Балаҕан ыйа, үөрэх дьыла чугаһаата. Ордук оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр оҕолор, төрөппүттэр мунаарар боппуруостара үгүс. Оҕо оскуолаҕа ааҕар, суруйар буолан киириэхтээх дуо? Тугу атыылаһабыт? Ханнык куруһуокка дьарыктыыбыт?
Төрөппүтү долгутар ыйытыыларга Дьокуускай куорат саха политиэхиньиичэскэй лиссиэйин алын кылааһын учуутала Саргылаана Скрябина хоруйдуур.
ААҔАР, ААХПАТ ОҔО
— Саргылаана Михайловна, үөрэх дьыла чугаһаата. Ордук маҥнайгы кылааска киирэр оҕолордоох төрөппүттэр долгуйар буолуохтаахтар. Бастакы кылааска киирэр оҕо тугу сатыахтааҕый?
— Оҕолорго, төрөппүттэргэ саамай үчүгэй, долгутуулаах, умнуллубат кэм. Ону кытта төрөппүт мунаарар түгэнэ элбэх. Үгүстэр “оҕо оскуолаҕа киирэригэр сатаан ааҕар буолуохтаах дуо?” диэн ыйытааччылар, бутуур даҕаны тахсааччы. Үөрэх саҥа ыстандаартынан бырагыраама уларыйа, күүһүрэ турар. Биллэн турар, буукубаны билэр, сүһүөхтэри холбуур, ааҕар оҕолор киирэллэрэ биһирэнэр, сүүйүүлээх, бырагырааманы түргэнник ылыналлар, улаханнык долгуйбаттар.
Хас биирдии педагог тус-туспа көрүүлээх, сорохтор оскуолаҕа оҕо аахпакка киириэхтээх, бэйэм ньымабынан үөрэтиэм дииллэр. Тус бэйэм, ааҕар оҕо киирэрэ үчүгэй, тэҥҥэ хардыылаан иһэр диэн биһириибин эрээри, миэхэ кэлэн ааҕа үөрэннэхтэринэ, харахтара чоҕулуйан, “мин ааҕар буоллум!” диэтэхтэринэ учууталга онтон ордук дьол суох. Эбэтэр төрөппүттэр: “Арааһынайдаан үөрэтэн көрбүппүт ылымматаҕа, оскуолаҕа киирээт олус түргэнник ааҕа үөрэннэ”— дииллэрэ учууталы өссө үрдүк ситиһиигэ кынаттыыр.
— Үгүс сыл үлэлээбит учуутал, бука, бэйэҥ мэтиэдикэлээҕиҥ буолуо.
— Атыттартан ураты ньымам суох эрээри, биирдиилээн бэйэм туттар көрүҥнэрдээхпин. Саамай сүрүнэ оҕо дорҕоону сөпкө истэ, бу дорҕоон маннык иһиллэр диэн өйдүөхтээх.
Үчүгэйдик истэр, дорҕоону араарар оҕо дьыктааны суруйуутугар доҕолоҥнообот. Ол иһин оҕо ханнык эрэ дорҕоону сөпкө саҥарбат түгэнигэр, өссө уһуйааҥҥа иитиллэр кэмигэр төрөппүттэр эрдэттэн үлэлэһэллэрэ, логопедка дьарыктыыллара ирдэнэр.
Тыл — дорҕоонтон турар. Түгэнник ааҕа, сөпкө суруйа үөрэниилэрэ дорҕоону сөпкө истэллэриттэн быһаччы тутулуктаах.
СУРУК ИРДЭММЭТ
— Ааҕыыны чопчулаатыбыт, аны сурукка киириэххэ. Сорох оҕолор номнуо буукубаны суругунан, атыттар бэчээтинэн суруйар буолаллар. Бу ирдэнэр дуо?
— Буукубаны бэчээтинэн суруйаллара — үөрүү. Ол аата бу дорҕоон маннык бэлиэтэнэр диэн өйдүүллэр эбит. Саамай сүрүнэ уруучуканы сөпкө тутуохтаахтар уонна уруокка тулуйан-тэһийэн олоруохтаахтар. Сурукка (пропись) туох баар быраабыланы тутуһан учуутал бэйэтэ үөрэтэр. Маҥнай салгыҥҥа, ытыска, онтон дуоскаҕа… Хаһан өйдүөхтэригэр диэри хас даҕаны күн хатылыыбыт. Онон эрдэттэн суруйуу ирдэммэт.
Уопсайынан, үөрэх туһунан эттэххэ, тус бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, төрөппүттэрэ кыһаллар оҕо үөрэҕэр ситиһиилээх буолар. Куоракка кылааска отуттан тахса оҕо үөрэнэр. Учуутал уруок бириэмэтигэр хас биирдиилэригэр бириэмэтэ да, кыаҕа даҕаны тиийбэт. Эбии дьарыктаах, куруоһуокка сылдьар, киэҥ билиилээх-көрүүлээх оҕо үөрэҕэр хаалбат. Ол эрээри, сынньаппакка олус “соһор” эмиэ табыллыбат.
