Оҕоҕо төлөбүр атырдьах ыйын 15 күнүттэн төлөнүө

Бөлөххө киир:

Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 21 күнүгэр Анал этиитигэр эрэннэрбит, 6-18 саастаах оҕолорго бэриллиэхтээх 10 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүрүгэр сайабылыанньа бэриллэр болдьоҕо бу тиийэн кэллэ.

Сайабылыанньаны от ыйын 15 күнүттэн “Госуслуги” портал нөҥүө, эбэтэр Биэнсийэ пуондатыгар баран биэриэххэ сөп. Төлөбүрү биэрии бэрээдэгэ, усулуобуйата чуолкайданна.

Оҕо 6 сааһын 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри туолар буолуохтаах. Ону тэҥэ, 18-23 саастаах, оскуолаҕа, интэринээккэ үөрэнэр инбэлиит эдэр дьон эмиэ ылыахтарын сөп. Сайабылыанньаны бэйэлэрэ, эбэтэр төрөппүттэрэ суруйаллар. Бу төлөбүр дьиэ кэргэн уопсай дохуотугар ааҕыллыбат (атын социальнай көмө миэрэлэрин ыларга).

Сайабылыанньаны от ыйын 15 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри Биэнсийэ пуондатыгар биэриэххэ сөп. Пааспар, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтэ, СНИЛС дааннайа, баан счетун реквизитэ наадалар.

Дьиэ кэргэҥҥэ хас да оҕо сааһынан хапсар буоллаҕына, барыларыгар биир сайабылыанньа суруллар.

Госуслуги” порталга сайабылыанньаны билигин да суруйуохха сөп. Тус кэбиниэккэ анал сурук (сайабылыанньа толоруллубут көрүҥэ) кэлэн сытар буолуон сөп. Ону бэрэбиэркэлээн, толорон биэрдэххэ, портал от ыйын 15 күнүгэр бэйэтэ ыытар. Бастакы төлөбүрдэр атырдьах ыйын 16 күнүгэр каартаҕа түһэн, төлөнөн барыахтара. Онон оҕону оскуолаҕа бэлэмнииргэ бириэмэ баар буолуо.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0