ОҔО ООННЬООБУТ ҮРЭҔЭ

Ааптар: 
14.08.2018
Бөлөххө киир:

Куорат хаба ортотунан үрэх ааһар. Дьикти үрэх. Аата да киһини толкуйдатар — «Оҕо оонньообут үрэҕэ». Үрэх куорат кытыытынан кыыс биилинии синньиир сирдээх. Манна оҕо аймах сөбүлээн оонньуур. 

Биир сайын үрэх уута уолан, бу сири киһи саппыкынан тэпсэн туоруур буолбута. Дьэ, оҕолор, манна көрүлээбиттэрэ. Кыралар тобуктарыгар диэри ууга туран эрэ кумаҕынан оонньууллара, оттон арыый да улахаттар уу дириҥин кэмнээн үрэҕи уҥа-хаҥас сүүрэллэрэ. Били, хаһааҥҥыта эрэ далаһанан оттонон-мастанан нэһииччэ туоруур үрэхтэрин таах тэпсэн, кинилэр саҕа дьоллоох дьон суохтар. 

Аймахтарбар күүлэйдии бара сылдьан ыалдьыт оҕонньортон бу үрэх туһунан бэрт интэриэһинэй кэпсээни истибитим. Чэйдээн бараммыт таһырдьа күүлэҕэ кэпсэтэ олорбуппут. Үксүн ыалдьыппыт кэпсээбитэ. 

— Ити үрэҕи тоҕо «Оҕо оонньообут үрэҕэ» диэн ааттыыллара буолуой ээт? — диэн сэһэнньиппит кэпсээнин саҕалыан иннинэ биһигиттэн ыйыппыта. 

Биһиги бэйэ-бэйэбитин көрсөн кэбиспиппит. Кырдьыгын эттэххэ, хайабыт да билбэт эбит. 

— Билбэккит дуо? Дьэ оччотугар маннык, истиҥ, — диэт, сыҥааҕар сабырыйан түспүт муус маҥан бытыгын имэринэ-имэринэ, хараҕын симэн ыла-ыла уутугар-хаарыгар киирэн, бэл, тылын-өһүн чочуйа-чочуйа өрөөбүт уоһун өһүлэн, бу курдук кэпсээн барбыта. 

— Былыр манна баай киһи олорбут. Кини уон кыыстааҕа. Ойоҕо оһоҕостонноҕун ахсын уол оҕону кэтэһэн түүннэри-күннэри таҥараҕа үҥэрэ эбитэ үһү. Араас ойууну, удаҕаны кыырдаран, көрүүлэтэн көрөрө да, туһа тахсыбат эбит. Баабыскаһыт эмээхсинтэн «дьэ, Сэмэн, эҕэрдэлиибин, кыыстанныҥ» диэнтэн атыны истибэт. Улахан үс кыыһа хайыы-үйэ эргэ тахсан туспа ыал буолан олороллоро. Киһи дьиктиргиэн иһин, хайаларыгар да уол оҕо төрөөбөтөх. 

— Ноо, тугун баҕайытай, — таайым сөбүлээбэккэ баһын быһа илгистэр. 

— Салгыы истиҥ. Биир түүн кинилэргэ бэрт дьикти ыалдьыт хонон-өрөөн ааспыт. Дьиэлээх киһи дойдутун дьонун да, тастан киирбиттэри да билэттиирэ эрээри, бу киһини хаһан да көрбөтөх, эгэ, аатын-суолун истиэ дуо? Суох. Онон аан бастаан ыалдьыта хантан кэлбитин, кимин-тугун сылыктыы таарыйа, тулатынааҕы алаас дьонун сураспыт. Ыраахтан иһэр киһи буоллаҕына, хайаларыгар эмэ таарыйан ааспыт буолуон сөп. Хоноһото ханна да сылдьыбатаҕын, арай ала-чуо кини балаҕаныгар тохтоон ааһар санааламмытын истэн өссө эбии дьиктиргээбит. Киэһээҥҥи аһылыкка диэри ити курдук биир-икки тылынан кэпсэтэ олорбуттар. Аһылыкка киһилэрэ тиллэн, онуоха эбии хаһаайын арыгынан күндүлээн, кэпсээнэ-ипсээнэ элбээн, дьэ көхсө кэҥээбит. Кэпсээниттэн иһиттэххэ, кини дойдутугар баран иһэрэ үһү. Хотуттан сылдьар дуу, хайдаҕа дуу, бу дойду дьонуттан атын тыллаах-өстөөх эбит. Бука, сулумах быһыылаах. Дьонун туһунан ончу тугу да быктарбатах. 