ОҔО УОПСАЙ БИЛИИТЭ
— Оскуолаҕа киирэр оҕо куйаар, тулалыыр эйгэ туһунан уопсай өйдөбүллээх буолуохтаах. Күнү-дьылы, суукканы, бириэмэни билиэхтээх. Ахсааны сүүрбэҕэ диэри уонна төттөрү ааҕара ирдэнэр. Маны төрөппүт үөрэх быһыытынан буолбакка, оонньуу быһыытынан үөрэтэрэ ордук, оҕоҕо быдан тиийимтиэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэҕэ даҕаны дьоҕус садаачалар дьиҥ олохтон бэриллэллэр. Холобур, “миэхэ икки дьаабылака баар, эйиэхэ икки груша баар, уопсайа хас фрукталаахпытый?” диэн оонньуу курдук үөрэммит оҕолор түргэнник ылыналлар, суоттууллар.
Оскуолаҕа барар оҕо дьиэ иһинээҕи дьон ааттарын, олорор аадырыһын, төрөппүттэрэ ханна үлэлииллэрин билиэхтээх.
Аны тарбах мэйиини кытта быһаччы ситимнээх. Кыратыттан пластилинынан, тиэстэнэн араас оҥоһуктары оҥоро үөрэммит, моториката сайдыбыт оҕо уруучуканы даҕаны сөпкө тутар.
Сыыппараны эмиэ оонньуу быһыытынан кумахха, маска суруйан көрдөрө, хатылыы сырыттахха түргэнник ылыналлар.
УЙУЛҔА ӨТТҮНЭН БЭЛЭМНЭЭҺИН
— Онтон уйулҕа өттүнэн хайдах бэлэмниэххэ сөбүй?
— Билбэт, хаһан даҕаны үктэнэн көрбөтөх сиригэр — оскуолаҕа барарыттан ханнык баҕарар оҕо долгуйар. Оннооҕор улахан киһи атын сиргэ барарыгар арааһы эргитэ саныыр. Маныаха төрөппүт төһө кыалларынан холкутуйан биэриэхтээх, бэйэтэ долгуйуо, олус элбэҕи ирдиэ суохтаах, оҕотугар болҕомто ууруохтаах, таптыырын, өйүүрүн биллэриэхтээх.
Оҕо истэригэр оскуола туһунан куһаҕаны кэпсэтимэҥ, “икки” сыананы туруораллар, мөҕөллөр эҥин диэн куттаамаҥ. Оччоҕо оҕо оскуолаҕа киириини буолуохтааҕын курдук ылынан бэлэм барар.
Кылаас, оскуола, онтон да атын тэрээһиннэргэ оҕолорун кытта көхтөөхтүк кыттар төрөппүт оҕото эмиэ барыга-бары көхтөөх, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Оҕом сатаабат, баҕарбат диэн толлон турбакка, кылааска ыытыллар тэрээһиннэртэн, тэттик хоһоонтон саҕалаан араас ааҕыыларга тиийэ кытыннаран иһэр ордук.
Аны оҕо туохтан санаарҕыырын, долгуйарын, туга ыалдьарын төрөппүт учууталга эрдэттэн иһитиннэриэхтээх. Учууталы кытта чугас сыһыаннаах буолуохтаах. Педагог эмиэ бэйэтэ оҕо төһө симигин, атын оҕолору кытта төһө алтыһарын, уопсай тылы буларын-булбатын син биир кэтээн көрөр. Соҕотох олорор эҥин буоллаҕына ыҥыран ылан кэпсэтэбит, оҕолору кытта бииргэлэһэрин туһугар араас ньымалары туһанан оонньотолуубут, сорудах биэрэбит. Ол кэнниттэн дьэ ыкса доҕордоспут буолаллар, сыыйа кэлэктиипкэ киирэр.
Учуутал, оҕо оскуолаҕа үөрэ-көтө кэлэр усулуобуйатын олохтуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, оҕо да барыта остуоруйаны умсугуйан истэр. Мин маны өрүү туһанабын. Остуоруйаттан саҕалаан таабырыҥҥа, ырыаҕа тиийэ таайабыт, үөрэтэбит.
ЭРЭСИИМ
— Үөрэнээччи, оскуола биир сүрүн быраабылата — эрэсиим. Хаһыс кылааска үөрэнэриттэн тутулуга суох ханнык баҕарар оҕону номнуо билиҥҥиттэн саҕалаан сыыйа эрэсиимҥэ киллэрэр ирдэнэр. Саамай сүрүнэ төрөппүт, дьиэ кэргэн бары сөбүгэр утуйуохтаах. Эрдэ утуйбут оҕо син биир сарсыарда эрдэ уутун ханан уһуктар.
Билигин сир аһын үгэнэ. Онон сир астыы илдьэ барыахха сөп. Маҕаһыыҥҥа атыылаһа, пааркаҕа күүлэйдии барыахха диэн араастаан уларытан, аралдьытан эрэсиимҥэ киллэрэр кыаллар. Маныаха оҕону модьуйбат ордук.
