не трогай, бабуся», – диэтилэр. Бу абатын көрүҥ эрэ! Кыбартыырата суох хаалар буоллуҥ быһыылаах. Кыыһыҥ өссө да үүнэ-тэһиинэ суох быһыыланар чинчилээх. Эйигиттэн тугу да ыйыппакка бэйэтэ билэринэн дьаһаммыт киһи кырдьаҕастар дьиэлэригэр утаардаҕына да, соһуйбаппыт буолуо. «Оҕо сүрэҕэ – тааска» дииллэрин урут соччо баардыылаабат буолуллара, – диэн Ксения убайыгар абатын-сататын тоҕо тэбээтэ.

Оҕонньор киһи айаҕар баппат тыллартан бөтө бэрдэрдэ. Балтыгар биир уоскутар тылы кыайан булан эппэтэ, имик-самык умайар лаампа уотун тонолуппакка одуулаан сытта.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
4
+1
4