Сотору иккиэн да биллэ холуочуйбуттар. Дьиэлээхтэр сыппыттарын кэннэ хаһаайын санаатыгар өр иитиэхтээбит кыһалҕатын кэпсээбит. Онуоха ыалдьыта судургу гынан баран, киһи сонньуйуох сүбэтин биэрбит. Биллэн турар, биһиги киһибит сүбэни ылымматах, өссө иһигэр күлүү гынар диэн өһүргэнэ санаабыт. Түүн үөһэ ороннорун булан утуйбуттар. Сытааттарын кытта ыалдьыт төбөтүн сыттыкка уураат утуйбут, мунна хаһыҥыраан барбыт, бука, сылайдаҕа да буолуо. 

Сэмэн төһө да итэҕэйбэтэҕин иһин, ыалдьытын тыла санаатыттан түспэтэх. Өр саараҥныы сытан баран, таҥнан таһырдьа тахсыбыт. Тахсыбыта — таһырдьа ыйдаҥа эбит. Ыалдьыта бу сүбэ ыйдаҥалаах түүн оҥоһуллуохтааҕын саныы биэрбит да, үрэх диэки тэбинэ турбут. Тиийэн ньылбы сыгынньахтанан киирэн сөтүөлээбит. Балаҕан ыйын бүтүүтэ уу тымныыта сүрдээх буоллаҕа. Онон биирдэ-иккитэ умсубут. Холуочуйбута ааһан тииһэ ыпсыбат буолуор диэри бабыгыраччы тоҥмут. Ол да буоллар, сүбэни тиһэҕэр тиэрдэргэ соруммут. Сүбэһитэ эппитинэн, аны үрэх устун сүүрэн кэлиэхтээх уонна саамай үрэх синньиир сиринэн «уол оҕото бэлэхтээ» дии-дии төттөрү-таары хаамыахтаах эбит. Дьэ, киһибит күүһэ төһө тиийэринэн сыралаһан сүүрэ сатаабыт. Үрэҕи биэс тарбаҕын курдук билэр буолан, саамай синньиир сиригэр чуо тиийэн, ыстаанын тобугар диэри өрө тардынан баран «уол оҕото бэлэхтээ» дии-дии төттөрү-таары хаамыталаабыт. Бу кэмҥэ халлаан номнуо суһуктуйбут. Онуоха эбии атаҕын билбэт буолуор диэри тоҥон, күүһэ өһүллэн, былаат курдук салбыҥнаан барбыт. Балаҕаныгар нэһииччэ тиийбит. Кэлээт да таҥастыын-саптыын оронугар умса түһэн утуйбут. 

Сарсыарда ойоҕо уһугуннарбытыгар турбут, сирэйин-хараҕын ньуххаммыт. Саҥарыах буолбута, саҥата иһиттэн тахсыбата эбитэ үһү. Тымныы ууга түүнү быһа сылдьыбыта, аанньа буолуо дуо, тымныйбыт. 

— Оо, абаккабын да, сордооҕу да, — аны саҥаһым абатын биллэрэн тыл кыбытта. 

— Бээ, дьоруойбутун бэлиэр олохтон туоратымаҥ. Суорҕан-тэллэх киһитэ буолан баран сотору кэминэн син үтүөрэн атаҕар турбут. Арай ыалдьытын атаарбатаҕыттан уонна кини кимин-тугун сиһилии сураспатаҕыттан санаата түспүт. Кыһыйдар да, хайыай, ир суолун ирдиэ дуу, тор суолун тобулуо дуу? 