Аны оскуолаҕа киирбит оҕо үчүгэйдик тото, битэмииннээх аһылыгы аһыахтаах. Сорох төрөппүттэр араас битэмииннэри иһэрдэллэр, билиҥҥиттэн саҕалыыр ордук.
Оҕону айылҕаҕа, салгыҥҥа сырытыннарар, сүүрдэр-көтүтэр, хамсатар-имсэтэр наада. Сайыҥҥы сынньалаҥын көхтөөхтүк сынньанан атаарбыт, эрэсиимин тутуспут оҕо күһүн үөрэххэ бэлэмнээх, үөрэ-көтө кэлэр. Онтон көмпүүтэр, төлөпүөн иннигэр олорбут оҕо тута биллэр.
КӨМПҮҮТЭР, ТӨЛӨПҮӨН
— Төлөпүөн диэбиккэ дылы, алын кылаас оҕото төһө уһуннук көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ олоруохтааҕый?
— Маҥнайгы кылаас оҕотугар 10–15 мүнүүтэ көҥүллэнэр. Ол иһин ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниитигэр бириэмэ тиийбэт, сынньата-сынньата уруок ыытабыт.
Оскуолаҕа төлөпүөн көҥүллэммэт эрээри, төрөппүттэрин кытта сибээстэһэллэригэр син биир ирдэнэр курдук. Маҥнайгы кылааска кыккыраччы аккаастыыбын, үөрэх күнэ бүттэҕинэ биирдэ туһаналларын хонтуруоллуубун. Сороҕор уруок туһунан толкуйдаабакка, өйдөрө-санаалара төлөпүөннэригэр буолар. Ол иһин хааччахтыыр, бириэмэнэн туттара наада.
Маҥнайгы-иккис кылаастар төрөппүттэригэр оҕолорго бассаап бөлөҕү арыйымаҥ диэн сүбэлиирим. Үһүс кылааска үөрэнэр сылларыгар оҕолор улаатан бэйэлэрэ арыммыттар этэ. Бассаап бөлөх чопчу дьыаланы, уруогу эрэ быһаарсар сыһыарыы диэн быһааран өйдөтөбүн.
Аны сакалаат, кэмпиэт биэрэн ыыттахтарына минньигэстэрин сиэри эмиэ уруок бүтэрин эрэ кэтэһэ олороллор. Онон аччыктыыр түгэннэригэр минньигэстээҕэр бутерброд, уу биэрэн ыытар ордук.
ТАҤАС-САП, МАЛ-САЛ
— Билигин төрөппүттэр үөрэх тээбиринин, таҥас-сап атыылаһар түбүккэ сылдьаллар. Манна тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Кэлин үксүн оскуола, кылаас биир кэлим пуорманы кэтэр. Учуутал үөрэх дьылын иннинэ мунньах тэрийэн туох ирдэнэрин этэр. Холобур, биһиги оскуолабытыгар бэнидиэнньиккэ маҥан ырбаахы ирдэнэр, онтон атын күҥҥэ араас өҥнөөх буолуон сөп. Алын кылаастар сараппааны кэтэллэр, орто сүһүөхтэр — сэлиэччиги, дьууппаны.
Онтон үөрэх тээбиринин ыларга, тус бэйэм чопчу испииһэги оҥорорбун сөбүлүүбүн. Уруһуй, үлэ уруогун паапкатыгар туох наадатын барытын суруйабын. Маҥнайгы кылааска оҕолор биридимиэттэринэн (букубаар, ахсаан…) бары биир дьүһүннээх, туох даҕаны уруһуйа суох тэтэрээттээх буолаллара ордук. Оҕо бэйэтэ да аралдьыйбат, буккуллубат, көрдө да тута билэр уонна учуутал хомуйарыгар эмиэ түргэн. Дьолго, билигин уруһуйа суох араас дьүһүннээх тэтэрээт атыыга хото баар.
“МАҤНАЙГЫ КЫЛААСКА ОЛУС НОҔУРУУСКАЛААМАҤ”
— Робототехникаттан саҕалаан күн талбыт куруһуога барыта баар. Кыра кылаас оҕотугар тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Оҕоҕо сүрүн үөрэҕин таһынан эбии дьарык хайаан даҕаны ирдэнэр. Ол гынан баран, кырачаан киһиэхэ маҥнайгы кылааска киирии, оскуолаҕа үөрэнии бэйэтэ туспа ноҕурууска, истириэс буолар. Онон бастакы сыл эбэтэр оскуола олоҕун билиэр, оннун булуор диэри куруһуокка биэрбэт ордук.
Биллэн турар, оҕоттон бэйэтиттэн тутулуктаах. Төрөппүт кэтээн көрөн дьарыкка сурутуон сөп. Арай, биир сиргэ таба олорбот, хамсанан тыыннарын таһаарар оҕолору спорт секцияларыгар сурутуохха сөп. Онтон атыттарга бастакы сылларыгар уруһуй, оригами, тиэстэттэн, пластилинтан оҥоһук куруһуоктара барсаллар. Бу саастарыгар уһуйаан эрэсиимэ син биир биллэр, онон сыыйа-баайа сыһыарар ордук.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
СИА хаартыската.