Оҕоҕо үс тылы тэҥҥэ үөрэтэр кыаллар дуо?

Ааптар: 
25.03.2019
Бөлөххө киир:

Урукку сылларга оҕо маҥнай төрөөбүт тылын баһылыахтаах, ол эрэ кэнниттэн төрөөбүт тылыгар тирэҕирэн атын тылы үөрэтиэхтээх диэн быһаараллара. Ол эрээри, кэлин олохпут уларыйан, учуонайдар оҕо икки, үс тылынан тэҥҥэ саҥарыан сөп диэн түмүккэ кэллилэр. Оттон Саха сиригэр хайдаҕый?

 edersaas.ru


Туох сыаллаах форумуй?

Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр аан маҥнайгытын “Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин: кэнэҕэски кэмҥэ инвестициялар” диэн оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы форума ыытылынна. Тэрээһин чэрчитинэн форум улахан мунньаҕа, сиэксийэлэринэн үлэлэр, “төгүрүк остуоллар” буоллулар, Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар быыстапкалар турдулар.

Бу барыта ылбычча ыытыллыбатаҕа чахчы. Ыам ыйын бүтүүтэ Москваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ тэриллиэхтээх. Саха сирэ манна “фокуснай” эрэгийиэн быһыытынан киирбит. Сахалыы быһаардахха, өрөспүүбүлүкэ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ инники күөҥҥэ тутар үөрүйэҕин, саҥаны киллэрии бастыҥ бырайыактарын тас дойдуларга, атын эрэгийиэннэргэ көрдөрүөхтээх. Хамыыһыйа, уопсайа, 264 үлэни көрбүтүттэн, 21 кыттааччыны чорбоппут. Ыам ыйыгар бу үлэлэртэн сүүмэрдээн илдьэллэрэ былааннанар.

Тыл – омук тыыннааҕын туоһута

Сиэксийэнэн үлэ биэс хайысханан барда. Тус бэйэм, төрөөбүт тылбыт инники дьылҕатыгар “ыалдьар” киһи быһыытынан, “Тыллар уонна оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин билиҥҥи проблемалара” диэн бэрт киэҥ хайысханы талан иһиттим. Куоракка, улуус кииннэригэр саха төрөппүттэрдээх эрээри, нууччалыы саҥарар оҕо үксээтэ. Оннооҕор кэлин тыа сиригэр оннук балаһыанньа үгүстүк бэлиэтэнэр буолла. Тииһигирэн туран сахалыы тыллаах бөлөххө биэрбит оҕоҥ, баара-суоҕа сыл аҥаарын иһигэр иннин-кэннин нууччалыы бэркэ быһаарса үөрэнэр. Тоҕо диэтэххэ, бөлөхтөрүгэр биир-икки нууччалыы тылынан кэпсэтэр оҕо баар буолла да, сахалыы тыллаахтар судургутук “сутуйуллаллар”. Ол кэннэ Ютуб содула буоларын дуу, төрөппүт үөрэтиитэ мөлтөҕүн дуу быһаарар уустук.

Куорат эйгэтигэр сахалыы үөрэтии

“Парус” оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Наталья Попова куорат эйгэтигэр олорор оҕолору саха тылыгар уһуйуу туһунан кэпсээтэ. “Бөлөхпүтүгэр 40 оҕо киирбититтэн сахалыы лоп-бааччы үс-түөрт эрэ оҕо саҥарара. Уонтан тахса эрэ оҕо сахалыы саҥаны барытын өйдүүрэ. Уоннааҕылар бары нууччалыы саҥарар, кэпсэтэр этилэр”, — диир. Төрөппүттэртэн анкета көмөтүнэн оҕолорун тоҕо сахалыы бөлөххө биэрбиттэрин туоһуласпыттарыгар, оҕобут саха тылын билиэн, инникитин саха кылааһыгар үөрэттэриэхпитин баҕарабыт диэн хоруйдаабыттар. Онон иитээччилэр “үтүө сарсыарданан” диэн тылтан саҕалаан, сахалыы эйгэҕэ сыһыарыыны саҕалаабыттар. Ол түмүгэр, аҕыйах сыл иһигэр көрдөрүүлэрэ тупсан, иитиллээччилэрин 84 % сахалыы тыллаах гимназияларга, оскуолаларга, кылаастарга барарга бэлэмнэнэллэр эбит. Ол эрээри, педагог оскуола иннинээҕи саастаах оҕону төрөөбүт тылынан сайыннарарга аналлаах хомуурунньуктар, босуобуйалар, методическай ыйынньыктар аҕыйахтара уустуктары үөскэтэр диэн бэлиэтиир.

 

Нууччалыы тыллаахтарга — саха тылын

Сиэксийэ кэмигэр нууччалыы тыллаах уһуйаан иитиллээччилэригэр сахалыы кэпсэтии тылын билиһиннэрии туһунан эмиэ бэйэлэрин үлэлэрин уопутуттан үллэһиннилэр. Ол курдук, “Золотинка” уһуйааҥҥа оҕолор тылларын саппааһын сыыйа эбэн иһэллэрин этэллэр. Бу барыта хамсаныылаах даҕаны, остуол оонньууларыгар да диалог быһыытынан барар эбит.