Аҕыйах хонугунан ити умнуллан, дьиэлээхтэр күннээҕи олохторугар төннөн, уруккуларын курдук олорбуттар. Ол олордохторуна, биир үтүө күн ойоҕо оһоҕостоммутун туһунан иһитиннэрбиттэр. Эмиэ кэтэһии-манаһыы саҕаламмыт. «Ыалдьытым эппитэ, ама, кырдьык туһалаабыта буолуо дуо?» диэн санаа Сэмэни үүйэ-хаайа туппут. Ый-хонук бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан бириэмэ түргэнник ааспыт. Ойоҕо быыһанар кэмэ тиийэн кэлбит. Бу олоххо туох дьикти буолбатаҕай? Кэтэһиилээх-манаһыылаах уол оҕолоро дьэ төрөөбүт. Ол эрэн, уол олус иринньэх эбит. Онон улахан айдаана, малааһына суох дьиэлээхтэр олорбуттарын курдук олорбуттар. Сэмэн уолугар кистээн субан сылгы хаанын иһэрдибит. Уоллара улаатан истэҕин аайы улам-улам эт тутан, имэ тэтэрэн барбыт. Олоҥхоҕо этиллэринии, биир хоноот биирдэммит, икки хоноот иккилэммит, бэрт түргэнник улааппыт. Бу уол кыра эрдэҕиттэн алыс күүстээх, олус имигэс, түргэн-тарҕан эбит. Ити күүһэ өссө сыҥаһалаан хаамарын саҕана биллибит. Аҥаар илиититтэн орон сыҥаһатыттан тутуһан турар, аны туппутун ыыппат эбит. Үстээх сылдьан алааһы биир гына сүүрэн ийэтин да, эдьиийдэрин да сылатара, биэһигэр үрэх устун таах харбыыра үһү. Баччааҥҥа диэри туора харахтан кистии сылдьыбыт уоллара чугаһынааҕы алааһы барытын аймаабыт. Ыаллара киирэ-тахса ол уолу көрө сатыыллар, кырдьаҕастар кини дьылҕатын быһааран тойонноон көрөллөр. Ити курдук сыл-хонук элиэтээн ааспыт. Уолбут буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, модьу-таҕа көрүҥнэнэн киһи астына көрөр уолана буола улааппыт. 

— Дьэ-дьэ, — таайым ыалдьыппытын өссө тэптэрэн биэрдэ. 

— Дьэ дуо? Дьэ туран, бу уолбут дьикти, ама киһиттэн ураты дьарыктаах эбит. Үүнэн турар тиити силистиин баҕастыын түөрэ тардан үрэх уҥуор-маҥаар быраҕа оонньуура эбитэ үһү. 

— Тугун муокаһай? — аны мин ыйытааччы буоллум. 

— Баардаах баата, күүстээх күүһэ ханна барыай? Оҕо оонньуур буоллаҕа, — таайым санаабын ситэрэн хоруйдаата. 

— Салгыы истиҥ, — сэһэнньиппит аттыгар турар куруускаттан тымныы ууну ыймахтаат салгыы кэпсиир. — Дьэ туран, ыһыахха алаас оҕонньотторо бары мустубучча бу оҕо туһунан кэпсэппиттэр. Уонна аҕатыгар Сэмэҥҥэ уола күүһүн холонон көрөрүгэр сүбэлээбиттэр. Дойду ааттаахтарын барытын ырыппыттар да, бу уолу баһыйыах чугаһынан ким да суох эбит. Онон ити кэпсэтии дьыалатыгар тиийбэтэх. Уол оҕобут тиит маһы түөрэ тардан ылан үрэх уҥуор-маҥаар быраҕарын тохтоппотох. 

