Оһоҕос инфекциятыттан сэрэниэххэ

31.01.2020
Бөлөххө киир:

Киһи организмыгар оһоҕос инфекциялара (острые кишечные инфекции) аһылыгы, ууну кытта, кыра оҕолорго кирдээх илии, кирдээх оонньуур нөҥүө бэриллэллэр.

edersaas.ru

Онуоха ордук кутталлаах аһылык бородууктатынан элбэх састааптаах салааттар, кириэмнээх кондитерскай оҥоһуктар, кырбастаммыт эт, дыраһааҥка уо.д.а. буолаллар. Бу астарга оһоҕос инфекцияларын көбүтээччилэр мунньуллар эрэ буолбакка, элбиир кыахтаахтар.
Сууллубут оҕуруот аһыгар уонна фрукталарга эмиэ вируһу тарҕатар инфекциялар баар буолуохтарын сөп. Микроорганизмнарынан сутуллубут бородуукталар үксүгэр тас көстүүлэрэ, өҥнөрө, сыттара уларыйбатынан киһини сэрэхэдиппэттэр.

Оһоҕос инфекциятынан ыалдьыы сүрүн төрүөттэрэ:

-Бүлүүдэни астааһын технологията тутуһуллубата;
-Аһылык бородууктатын сыыһа харайыы;
-Ас астыыр кэмҥэ тус гигиена быраабылаларын тутуспат буолуу.

Ыалдьыбат туһугар:

Сииргэ бэлэм бородуукталары сиикэй бородуукталартан туспа ууруҥ;
— Түргэнник буортуйар бородуукталары билбэт уонна көҥүлэ суох атыылыыр сирдэртэн ылымаҥ;
— Түргэнник буортуйар бородуукталары (үүт, халбаһы, бэлэм салааттар, кириэмнээх аһылыктар) атыылаһаргытыгар хаһан оҥоһуллубутун уонна хараллыбыт усулуобуйатын синийэн көрүҥ;
— Оҕуруот аһын уонна фрукталары үчүгэйдик сууйуҥ;
— Болдьоҕо тахсыбыт уонна холодильникка хараллыбатах аһылыгы сииртэн туттунуҥ;
Ханнык баҕарар эти, көтөрү, сымыыты үчүгэйдик буһаран эрэ баран сиэҥ;
— Салааттар уонна түргэнник буортуйалар бородуукталар холодильникка 12 чаас эрэ хараллыахтаахтар;
— Тус гигиенаны тутуһуҥ.

Ыарыы бастакы сибикилэрэ билиннэхтэринэ, бэйэҕит эмтиэкэлэммэккэ, түргэнник бырааска көрдөрүҥ.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

хаартыска интэрниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0