Уһуйааҥҥа – англия тылын

Тэрээһиҥҥэ аҥаардастыы саха, нуучча тылын эрэ буолбакка, англия тылыгар үөрэтии уопутуттан эмиэ кэпсээтилэр. Холобур, Дьокуускай куорат “Туллукчаан” оҕо саадыгар англия тылын эбии үөрэхтээһин быһыытынан 1986 сылтан киллэрбиттэр эбит. Бүгүҥҥү күҥҥэ иитиллээччи 45 % хабылларыттан, 65 % босхо дьарыктанар үһү. 2016 сыллаахха бастакы элбэх тыллаах (полилингвальнай) бөлөҕү арыйбыттар. Төрөппүттэр биһирээн, иккис бөлөҕү эмиэ тэрийбиттэр. Тас дойдуларга сэҥээриини ылбыт Галина Доля тус бырагырааматынан үөрэтэбит дэһэллэр. Манна аҥаардас тылы үөрэтиинэн муҥурдаммакка, оҕо талаанын сайыннарарга туһаайыллар диэн быһаараллар.

“Трапеция”, “квадрат”, “прямоугольник”

Педагог: “Сахалыы бөлөхтөр иитээччилэрэ, квадраты сахалыы туох диигитий?”, — диэн биир идэлээхтэриттэн ыйытаатын кытта, саала иһиттэн араас барыйаан бары этилиннэ: “трапеция”, “түөрт муннук”, “көнө муннук”. “Холобур, оҕоҕо түөрт муннуктаах фигуралары булан аҕал диэтэххэ, квадраты, уһун көнө муннугу, трапецияны булан аҕалар”, — диир. Бу курдук, омос көрдөххө судургу курдук эрээри, иитээччилэр көрсөр уустуктара элбэх эбит.

Хас тыл эппит иитээччи бары кэриэтэ нууччалыы-сахалыы тиэрмин тылдьыта ирдэнэрин, тустаах боппуруоска ордук саҥа үлэлээн эрэр эдэр иитээччилэр ыарырҕаталларын ыйаллар.

Итиниэхэ ханыылыы тыллар балачча элбэхтэр. Холобур, “оҕо саада” дуу, “уһуйаан” дуу, “биэбэйик” дуу, “детсад” дуу, “оҕо тэрилтэтэ” дуу? Хайата сөбүй? Бу тылларга учуонайдар, иитээччилэр бэйэлэрэ даҕаны мунаараллар. Кэккэ ааптардар түмсэн сахалыы тыллаах бөлөхтөргө аналлаах “Кустук” диэн бырагырааманы оҥоро сылдьалларын, маныаха тиэрмин боппуруоһугар үгүс уустуктары көрсүбүттэрин этэллэр.

Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс дириэктэрэ Надежда Мурукучаева сахалыы тылынан методическай босуобуйалары, үлэлэри, карточкалары оҥорор инниттэн преподавателлэртэн, көҕүлүүр устудьуоннартан турар быстах айар бөлөҕү тэрийиэххэ, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэригэр аналлаах нууччалыы-сахалыы тиэрмин тылдьытын таһаартарыахха диэн этии көтөхпүтүн бары биһирииллэрин биллэрдилэр.

Омук тыла – эбии дьарык

Төрүт оскуолалар үнүстүүттэрин дириэктэрэ Светлана Семенова омук тыла Саха сиригэр, билиҥҥитэ, эбии үөрэхтээһин, ол эбэтэр, дьарык быһыытынан киирэрин, оттон саха уонна нуучча тыллара үөрэх тыла буолалларын быһаарда. “Ол эрээри, бүгүн эһиги тыл этиигититтэн, тылга хайдах курдук уустук түгэннэр баалларын көрөбүт. Иитээччилэр, улуустан көһөн кэлбит төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы бөлөхтөргө биэрэллэр диигит. Ону сэргэ, Хатас курдук куораттан чугас сиргэ оҕолор нууччалыы саҥаралларыгар ыарырҕаталлар эбит. Эһиги этиилэргитигэр өрөспүүбүлүкэ, Дьокуускай куорат социолингвистическэй балаһыанньата барыта көстөр”, — диэн этэр.

Төрөөбүт тылы нөҥүөлээн

Ити тэрээһиҥҥэ биир даҕаны тылы кыбыппатах, туораттан көрөн, истэн олорбут киһи быһыытынан, англия тылыгар умсугуйуу баарын бэлиэтии көрдүм. Баҕар, биир кэлим эксээмэҥҥэ омук тыла булгуччулаах биридимиэт быһыытынан киирэн эрэриттэн төрөппүттэр эрдэттэн бэлэмниир быһыылара эбитэ дуу, эбэтэр тас дойдуга тахсар саха үксээн, тылдьыт, илии-атах көмөтүнэн кэпсэтэр кыһалҕаттан кэһэйэн эбитэ дуу, төрөөбүт тылларын нөҥүөлээн англия тылын үөрэтэргэ дьулуһуу баар эбит. Педагогтар ойон тура-тура уһуйааннарыгар англия тылын үөрэтии уопутун кэпсииллэр. Этэн аһарбытым курдук, урукку сылларга оҕо төрөөбүт тылын баһылыахтаах, ол эрэ кэнниттэн төрөөбүт тылыгар тирэҕирэн атын омук тылын үөрэтиэхтээх дииллэрэ. Оттон аныгы төрөппүт ирдэбилэ, көрүүтэ букатын атын.

Түмүк

Бүгүҥҥү суруйуум киэҥ кэпсэтииттэн сүрүн түгэннэрин чорботон эрэ бэлиэтээһин буолар. Туох да диэбит иһин, билингвальнай (икки тылынан) үөрэтиигэ киирэн эрэбит. Утарсан туһа суох. Арай, саха тылын атарахсыппакка, икки тылы тэҥҥэ тутан иитэллэрэ ирдэнэр. Оттон омук тылын судаарыстыбаннай, төрөөбүт тыл курдук, туспа бөлөх арыйан үөрэтэллэрэ төһө сөп эбитэ буолла? Уопуттаах учуонайдар эрэ билэн эрдэхтэрэ.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0