Аныгыс сылыгар үрэхтэрэ халааннаан, уҥуор сытар оттуур ходуһаларын бүтүннүү ылбыт. Дьэ туран, Сэмэн ыксаабыт. Үрэҕи кыйа ууну хордорон көрбүт да, туһа тахсыбат. Хоммут уу ханна барыай? Биир өттүнэн хордохторуна атынынан киирэ турар эбит. Ити курдук ыксаан олордохторуна, биир сарсыарда ыалларыттан сурах кэлбит. Хотуттан аттаах киһи кинилэр ааттарын ааттаан иһэр үһү. Ол киһи маһы үрэх уҥуор-маҥаар быраҕар уолу кытта күөн көрсүөн баҕарар үһү. Дьиэлээхтэр итини соһуйа да, дьаархана да иһиттэллэр, ыраахтан иһэр ыалдьыттарын ээр-сэмээр кэтэспиттэр. Сурах кэлбитин үһүс күнүгэр дараҕар сарыннаах, киэҥ киппэ көҕүстээх, быччыҥа быыппаста сылдьар эр хоһууна кинилэр иннилэригэр хорус гына түспүт. 

Уонна: 

— Сурах хоту кэллим. Манна тиит маһы силиһиттэн түөрэ тардан ылан үрэҕи уҥуор-маҥаар быраҕа оонньуур оҕолоох үһүгүт. Оччо күүстээх буоллаҕына, миигин кытта тахсан күүһүн холоннун, — диэн этиилээх буолбут. 

— Хантан кэлбиккин билбэппин эрээри, бэрт ыраахтан кэлбит быһыылааххын. Иһэр сураҕыҥ үс күннээҕитэ иһиллибитэ. Айан киһитэ сылайдаҕыҥ, киирэҥҥин сөрүүкээ, — диэн Сэмэн кэлбит киһини балаҕаныгар ыҥырбыт. 

Ыалдьыт киһи атын сэргэҕэ баайаат, балаҕаҥҥа киирбит. Киирэн биллэрик ороҥҥо кэтэх тардыстан бэйэтин курдук сүүнэ бухатыыр сытарын көрбүт. Биһиги киһибит ыалдьыты үөһэттэн аллара, аллараттан үөһэ көрөн таһаарбыт уонна саҥата суох туран сандалыга олорбут. Ыалдьыт да эппиэккэ хаалбатах. Ыйаастыгас хараҕынан кинини бэрт өр чинчийбит уонна уол утары кэлэн олорбут. Бу кэмҥэ олгуйга буһа турбут эти икки улахан миискэҕэ хоторбуттар, ампаартан сөрүүн быырпах киллэрэн кинилэр иннилэригэр уурбуттар. Бухатыырдар утарыта көрсөн олорон аһаан барбыттар… 

Сэһэнньиппит тохтоон ылан куруускатыттан ууну ыймахтыыр. Бары кинини одуулаан олоробут. Ыалдьыппыт кэпсээнигэр этиллэр тургутан көрөр тыҥааһыннаах түгэн биһиэхэ эмиэ бэриллибиккэ дылы. 

— Былыр бухатыырдар аһыылларыгар кытта күрэхтэһэллэрэ, — диэн таайым саныы олорбутун таһыгар таһаарда. 

— Оннук, — ыалдьыппыт кэмниэ кэнэҕэс тыын ылан салгыы кэпсээтэ. — Икки миискэни өр гыныахтара баара дуо, сүүрүҥүй гына буһарыллыбыт эти там да гымматахтар. Быырпаҕы амтанын да билбэккэ куртах диэки утаарбыттар. 

Аһаан бүппүттэрин кэннэ Сэмэн оргууй наллаан кэпсии олорбут: «Быйыл үрэхпит халааннаан уҥуоргу ходуһабытын бүтүннүү ылла. Саамай оттоох сирбит этэ. Араас ньыманан хорон көрдүбүт да туһа тахсыбата. Өссө эбиитин тэнийээри гынна. Онон быйыл итинтэн көрө матар буоллубут. Бачча дьон тахсан быһыт оҥорбоккут ээ». 

Бухатыырдар саҥата суох истэн эрэ кэбиспиттэр уонна хомунан таһырдьа тахсыбыттар. Тахсыбыттара дьон мустан ырааппыт. Сурах-садьык тулатынааҕы алааһы үс күн устата тилийэ көттөҕө. Соҕурууттан-хотуттан сатыы да, аттаах да дьон кэлэн өр-өтөр гыммакка кинилэр алаастарын толорон кэбиспиттэр. Бухатыырдар иккиэн тэҥҥэ хаамыстахтарына, күнү бүөлүүр, тэҥҥэ хамсаннахтарына тугу да тулутуо суох айылаах эбиттэр. Бары сөҕүү-махтайыы бөҕө. Буолумуна, чугаһынан күүстээхтэр бэрт былдьаспыттара диэн суоҕа. Арай урут бу сиргэ Күүстээх Баһылай диэн киһи үс тыатааҕы тэҥинэн түспүтүн көтөҕөн ыла-
ыла, сиргэ умсары быраҕыталыырын истэллэрэ. Кырдьыга эбитэ дуу, дьон кэпсээнэ эбитэ дуу, оччотооҕуну билбит суох. Дьэ, онон ыраахтан-чугастан киһи бөҕө тоҕуоруспут. 

Дьэ бухатыырдар туран чугаһынааҕы ойуурга киирэн тиит мастары силистэри баҕастары биир-биир түөрэ тардан ылан үрэххэ таспыттар. Иккиэн да маһы тулуппат дьон көрсүбүттэрэ аанньа буолуо дуо? Сиртэн сыыһы хомуйар курдук мастары итигэстээбиттэр. Ити курдук үс түүннээх күнү супту үлэлээбиттэр. Эрбии тииһин курдук эрийсибиттэр, курбуу таас курдук молуйсубуттар. Хайалара да сылайбыта биллибэт эбит. Арай ыалдьыт киһи сотору-сотору сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан кэбиһэ-кэбиһэ, өссө тэбиэһирэн иһэрэ үһү. Биһиги киһибит сылайбыта-илистибитэ көстүбэт, хата ордук холкутуйбукка дылы буолбут. Быһыттарын оҥоруохтааҕар буолуох үрэҕи, ходуһаны бүтүннүү маһынан бүөлээбиттэр. Үлэлээтэхтэрин алтыс күнүгэр ыалдьыт киһи тыын ыла дүлүҥ үрдүгэр сынньана олорбут. 

— Эс, кэпсээммит олох да олоҥхоҕо кубулуйда буолбат дуо, инчэҕэй эттээх, сүүрэр хааннаах киһи, ама, алта күнү супту тура үлэлиэ дуо? — таайым кэтэспититтэн атыны истэн сонньуйа санаата. 

— Этэбин дии, кырдьыгын, сымыйатын билбэппин диэн. Оннук кэпсээн баар, — ыалдьыт оҕонньорбут куруускатын түгэҕэр хаалбыт уутун тобохтоон баран саҥаспар утары уунна. — Салгыы истэҕит дуу, тохтуубун дуу? 

— Кэпсээн ортолоон иһэн хааллараҥ кэбиһиэҥ дуо? Тиһэҕэр диэри кэпсээ, — саҥаһым куруускаҕа уу кута баран иһэн тыл бырахта. 

— Дьэ, оччотугар, истиҥ, — диэт, таайым диэки хайыһаат, кэпсээн барар. — Ыалдьыт киһи дүлүҥҥэ олорбутун көрөн биһиги уолбут оргууй хааман кэлэн киһитигэр уу биэрбит. Уонна: «Сылайдыҥ дуу?» — диэн ыйытааччы буолбут. Анарааҥҥы киһи уу иһэрин быыһыгар тоҥхоҥнообутун бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Ити курдук Сэмэн оҕонньор биир баар-суох соҕотох уола чугаһынан да, ырааҕынан да кимиэхэ да баһыйтарбат күүстээх киһинэн аатырбыт. 

Бу кэмҥэ ыалдьыппыт суотабай төлөпүөнэ тырылыы түстэ. Бука, сиэнэ быһыылаах, оҕонньор олус манньыйан, минньийэн туран кэпсэттэ. 

— Чэ, итинэн кэпсээним бүттэ. Бу сиэним кыыс ыҥырар. Бээ, бара охсуум, — диэн ыалдьыппыт тура эккирээтэ. 

— Оччоҕо ити үрэҕи уол маһынан оонньуурун иһин ааттаабыттар дуо? — испэр саныы олорбуппун өрүсүһэн ыйыттым. 

— Ити күөн көрсүһүү кэнниттэн дьон кистии-саба ити үрэҕи «Оҕо оонньообут үрэҕэ» диэн ааттыыр буолтар. Оннук эбитэ дуу, баай Сэмэни күлэн ааттаабыттара эбитэ дуу эбэтэр уу — олох төрдө буоларын кэрэһилээн эппиттэрэ дуу, ону билбит суох. Кэлин ити аат уостан уоска бэриллэн күн бүгүҥҥэ диэри иҥэн сылдьар дии, — диэн ыалдьыппыт тахсаары туран хоруйдаата. 

— Дьэ интэриэһинэй кэпсээн буолла, — таайым астыммыттыы ньилбэгин имэриннэ уонна быар куустан олордо. 

— Чэ, быар куустан баран олоруоҥ дуо? Тахсаҥҥын оҕуруоккар уу куппаккын ээ. Кэпсээн истэммит бириэмэ ааспытын билбэккэ хааллыбыт дии, — саҥаһым иһитин хомуйа сылдьан эрин соруйда. 

— Ити кэпсээн кэнниттэн үрэххэ да киирэр астык буолуо, бээ тахсан уута саамылыах, — таайым сиһин көннөрө-көннөрө бэйэтэ-бэйэтигэр хоруйдаата. Ол хамсана сылдьан ыалдьыппыт хаалларбыт куруускатын түөрэ тэбэн кэбистэ. Уу муостаҕа халыс гынна. 

— Оо, бу алдьархайы! Манна бэйэм халаан уутун ыыттым буолбат дуо? Бу курууска манна кэлэн турбута да баар, — дии-дии соторун быыһыгар мөҕүтүннэ. — Ити оҕонньор сөпкө этэр ээ, уу — олох төрдө диэн. Уута суох, кырдьык, туох да суох ээ, үүнээйи үүнүө дуу, кыыл-сүөл тэнийиэ дуу… — таайым ыалдьыппыт кэпсээнин тойоннуу-тойоннуу оҕуруотугар таҕыста. Солуурдарын туппутунан үрэххэ киирдэ. 

Үрэххэ оҕолор оонньообуттарын курдук оонньуу сылдьаллар. Бадаҕа, уу ньууругар тэлгэммит куорат мэндиэмэннээх дьиэлэрин үрдүнэн хаама сатыыллар. Үрэх урсуна хамсаннахтарын ахсын долгуннуран биэрэккэ охсуллар. Ол аайы оҕолор күлэн бычыгыраһаллар. Таайым күн уота ууга күлүмүрдүү сыдьаайарыттан хараҕын симириктии көрө-көрө оҕолору имэрийэ одуулуур. 

— Ии, барахсаттар, оонньоон чомполоно сылдьаллара үчүгэйин. Кинилэр да сотору улаатан сүүнэ киһи буолуохтара турдаҕа. Үрэх уутугар көрөр куораттарын сотору кинилэр салайыахтара. Ол эрэн, эмиэ да куттанабын ээ, куруускаттан уу тоҕулларын — үрэх халаанныырын курдук дьалхааннаах олох кинилэри ханна-ханна тириэрдиэй? Үйэ үрэҕин уҥуор-маҥаар хайалара эрдиэй? Ити кэпсэммит бухатыыр уол курдук хайаларын аата уос номоҕо буолан иһиллиэй? Чэ, ити кэлин, билигин оонньооҥ оҕолор, оонньооҥ, кэлин бу үрэҕи ханна да сырыттаргыт үйэ-саас тухары саныы сылдьыаххыт турдаҕа. 

Аграфена КУЗЬМИНА

Хаартыска: интэриниэттэн

* * *

 

Аграфена Кузьмина 2015 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Оо, эдэр саас!» сиэрийэнэн тахсыбыт «Киһи сүрэҕэ бэрт чараас» диэн кэпсээннэрин хомуурунньугуттан 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0